Ис хоһооно
“Саха сүөһүтэ” хааһына тэрилтэтэ, “Төрүт баай” уопсастыбаннай тэрилтэ, “Кыым.ру” саайт саха ынаҕын туһунан хоһоон уонна ырыа куонкуруһун биллэрэллэр. Саха оҕуһун туһунан эмиэ ылыллар.
Куонкурус икки түһүмэхтээх:
Ырыа хоһоонун суруйуу:
Кулун тутар 9 күнүттэн – муус устар 10 күнүгэр диэри уһатыллан ыытыллар. Бассаапка “Саха ынаҕын туһунан ырыа” бөлөх арыллыа.
Муус устар 12 – 15 күннэригэр норуот биһирэбилин бирииһигэр Кыым.ру саайтка куоластааһын ыытыллар.
Ырыа мелодиятын айыы:
Муус устар 10 - ыам ыйын 10 күннэрэ. Суруллубут хоһооннортон мелодия айааччы бэйэтэ ырыа гынан ыллаан, эбэтэр атын дьоҥҥо ыллатан видеоҕа устан ыытар.
Хоһооннор, ырыалар “Кыым.ру” саайтка тахсыахтара, бассаабынан тарҕаныахтара. Кыайыылааҕы анал хамыыһыйа быһаарыа.
Ырыаҕа норуот биһирэбилин быһаарыы “Кыым” саайтыгар уонна инстаграмыгар, “Саха ынаҕын туһунан ырыа” бөлөххө ыытыллыаҕа. Түмүк Ньукуолун күнүгэр таһаарыллыа.
Наҕараадалааһын:
Бары кыттааччылар анал туоһу сурук ылыахтара (эл.почтаҕа ыытыллар).
Саха ынаҕын туһунан бастыҥ хоһоон – 8 тыһ.
Бастыҥ ырыа (хоһооҥҥо, мелодия ааптарыгар) – 18 тыһ. солк.
2-3 миэстэлэргэ сыаналаах бириис туттарыллыа.
Кыттааччыларбыт олус көхтөөх буоланнар, бэрт элбэх үлэ киирдэ, онон үлэлэри муус устар 10 күнүгэр дылы тутуохпут диэн быһаардыбыт. Сүрүн кыайыылааҕы анал хамыыһыйа быһаарыаҕа. Маны таһынан, норуот куоластааһынын түмүгүнэн, саамай элбэх куолаһы ылбыт үлэ ааҕааччылар биһирэбиллэрин ылан, анал бирииһи тутуоҕа. Киирбит үлэлэргэ ырыа сурулуннаҕына, ону эмиэ саайтка таһааран куоластатан, бастыҥ ырыаны быһаарыахпыт.
Хоһооннору , ырыалары маннык аадырыска ыытаҕыт: Дьокуускай к. Кирова, 18, “Кыым” эрэдээксийэтэ.
Эл. Почта: Этот адрес электронной почты защищён от спам-ботов. У вас должен быть включен JavaScript для просмотра., Этот адрес электронной почты защищён от спам-ботов. У вас должен быть включен JavaScript для просмотра.
Тэрийэр бөлөх