Киир

Киир

Булт сорсуннаах соноругар өр сылларга сылдьыбыт Дьөгүөр Киргиэлэйэп булт туһунан сэһэргээбититтэн.
 
 
 
Маҥнайгы булдум
   Олох кырабыттан дьонум бултуулларын көрөн улааттаҕым. Кинилэр хайдах тутта-хапта сылдьалларын кэннилэриттэн түһэрсэн иһэр быһылааҕым. Оттуу сылдьан чааркааннаан саҕалаабыппын өйдүүбүн. Бастаан утаа туох да иҥнибэккэ сордообута.
   Биирдэ тиийбитим, доҕоор, туох эрэ иҥнэн сахсайан аҕай сытар! Мин үөрүүбүттэн арааран ыллым да, дьиэбэр ыстанным. Оччотооҕуга мин саҕа бултуйбут чугаһынан суохха дылы буолан ылла быһыылааҕа.
   Ити курдук аан маҥнайгы булдум — күһүҥҥү эмис үгүрүө. Булдум соноро итинтэн саҕаламмыта. Бастакы булпун ийэм бэйэбэр үөлэн биэрбитэ. Булдум үөлүллэн турарын кэтээн көрө сылдьыбытым. Сыата тохтон бөҕө буола турара.
   Үгүрүө оннук уойарын кэлин билэ иликпин. Оо, минньигэһин эриэхсит! Ол саҕана окко сылдьан хараны биһиги соччо сиэбэт кэммит быһылааҕа. Наар үлэҕэ эриллэн тахсарбытын өйдүүбүн. Оччотооҕу аас-туор кэм сиэринэн сылаас лэппиэскэ сиэтэххэ — үөрүү.
 
Көһөрүү. Күлүк Уус
   Нэһилиэктэри бөдөҥсүтүү саҕанааҕы кэм. Биһиги Киирэпкэ саҥа көһөн кэлбит кэммит. Төһө да көспүппүт иһин, дойдубут барахсаны санаан аһарар буоллахпыт.
    Күлүк Уус диэн биһиги эҥээр уус оҕонньор баара. Сардаҥаҕа эрэ олорон уһанар киһи буолбатах этэ. Балаҕаччынан, Күүлэттэринэн эргийэн сэби-сэбиргэли оҥорон, уһанан кэлэрэ. Оччотооҕуга хантан сыбаарка-той кэлээхтиэй, тимир көлө алдьанан хааллаҕына, хайдах баарын курдук кутан, иһэрдэн оҥорор уус этэ.
   Ол оҕонньор оччолорго тутаах уус буолара. Ханан-ханна тиийэн ыҥырыкка сылдьан уһанарын чопчу билбэппин.
 
Отучча улар олорон хаалбыта...
   Маҥнай Киирэпкэ көһөн кэлиибитигэр Күлүк Ууһу кытта биир дьиэҕэ олоро сылдьыбыппыт. Биирдэ “Күүлэт диэки бара сырыттым” диэн оҕонньорго урут бултаабыт аҕай сирдэринэн тэлэһийэн кэлбиппин кэпсээтим. Дьыыппаҕа тиийэ сырыттым диэн оҕонньорго сырдаттым. Ону оҕонньор сэргээн:
   — Оок-сиэ, бу дойдуну буларбыт саҕана, Дьыыппаны тахсыыга, отучча улар олорон хаалбыта ээ... Туоһапкам эргэрэн хаалан, бэйэм да кырдьан, таппаккабын, биир хаа ботуруону ыта сатаан баран, киэһэ кэлбиттээхпин, — диэбиттээх.
   — Хайдах ол отучча уларыҥ, аныаха дылы, отучча сыл тухары биир сиргэ олоруоҕай, биир да хаалбатах... — диэн тэптэрэн биэрэбин. Ол аата оҕонньор “Тугу бултуйдуҥ? Улар баар дуо? Булт хайдаҕый?” диэн оннугар таайтаран ыйытарын курдары сэрэйэбин. Оҕонньор тыла эҕэлээх, дьээбэ соҕус буолара.
 
Өссө биир дьээбэ
   Оҕонньору дьээбэлээммин:
   — Хайа, оҕонньор, тоҕо сүтэн-оһон хаалаҕыный? Билигин да үчүгэйгин дуу? – диэн “ойоххо сыһыан” туһунан таайтара ыйытабын.
   — Ээх. Оннук. Эн 80-ҥар тиийэргэр көрүөхпүт, — диэн күлбүттээх.
Онтон иккиэн олорон эрэ мин аҕыс уоммар тиийиибэр кини хастаах буолуохтааҕын суоттаан күлсүбүттээхпит. Дьэ ити курдук дьээбэ тыллаах оҕонньор этэ.
 
