"Кими да таҥнарбатаҕым"
Кэм-кэрдии аастаҕын аайы, бу бутуурдаах, быыһык кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар ол эбэтэр инники кирбиигэ сылдьыбыт дьоммут уустук да суолу ааспыттар диэн өйдүүгүн. Биһиги Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата, Саха АССР Совминын Бэрэссэдээтэлэ, XII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Климент Егорович Иванову кытта кэпсэтэбит.
– Климент Егорович, Уларыта тутуу сыллара үүммүттэригэр, онтон салгыы даҕаны, бу “дойдубут ыhыллан эрэр” диэн сэрэхэдийэр санаа охсуллан ааспатаҕа дуо?
– Саҥаттан киһи мэлдьи даҕаны сэрэхэдийэр буоллаҕа. Ол курдук, М.С. Горбачев 1980-с сыллар ортолоругар дойдуга Уларыта тутууну биллэрбитигэр ис дууһаҕа долгуйуу, араас санаа ханна барыай – баар этэ буоллаҕа. ССКП өттүттэн күүстээх өйдөтөр үлэ уонна сөптөөх тэрээһин үлэтэ ыытыллыбатах буолан, дойдубут ыарахан экэнэмиичэскэй кириисис ытарчатыгар ылларбыта. М.С. Горбачев “экэниэмикэни салайыы ньымаларын уларытабыт, дойдуга дьон көҥүл санаатын үөскэтэбит” диэн ис хоһоонноох дойдуну салайыы бириинсиптэрин уларыппытын Политбюро сорох чилиэннэрэ утарсан, ГКЧП тэрийбиттэрэ. Онно дьиксинии, долгуйуу күүһүрбүтэ, баартыйа, судаарыстыбаннай үлэһиттэргэ эрэ буолбакка, дьоҥҥо-сэргэҕэ барытыгар да долгутуулаах күннэр-дьыллар этилэр.
– Эн ССРС Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата буолан, оччотооҕу олох оргуйар киинигэр сырыттаҕыҥ. Туох кэпсэтии, мөккүөр барарай?
– 1989 сыл муус устарыгар Сэбиэскэй Сойуус устуоруйатыгар аан бастаан ССРС Үрдүкү Сэбиэтин дьокутааттарын быыбара альтернативнай төрүккэ олоҕуран ыытыллыбыта. Саамай итэҕэтэр, дьон санаатын түмэр кыахтаах киһи талыллар кэмэ кэлбитэ. 1989 сыллаах ССРС Үрдүкү Сэбиэтигэр Саха сириттэн 16 киһи талыллыбыта: 2 дьокутаат – Сойуус Сэбиэтигэр, 14 – национальностар Сэбиэттэригэр. Мин онно эмиэ талыллыбытым. Сийиэскэ кэлэрбитигэр Москубаҕа быһыы-майгы чыҥха уларыйбыт этэ. Уулуссаҕа, болуоссакка таҕыстахха, сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри айдаан-куйдаан ортотугар сылдьарыҥ: араас былакааты туппут демонстраннар күргүөмүнэн анньан ааһаллара. Болуоссаттарга толору мустубут дьон миитиннэригэр баартыйаны утары араас луоһуну хаһыытыыллара. Урут хаһан да манныгы көрбөтөх-истибэтэх дьон улаханнык дьулайбыппыт. Баартыйа дьаһалын быһаччы толоро сылдьыбыт дьон норуот иннигэр ССКП аптарытыата түһүүтүн ыараханнык ылыммыппыт (Прокопьев Ю.Н., Ягнышев В.М., Игнатьев И.Г. уонна мин). Оттон эдэр дьокутааттарбыт баартыйа устаабыгар буспатах-хаппатах көҥүл санаалара чугас соҕус сылдьыбыт быһыылааҕа. М.М. Яковлев, П.Д. Осипов, Н.Н. Петров, С.В. Бойков олус соһуйбакка, олохтоох дьон тылын-өһүн интэриэһиргээн истэллэрэ.
