Сельтюкова Алла Руслановна-Айаалла
-
-
САХА ЫНАҔА
Хоту дойду чысхаан тыалын,
Халыҥ хаарын тулуйаҥҥын,
Уһун кыһын тыйыс тыынын
Уорааннарын аһараҥҥын,
Үөскээн,төрөөн тэнийэҥҥин
Үйэлэри уҥуордааҥҥын,
Саха ынаҕа былыргыттан
Саха,дэтэр бастыҥ баайбыт.
Кылгас сайын алаас,сыһыы
Күөх отугар мэччийэҥҥин,
Арыы аллар,сүөгэй үллэр
Ааттыын хойуу үүттэнэҥҥин,
Үрүҥ илгэ үрүлүтэн
Үйэлэргэ үтэлээҥҥин,
Саха ынаҕа былыргыттан
Саха,дэтэр бастыҥ баайбыт.
Айыы сирин айылҕатын
Айылгытын сөбүлээҥҥин,
Дьоһун-мааны саха дьонун
Далбаргынан аһатаҥҥын,
Төрүт үгэс үүнэн-сайдан
Төлкө түһүн үйэтитэн,
Саха ынаҕа былыргыттан
Саха,дэтэр бастыҥ баайбыт.
Ньурба-Хорула,
02.04.2021 с.
Сэҥээриилэр