Тайах дии санаабытым
   Балааккам диэки киэһэлик борук-сорук саҕана кэлэн иһэн хатыҥнар быыстарыгар көрө түспүтүм – тайах хараара багдаллан турар! Мин биир хамсаныынан сүгэһэрбин быраҕаат, тыам барахсан кэһиитин уура сытар эбит дии санаат, сүнньүөх укта, өрүү тумнан ааһар хаспахпын билбэккэ үрдүнэн ааспыппын. Мастар олох элэҥнэһэн олороллор. Чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр ытарга табыгастаах аһаҕас соҕус сиргэ тахсыбытым — сылгы буолан хаалла!
   Хараҥа өҥнөөх сылгыны хата ситэ көрбөккө эрдэ ыппатахпар махтал! Киһи сылгытын ытан кэбиһэн аньыыны оҥостубатахпар айыыларбар улаханнык махтанан турабын.
   Хор, ол курдук сылдьарбыт тухары булду кэтэһэн, күүтэн эрдэхпит. Аһара кэтэспит санаабар сылгы мас быыһынан тайах буолан көһүннэҕэ ол.
 
Биир хардыы хаалбытын кэннэ...
   Мас көтөрүн туһаҕын саҕана урут турар-турбат барыта кэриэтэ бултуур буолара. Биһиги эмиэ дьонтон хаалсыбакка туһахтанар этибит. Арыт “эн-мин сирим” дэһэн, харыстаан сылдьыһар сирдэрдээх этибит. Сорох киһи туһахтыыр сиригэр атын киһи киирэрин сөбүлээбэт идэлээх.
   Оччолорго эдэрсибит. Биирдэ атаспын кытары кыттыһан сырыттыбыт. Биир оннук сиргэ тиийэн бултаммыта буоллубут. Табаарыһым хантан билиэ баарай, киһи туһахтыыр сириттэн биир хара улар көтөөтүн ытан ылбыт этэ.
   Байанай барахсан бэрсибитигэр биһиги үөрэр буоллахпыт. Кыраны да бэристэҕинэ биһиги үөрэн хаалар дьоммут. Дьэ, онтон кэлин биһиги туһахтана сылдьыбыппытын истэн, аттыбар бултуур атаһым: “Соруйан туһахпар иҥнэн эрэр улары ытан ылбыккын. Туһаҕы кэтэрэ оруобуна биир хардыы хаалтын кэннэ, көтүтэн баран, түҥнэри тэптэрэн ылбыккын!” диэн миигин мөҥүттүбүттээх...
   Дьэ, улар хардыытын суоттаа! Соруйан туһахха киирэн эрэр улары ыппыт курдук этэн соһутан турар. Баай хара тыа баайыттан көҥөнөр төһө туһалааҕа эбитэ буолла.
    Көрөн турбут суох. Улар ол биир хардыыта кырдьык чугас дойду... Өссө ол туһаҕын маһыгар олоро түспүт курдук кэпсиир этэ. Дьэ оччотугар, кырдьык кыһыылаах буолуон эмиэ сөп курдук.
   Саха киһитэ арыый дарбатан биэрэрэ баар суол. Абарбыт санааҕа ол-бу тыл-өс тахсан хаалара ханна барыай, баар бөҕө буоллаҕа. Ол эрээри, Баай хара тыа булда-алда — хотоммут иһинээҕи буолбатах.
 