Сийиэс биир хонук иннигэр М.С. Горбачев РСФСР-тан талыллыбыт дьокутааттары мунньан, бастакы сийиэһи ыытыы бэрээдэгин билиһиннэрдэ, Арассыыйа дьокутааттара сүрүн түмэр күүс буолуохтаахтарын эттэ, уопсай платформаны оҥосторго этии киллэрдэ. Ол эрээри радикаллары уонна консерватордары кириитикэлээн киирэн биэрдэ. Бэрт улахан саала ыҥырыа уйатын тоҕо тардыбыт курдук буолла. Дьэ, доҕоор, буолан туран кэллэ ээ! Бииртэн биир дьокутаат, ойон тахса-тахса, сийиэһи баартыйа баһылаан ыытаары гыммытын, аҥаардастыы дьаһайарын күүскэ утардылар.
– Академик Сахаров баара дуу?
– Дьэ, кини онно туттумалаабыта. Миэстэтиттэн саала ортотугар турар микрофоҥҥа кэлэ-кэлэ хаста да төхтүрүйэн, 2200 кэриҥэ норуодунай дьокутааттан 99 эрэ киһи хомуньуус баартыйа аатыттан талыллыбытын, онтон атыттар альтернативнай төрүккэ олоҕуран талыллыбыттарын, сийиэс көҥүллүк, ханнык да баартыйа дьаһайыыта суох барыахтааҕын туруоруста. Кинини өйөөн, Ю.Н. Афанасьев, П.Х. Попов, А.А. Собчак уоттаах-төлөннөөх тыл эттилэр, Политбюро чилиэннэрэ уруккулуу бүрүсүдьүүмҥэ күргүөмүнэн тахсан олороллорун утаран, сийиэһи ыытарга анал хамыыһыйаны сийиэс бэйэтэ таларын туруорустулар. Улахан мөккүөрү тардыбыт мунньах туох да түмүгэ суох барбытыттан санаа түһүүлээх тарҕаспыппыт.
I сийиэс олус айдааннаахтык ааспыта. Чуумпу пленумнарга, сиэссийэлэргэ үөрэммит дьон улаханнык соһуйбуппут. Сийиэһи М.С. Горбачев аспыта, саҕаланыаҕыттан “радикаллыы” хайысхалаах дьокутааттар күннээбиттэрэ: “баартыйа диктатурата бүтүөхтээх, сэбиэскэй уопсастыба реформаланыахтаах, дэмэкирээттии сайдыы суолун тутуһуохтаах” диэн луоһуну өрө анньыбыттара.
Бүтэһик күн радикаллыы дьокутааттар эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы бөлөҕү тэрийбиттэрэ. Ону А.Д. Сахаров салайбыта. Сахаров II сийиэс аһыллыытын саҕана олохтон туораабытыгар, аны Б.Н. Ельцин “баһылаабыта”. Кэлин, Сэбиэскэй Сойууһу оннунан хаалларар, бөҕөргөтөр сыаллаах “Союз” диэн бөлөх тэриллибитигэр мин онно киирбитим. Сэбиэскэй Сойууһу салгыы сайыннарарга, бөҕөргөтөргө актыыбынайдык туруорсар этибит. Мин сийиэскэ, сиэссийэлэргэ 12-тэ тыл эппитим: Сэбиэскэй Сойууһу сатарыппакка, Сойуустуу дуогабары ылынарга, автономнай өрөспүүбүлүкэлэр сайдыыларыгар болҕомтону күүһүрдэргэ, боломуочуйаларын үрдэтэргэ диэн. Хомойуох иһин, ССКП Политбюротун иһигэр уларыта тутууга биир сомоҕо санаа суох буолан, нэһилиэнньэ өйө-санаата сатарыйан, экэниэмикэни уларытарга сөптөөх тэрээһин үлэ суоҕуттан, дойдуну суостаах кириисис хам туппута. Ити барыта улуу Сэбиэскэй Сойуус сатарыйыытыгар тиэрдибитэ.
– Ити күчүмэҕэй күннэргэ манна син туох эрэ үлэ бара турдаҕа дии?
