Екатерина Александрова - Ылдьаа кыыһа Кээтии
-
-
Эриэҥкэйим барахсан
Ынахчааммын көрдөөммүн
Аргыый хааман иһэбин,
Алтан оттоох хонууга
Дьиэрэҥкэйдээн ылабын.
Сыһыы-толоон аайытын
Ынах-сүөһү элбээбит,
Нүөл сирэми кэрийэн
Көҥүл күөххэ үктэммит.
Эриэҥкэйбин буламмын
Һайдыы-һайдыы хаамабын,
Сайылыкка аҕалан
Сөрүүн сиргэ баайабын.
Эриэҥкэйим ыанньыйан
Сирилэччи үүт ыатым,
Үрүлүйэр үүтүнэн
Ыаҕыйабын толордум.
Үрүҥ илгэ аһынан
Оҕолорбун аһатыам,
Сүөгэй-арыы оҥорон
Билсэр дьоммун кэһиилиэм.
Ыллыыр ырыам дьиэрэйдин
Уйгу-быйаҥ элбээтин,
Үөрүү-көтүү үксээтин
Өрөгөйбүт үрдээтин.
Бэрдьигэстээх, Горнай
Сэҥээриилэр