Улар туһунан
   Урут эдэр эрдэхпинэ оҕонньоттор бултуулларын кэпсээччилэр. Билигин биһиги булт туһунан тугу эмэкэпсиир буолан олордохпут.
   Улар таалалыыр сирин булаллар эбит. Хаары хаһан кумахха таалалыыр идэлээх эбит. Онно кыһыннары-сайыннары наар кэлэн таалалаан таастаан сиир сирдээх буолар.
   Ону көрө сылдьаннар туһах иитэллэр эбит. Саха киһитэ биир сылынан эрэ муҥурданан бултаабат толкуйдаах. Наар сиир, бултуур сирдэрин харыстаан сылдьар. Ону сорох ситэ өйдөөбөт, “көҥөнөр” диэн сөп.
   Имири эһэн кэбиспэт курдук тэринэллэрэ. Ол сиэринэн мин эмиэ туһахтыы сылдьан улар суола аҕыйаан барда да, тохтуурум. Туһахтарбын эһэттээн кэбиһэрим. Эһиил кэлэн туһахтыырым, улар этин сиирим диэн эмиэ баар буоллаҕа.
   Төрүттэрбит туохха барытыгар маннык сыһыаннаһаллара. Хаһан да күннээҕинэн көөчүктэнэн олорбот оҕонньоттор этилэр. Ол иһин хаһан да булдунан эстэн-быстан хаалбыттара иһиллибэт.
   Билигин бултуур буоллулар да, кимтэн эрэ көҥөммүт курдук, барытын имири эһэрдии бултуу сатыыллар. Урут сорох булчут “эһиил кэлээр” диэн баран ордорон ыытара. Сымыыттыырыгар наар биири-иккини хаалларар идэлээҕэ.
   Бу үгэспитин тутуһуннара үөрэппэтэхпитинэ булпут сыл аайы аҕыйыы туруоҕа. Билигин булт быста аҕыйаабыт кэмигэр, булт суруллубатах сокуонун тутуһар кэм кэллэ.
 
Өлүктэ
    Былыргы киһи сылдьарын тухары наар айылҕаттан бэриһиннэрэн, ону хаһаанан, тутан-хабан сылдьара. Оҕонньоттор сиргэ сылдьан тутта-хапта, дьаһана сылдьаллара табыгаһа сөхтөрөр этэ.
   Аҕам аах, бу олорон санаатахпына, арааһа уутун-маһын тэҥнээн отууланар эбиттэр. Хайдахтаах да тыаллаах күн, ол отуу төһө да аһаҕас сиргэ турар курдугун иһин, уот ытыллан, хамнаан көрбөккө күөһү оргутара.
   Билиҥҥи курдук тимир көлөнөн тиэнэ сылдьыы суох буоллаҕа. Уута, маһа чугаһын талаллара. Барыта уунан ылар чугас сир буолуохтааҕа. Ити курдук айылҕаларын аһара үчүгэйдик билэр, туһанар этилэрэ. Сиргэ хоно сылдьан хотуулаахтык оттууллара. Төһө да барыта илиинэн киирсибиттэрин иһин, кэмигэр бүтэрэн-оһорон иһэллэрэ.
   Биирдэ аҕам отуутугар чэйдэнэ сырыттахпытына табалаах киһи кэлбитэ. Ыҥыыр табалаах Лоҥтуо оҕонньор диэбиттэрэ. Түһэн чэйдэспитинэн барбыта. Лоҥтуо Уола Харыйалаахха бадыбаалга эмээхсинин кытта олорор кэмэ. Ол бадыбаалга, хортуоска хаһаанар сиргэ олорор оҕолоругар, тыаттан эт аҕала киирэн иһэр эбит этэ.
   Чэйдииригэр биһиэхэ барыбытыгар өлүктэ диэн хатарыллыбыт таба этин биэрбитэ. Табатыттан ылан, аҕабыттан саҕалаан барыбытыгар аахтара туттартаабыта. Бу аһы сиикэйдии да, мииннэнэнэн да сиэххэ сөп.
   Таба этин буруоҕа хатараллар. Буруоҕа ыыһаммыт эт. Ылан амсайан көрбүтүм, доҕоор, туох да минньигэһэ сүрдээх! Аҕам эмиэ амсайан көрбүтэ.  Мин өссө көрдөөбүтүм. Аҕам биэрэ сылдьыа дуо: “Ийэбитин кытта сиэхпит. Аһаабыт аһа” диэбитэ. Былыр таба баарына өлүктэни мин ийэм үчүгэйдик оҥороро үһү.
   Эбэбит уҥуор оттоон хоно сыппыппыт. Уҥуор тыынан тахсан ол киэһэ өлүктэ сиир буолбуппутун курдаттыы сэрэйбитим. Үөрбүтүм.
   О, ол өлүктэ амтана үчүгэйэ эриэхсит! Эмис таба этин буруоҕа туталлара сыата уулан баран эккэ иҥмитэ туспа амтаны биэрэр!
   Өлүктэнэн ыһыктанан төһө баҕар ыраах табанан да, сатыы да сылдьыахтарын сөбө. Ыһык диэммит ыыһаммыт диэнтэн таҕыстаҕа буолуо ээ.
   Онон төһө да былыргытын иһин, ити билигин итии ууга үлүннэрэн сиэнэри биһиги да дьоммут бэркэ сатыыллара. Билиҥҥигэр холоотоххо, ол бэйэбит аспыт холооно суох ордук буоллаҕа.
 