– Ээ, баран буоллаҕа! 1990 с. ахсынньы бүтэһик күннэригэр мин альтернативнай төрүөккэ олоҕуран, өрөспүүбүлүкэ XII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин сиэссийэтигэр өрөспүүбүлүкэ Миниистирдэрин Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлинэн талыллыбытым. Дойдуга, өрөспүүбүлүкэҕэ бэлитиичэскэй-экэнэмиичэскэй балаһыанньа олус уустугурбут этэ.
Саха сиригэр ССКП обкома, райкомнар, бартыыйы-най тэрилтэлэр тигинэччи үлэлии олорбуттара. Миигин, өрөспүүбүлүкэ Совминын Бэрэссэдээтэлэ буоларым быһыытынан, ССКП обкомун састаабыгар киллэрбиттэрэ. Мунньахтар, дьүүллэһиилэр буолаллара. Онно балаһыанньаттан хайдах тахсар туһунан санаабын элбэхтик этэрим. Олохтоох салалтаҕа утарылаһар күүстэр, нууччалыы эттэххэ, “оппозиция”, нэһилиэнньэҕэ дьайыыта эмиэ улахан этэ.
1989 с. ортотугар Үрдүкү Сэбиэт дэлэгээссийэтин састаабыгар Кытайга тахса сылдьыбыппыт. Кытайга Дэн Сяопин ыытар бэлиитикэтэ дойдуга сайдыыны түргэтэппитин көрөн сөхпүппүт. Кытайга 18 көҥүл экэнэмиичэскэй зона тэриллибит этэ, дойдуну сайыннарыы бырагырааматын 2-с кэрдииһигэр киирбиттэр этэ. Былааннаммыт экэниэмикэттэн социалистическай ырыынак систиэмэтигэр киирбит, экэниэмикэ салааларыгар эрэгийиэннэр боломуочуйалара муҥутуурдук үрдээбит этэ. Үөһэттэн дьаһайыыны хааччахтыыр, эрэгийиэннэр сайдыыларын бэйэлэрэ былаанныыр, тэрийэр, бородуукталарын батарар бырааптаахтара. Атын дойдулар хампаанньаларын кытары кыттыгас үлэлиир, инбэстииссийэни ылар көҥүллэммэт этэ. Тыа хаһаайыстыбатыгар, “норуот хомууналарын” ыһан, кэпэрэтииптэри, бэдэрээт ньыматынан үлэлиир бааһынай хаһаайыстыбалары тэрийэн үлэлэтэллэрэ үтүө түмүгү биэрбит. Онно норуот Дэн Сяопин бэлиитикэтин сэҥээрэрин, өйүүрүн туһунан истибиппит. Кытай биир салайааччыта биһиэхэ “Куоска хайдах өҥнөөҕө суолтата суох, кини кутуйаҕы эрэ элбэхтик туттун” диэн кини этиитин санаппыта. Ол экэниэмикэни салайыыга идеология буолбакка, салайар ньыма ордук наадалаах диэн өйдөбүлгэ тэҥнээх.
– Тоҕо олорон биэрии буолбута дии саныыгын?
– Мин үлэлиир кэммэр обком бартыыйынай актыыптарыгар уонна пленумнарыгар баартыйа саҥа бырагырааматын уонна устаабын бырайыагын дьүүллэһии бара турара. Ол эрээри дойдуга бара турар тосту уларыйыыны ол учуоттаабат этэ. Бырагыраамаҕа уонна устаапка уларытыыны киллэриэххэ, хаһаайыстыбаннай уорганнары салайыыга аныгылыы бириинсипкэ көһүөххэ, баартыйа устаабыгар аныгы дэмэкирээтийэ үйэтигэр эппиэттиир уларытыылары киллэриэххэ диирим. Ол учуоттамматаҕа, бырагыраама уонна устаап бырайыактарыгар туох да уларытыы киирбэтэҕэ. Баартыйа кууруһун халбаҥнаппакка, кимиилээхтик үлэлиэҕиҥ диэн ыҥырыылар «дьиҥнээх хомуньуустартан» дуорайбыттара. Ол аата, биһиги өрөспүүбүлүкэбит обкома ССРС эппиэттээх кэмигэр ССКП үлэтин саҥардарга, дойдуну салайар күүс быһыытынан хаалларарга күттүөннээх көмөнү оҥорботоҕо.
