САХАМ ЫНАҔА
Былыргы ол быдан
............дьыллартан
Омукпут Саргытын
............түстээбит,
Өлгөм эт, хойуу үүт
............быйаҥнаах
Сахабыт ЫНАҔА
............айхаллан!
..........хос ырыата
Аламай МЫЛАХСЫН
............ АЙЫЫЛААХ
Эстэ быста-быста
............ салҕанар,
Сахам, төрүт-удьуор
............ ЫНАҔА
Саргыта салаллан
............тэнийэр !!!
Өбүгэ саҕаттан
............бүөмчүлээн
Бор саха ынаҕын
............ииттэбит.
Хороҕор муостааҕы
............арчылаан
Сахабыт ЫНАҔЫН
...........туойабыт.
............ хос ырыата
Сайылык аайытын
............ айаатыыр
Дуулаҕа саадьаҕай
............оҕустаах,
Ичигэс көп, хойуу түү
............ өттүктээх
Сахам дьиҥ — боруода
........... ЫНАҔА.
............ хос ырыата
Томороон тымныыга
............тулуһар
Ураанхай бу - дьоҕус
............ ЫНАҔА ,
Муус болгуо кыһыннаах
............ дойдубар
САЙДАН, ҮКСЭЭН ИҺИИЙ
............ барҕара!
........... хос ырыата
Уус Алдан, Бэйдиҥэ.
03.04.2021с.
Сэҥээриилэр