Дьээбэ оҕонньор
  Лоҥтуо оҕонньор, туһугар, киһи өйүгэр-санаатыгар хатанан хаалар киһи этэ. Уҥуоҕунан быычыкаа, лаппычах курдук. Тоҥус оҕонньоро.
  Тыаҕа наар бултаан-алтаан тыыннаах хаалар туһугар өрө мөхсө сырыттаҕа. Бииргэ сылдьыһар ойоҕо, биллэн турар, суох буолуохтаах. Ол иһин эбитэ дуу, биһиэхэ кэлэн лааппыга киирдэ да, дьахталлары кибиҥнээбитинэн барара. Кууһан ылла да дьахталлары саакка киллэртиир дьээбэ оҕонньор этэ.
   Оччолорго да мин соччото суох курдук көрөрүм. Эмээхситтэр саҥа-иҥэ бөҕө буолан айманалларын өйдүүбүн. Ол аайы оҕонньор кумаардаан да көрбөтө. Оннук дьээбэлии-дьээбэлии бара турара. Көнөтүнэн буола сылдьыа баара дуо, син туохтаах эрэлээх буолан кибиҥнээн эрдэҕэ.
   Ол иһин лааппыга тыаттан кини кэлбит сураҕын иһиттилэр да, биир да дьахтар аймах киирбэт буолан хаалара. Хайа дьахтар кэнниттэн куустаран ылан, дьон ортотугар кибиҥнэтэ турарын сөбүлүөй!
 
Биэс батас
   Эдэрси эрдэхпинэ Бөтүрүүскэ оҕонньорго батастар баалларын көрөн аһарбыттаахпын. Ол аата батаһы охсор уустар дойдубутугар бааллар эбит. Кыргыс кэмигэр ол батастарынан, кылыстарынан икки атахтаахтан, тыҥырахтаахтан, аһыылаахтан көмүскэнэн сырыттахтара. Кэлин ол батастары, тайыылары булка эрэ туһана сылдьыбыттара.
   Ол биилээхтэри Соокуут оҕонньор оҥотторбут буолуон сөп диэн сабаҕалыыбын. Мин сабаҕалааһыным оннук. Эрдэтээҥҥи уонна атын буочардаах уус уһаммыт этэ. Күлүк Уус буочарын билэбин. Ол батастары атын уус таптайбыта чахчы.
   Мин да оччолорго молохочуос буоллаҕым. Урут бу кэлин норуоппут баайа буолуо диэн өйдөөбөт эбиппин. Билигин кэлэн ол батастар сүтүтэлээн хаалбыттарын кэннэ, хайа уус охсубутун быһаарбат буоллахпыт. Уруккуну сыаналаан, харайан илдьэ сылдьыбыт буол, билигин оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр көрдөрүөххэ, кэпсиэххэ сөп этэ.
   Ол батастары угун чугаһынан кэлгийэллэр эбит этэ. Нарын соҕус оҥоһуулаахтара. Туох ураты бэлиэлээҕин өйдөөн көрбөтөхпүн. Биэс батас биир уус оҥоһуга этэ. Бары кырыллыбыт курдук үкчү этилэр. Оҕонньор кэккэлэтэ сытыарар этэ.
   Сылдьааччы элбэх буоллаҕа. Билигин биир эмэ киһиэхэ хараллан сытыан сөп. Бииргэ бултаспыт, сылдьыспыт дьонугар баар буолуохтаах. Абырасыал Өлөксөйгө тиксибит буолуохтаах. Онтон ханна барбыттарын хантан билиэхпит баарай.
   Олору мин арҕахха киирэргэ тайаналларыгар туһаналлара буолуо дии саныыр этим. Тоһуйан биэрэн баран, сорохтор туораан биэрэллэрэ эбэтэр кэлбит уоҕун туһанан, биилэригэр түһэрэн, ылан үрдүлэринэн эһэн кэбиһэллэрэ үһү! Дьэ, сөҕүмэр күүс диэтэҕиҥ! Сорохтор олох да кыһыл илиилэринэн, харыс быһахтаах эрэ киирэллэрэ диэн кэпсээччилэр.
 
Сэһэргэстэ Бүөтүр БӨТҮРҮӨП.

Санааҕын суруй