– Дьиҥэ, туохтан саҕаламмытай?
– 1986 сыллаахха кулун тутарга буолбут ССКП XXVII сийиэһигэр М.С. Горбачев көҕүлээн, ССРС-ка радикаллыы бэлиитикэ реформатын ыытарга уураах ылыллыбыта: “Уларыта тутуу сүрүн ис хоһооно норуот бэйэтин дойдутун хаһаайына буолара” диэн. Ол салгыҥҥа ыйаммыта. ССКП салалтатын дьаһаллара бытаарбыттара, олоххо киирбэтэхтэрэ. Экэниэмикэ соҕотохто курулаан таҥнары түспүтэ. Биллэриллибит көҥүл санаа тыына сампаан эстэрин курдук төлө барбыта. Баартыйаны кииритикэлээһин муҥутуур чыпчаалга тиийбитэ.
Онтон ити барыта салгыы баран, ССРС үрдүкү Сэбиэтин II сийиэһэ 1989 с. ахсынньытыгар ССРС Конституциятын 5-с ыстатыйатын устан кэбиспитэ. Онно “ССКП – сэбиэскэй уопсастыба салайар уонна дьаһайар уоргана” диэн этиллэрэ.
1991 с. балаҕан ыйын 20 күнүгэр Сойуустуу дуогабарга илии баттаан, ССРС оннунан хаалыахтаах этэ. Ону биир хонук иннигэр 1991 с. балаҕан ыйын 19 күнүгэр ГКЧП өрө турар. Дьолго, гражданскай сэрии буолбатаҕа. 1991 с. балаҕан ыйын 24 күнүгэр М.С. Горбачев ССКП Киин Кэмитиэтин генсегин дуоһунаһыттан аккаастаммыта, ССКП КК ыһар туһунан этии киллэрбитэ. Балаҕан ыйын 23 күнүгэр 1991 с. дойду үрдүнэн обкомнар, райкомнар дьиэлэрэ конфискацияламмыттара. Онтон 1991 с. сэтинньи 6 күнүгэр Арассыыйа үрдүнэн тэрилтэлэр истэригэр ССКП үлэлиирэ бобуллубута. Устуоруйата ити курдук, бэйэ-бэйэтиттэн ситимнээх.
– Эн сааһыҥ тухары хомсомуол-баартыйа систиэмэтигэр үлэлээбит киһи, бу быһаарыыны хайдах ылыммыккыный?
– “Дойдуну салайан олорбут хомуньуус баартыйа бэйэтин үлэтэ табыллыбакка, бэйэтин буруйунан итинник дьылҕаламмыта” диибин. Билигин дэмэкирээтийэ бэрээдэгин быһыытынан, дойду үрдүнэн атын баартыйалары кытары тэҥҥэ, туох да хааччаҕа суох үлэлиир. Дойду сайдыытыгар бэйэтин санаатын этэр, кылаатын киллэрэр.
Мин баартыйаҕа даҕаны үлэлиир кэммэр, кэлин саҥа Саха сирин сайдыытыгар үлэлэһэр да кэммэр бэйэм норуотум кыһалҕатын иннигэр сөптөөхтүк үлэлээн кэллим. Хаһан баҕарар мин норуот интэриэһин өрө туппутум, кими да таҥнарбакка, чиэһинэйдик үлэлээн, кырдьар сааспар кэлэн олоробун. Олохпуттан астынабын. Бириэмэтигэр ССКП сөптөөх бэлиитикэтин олоххо киллэрсибиппинэн киэн туттабын.
– Ити күннэргэ Саха сирин салалтата хайдах, туох санаанан салайтаран быһаарыы ылыммытай?
– Саха сирин сайдыытын устуоруйатыгар үтүө кэскили түстээбит тосту уларытыылаах икки кэрдиис кэм баар. Ол 1922 сыл, Гражданскай сэрии кэнниттэн, дойдуга быстыы-ойдуу кэмигэр, Саха сиригэр автономия ыстаатыһын ситиһии, саҥа социалистическай судаарыстыбаннаһы олохтооһун. Бу сүҥкэн суолталаах дьаһаллары саҕалаабыта, салайбыта Максим Кирович Аммосов.
Оттон Саха сирин сайдыытыгар иккис историческай суолталаах кэм ХХ үйэ 90-с сс. – аан дойду биир бөдөҥ судаарыстыба тутула күөрэ-лаҥкы баран, олох атыннык дьаһаныыга киирии кэмэ. Бу мунуулаах-тэниилээх кэмҥэ саха норуотун чулуу уола Михаил Ефимович Николаев Саха сиригэр уопсастыбаннай хамсааһыны иилээн-саҕалаан, бэйэтин тула түмэн, Саха сирин олохтоохторун быстыыттан-ойдууттан араҥаччылаан, салайыыны төрүт атын уонна саамай сөп суолунан олохтообута.
1990 с. саҕаланыытыгар РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин сиэссийэтигэр “автономнай өрөспүүбүлүкэлэр ыстаатыстарын үрдэтиэххэ, экэнэмиичэскэй өттүнэн бэйэлэрин бэйэлэрэ көрүнэллэригэр кыах биэриэххэ” диэн эрэгийиэннэр салайааччыларыттан аан бастакынан этии киллэрбитэ. Сиртэн хостонор баайтан киирэр дохуоту үллэриигэ сөптөөх бэрээдэги олохтуохха, сири, сиртэн хостонор баайы дьаһайыыны эрэгийиэннэргэ биэриэххэ диэн саамай сөптөөх быһаарыыны модьуйбута. Онтон ыла саҕаламмыта, экэнэмиичэскэй сүбэринитиэт иһин туруулаһыы. М.Е. Николаев быһаарыылаах кэмҥэ саамай күүстээх хардыытынан 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүбэрэнитиэтин туһунан Декларация Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин сиэссийэтигэр ылыныыта буолбута. Декларацияны олоххо киллэрии Саха сирин инники сайдыытын, судаарыстыбаннаһын төрдүттэн уларытыыны хааччыйбыта.
«Национализация барара буоллар, Саха сирэ элбэҕи сүүйүө этэ»
– Бутуурдаах, быыһык кэмҥэ саамай уустуга туох этэй? Дьон өйө-санаата бутуллуута дуу, эбэтэр киини кытта сибээс быстыбыта, ыһыллыы-тоҕуллуу дуу?
– Хайата да буоллаҕа, ол эрээри ити кэмҥэ тыыннаах хаалар иһин охсуһуу этэ. Өрөспүүбүлүкэ үбэ-харчыта, таҥаһа-саба, тоһоҕотугар тиийэ барыта киинтэн кэлэ турдаҕа. Тыа хаһаайыстыбата, тыйыс килиимэттээх буоламмыт, ночооттоох салаа этэ. Судаарыстыбаҕа туттарыллыбыт биир солкуобайдаах ас-үөл иһин 5 солк. тиийэ субсидия ыларбыт.
Сир баайын туһаныыга туох даҕаны быраап суоҕа. Саха сиригэр баар сүрүн пуонда 12%-нын эрэ бас билэрбит. Оттон 88%-на Сойуус таһымнаах министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр бас билиилэригэр баара. Олору барытын эмиэ үөһэттэн дьаһайаллара. Бородууксуйа 97%-на Сойуус министиэристибэлэригэр бас бэринэр тэрилтэлэргэ оҥоһуллара, оттон олохтоох былаас дьаһайар тэрилтэлэрэ бородууксуйа 3%-нын эрэ биэрэллэрэ. Сойуус суолталаах тэрилтэлэрбит, инньэ гынан, үтүмэн дохуоттарыттан 4%-нын эрэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр биэрэллэрэ.
Дьэ, ити барытын түмүгэр 1989–1991 сс. дойду үрдүнэн сатыылаабыт бэлитиичэскэй, экэнэмиичэскэй кириисис ыраах, суола-ииһэ суох сытар Сахабыт сиригэр ордук ыараханнык дьайбыта. Онно эбии Гайдар “шоковай терапията” сыананы көҥүл ыыппыта, бааннар кирэдьииттэрин бырыһыана сүүһүнэн ааҕыллар буолбута. Өрөспүүбүлүкэ ол кэмҥэ 1 мөл. тахса туонна уматыгы туттара. Барытын «Якутнефтеснаб» хааччыйара. Ол барыстаах исхиэмэ үлэтэ төрдүттэн уларыйан, аны тэрилтэлэр үбү-харчыны бэйэлэрэ көрдөөн булан, уматыгынан хааччынар кыһалҕаҕа киирбиттэрэ. Билигин өйдөөтөххө, суостаах-суодаллаах да дьыала эбит. Сатаабатаххына, үбү-харчыны булбатаххына, кыһын уматыга суох хаалыаххын сөп этэ.
Дьэ, ити быыһык кэм-ҥэ үөскээбит дьулаан балаһыанньаттан тахсарга уһулуччу эппиэтинэстээх уонна муҥутуур түбүктээх үлэни оччолорго Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев салайбыта. Ыарахан бэлитиичэскэй, экэнэмиичэскэй кириисис бүрүүкээбит кэмигэр бэйэтин тула биир санаалаахтарын, дойду патриоттарын, үлэҕэ дьоҕурдаахтары түмэн, Саҥа Саха сирин тутууну ситиһиилээхтик тэрийэн ыыппыта, судаарыстыбаннай тутул, парламентаризм саҥа систиэмэтин олохтообута. “Аан Дархаммыт” диэн норуот муҥутуур ытыктабылын, билиниитин ылбыта. М.Е. Николаев үлэтин үтүө түмүгэ бүгүҥҥү олохпут туругуттан даҕаны көстөр.
– Бэҕэһээҥҥи ССРС дьонугар "аны хапыталыыһымы тутабыт" диир хайдах этэй? Утарсыы төһө күүстээҕэй? Кимнээх ордук утарбыттарай?
– “Хапыталыыһымы тутабыт” диэн луоһун салалта өттүттэн биирдэ даҕаны этиллибэтэҕэ! Биһиги көлүөнэ, ол иһигэр бастакы бэрэсидьиэн хамаандата, сэбиэскэй былааһы, кини дойдуну сайыннарыыга үлэтин сүрүн хайысхаларын хаһан да сэмэлээбэтэҕэ. 90-с сылларга кылаассабай өрөбөлүүссүйэ буолбатаҕа, экэнэмиичэскэй уонна бэлитиичэскэй реформа этэ. Ол аата, сайдыы суолун уларыта тутан, дойдуну салгыы сайыннарыы.
Уларыта тутуу саҥа суола, эппитим курдук, баартыйа уураахтарынан буолбакка, сокуонунан салаллар дэмэкирээттии, дьон көҥүл санаалаах уопсастыбатын тутуу; экэниэмикэни кииннээн салайыы, үбү-харчыны үөһэттэн түҥэтии оннугар эрэгийиэннэр боломуочуйаларын кэҥэтии, ыстаатыстарын үрдэтии; сиртэн хостонор баайы, сүрүн пуондалары бас билэн, элбэх табаары миэстэтигэр оҥорон үбүнэн бэйэни хааччыныыга киирии диэн этэ.
Оччотугар эрэгийиэннэр бас билиилэнэллэр, сайдалларыгар төбөлөрүн үлэлэтэллэр, бэлэмҥэ «мэкчиргэ» буолбаттар. Дьэ, миэстэтигэр сайдарга дьон интэриэһэ үөскүүр, дойду сайдыыта түргэтиир. Билигин сайдыылаах судаарыстыбаларга оннук исхиэмэнэн үлэлииллэр, холобур, Кытайга. Хайдах курдук түргэнник сайыннылар!
Утарсыы туһунан этэр буоллахха, хайа да саҥаны саҕалааһын утарсыыта суох барбат. Ол – олох сокуона. 90-с сылларга оппозиция олус күүстээх этэ. Ол бэрэсидьиэн үлэтигэр элбэх моһолу үөскэтэрэ. Салалта кириэһилэтиттэн арахсыан баҕарбат сорох оппозиционердар ордук “күннээбиттэрэ”. Ол эрээри М.Е. Николаев кими да туора көрбөтөҕө, сойуоласпатаҕа. Баартыйа урукку үлэһиттэрэ Саҥа Саха сирэ сайдыытыгар улахан кылааттарын киллэрбиттэрэ. Холобура, В.М. Власов, В.А. Штыров, М.В. Мучин, Б.Д. Слепцов, А.С. Матвеев, С.А. Протодъяконов, Н.И. Соломов, И.О. Пахомов, С.С. Борисов, В.В. Кириллин, Ф.Г. Охлопков, В.Ф. Красноштанов, А.А. Томтосов уо.д.а. Оппозиция икки өрүттээх: биирэ сиэрдээх, уопсай дьыалаҕа туһалаах; иккиһэ – популистыы, бэйэни көрдөрө сатаан, кураанаҕынан куолулуур, саҥа дьыала олоххо киириитин мэһэйдиир. Бэл, Мэдиссиинэ киинин тутууну, төрүт үгэһи, сиэри-туому, таҥаһы, култуураны сөргүтэн сайыннарыыны сэмэлээччилэр бааллара. Ону хайыаҥый?
Бириэмэ ким сыыспытын, ким таппытын көрдөрдөҕө.
– Борис Ельцини билигин бары үөҕэллэр. Оттон М.Е. Николаев кинилиин чугастыы этилэр. Ол туһунан тугу этиэххин сөбүй?
– Мин кинини аныгы Арассыыйа сайдыытыгар кылаатын киллэрбит судаарыстыбаннай диэйэтэл диибин. Хайа да салайааччы алҕастардаах. Уопсайынан, дойду салайааччытын аатын-суолун тэпсии, киртитии – ол норуокка бэйэтигэр ночооттоох. Бэйэ устуоруйатын билэр, ытыктыыр, онон киэн туттар наада. Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу төрдө – ол. Биһиэхэ урукку салайааччыларбытыгар сыһыан хайдаҕый? Ленини, Сталины “ааһан иһэн” холуннарабыт, Хрущёву тэпсибиппит ыраатта, Брежневи бүттэтэ суох ыыстаан, анекдот дьоруойа буолла. Билигин Ельцин үрдүгэр үҥкүүлээн эрэбит. Оттон Францияҕа сэриигэ хотторон, дойдутун ыарахан турукка киллэрбит Наполеоннарын үөхпэттэр, кининэн киэн тутталлар. Англичаннар арыгыһытынан биллэр Черчили ол дьаллыгар болҕомто ууран кэриэтээбэттэр, “улуу бэлиитик” диэн сыаналыыллар.
Ельцин Саха сирин сайдыытыгар аныгылыы саҥа суолу арыйбыта. Мин кинини ытыктыыбын. Кини дьоҥҥо сыһыана сымнаҕаһын туһанан, сорохтор таҥнарбыттара. Охранатын баһылыга А.В. Коржаков үлэтигэр алҕастарын иһин дуоһунаһыттан уһуллубута. Биллэн турар, кини онтон өстүйэн баһааҕырдыытын утары күүстэр күүскэ туһаммыттара. Коржаков хас да кинигэни, хаартыскалары, килииптэри тарҕаппыта, онтугар төһө харчыны оҥорбута биллибэт. Төһөтө кырдьыга-сымыйата – ыйытыы, сороҕо мантаас да буолуо. Аны Коржаков “Ньыгыл Арассыыйа” баартыйа аатыттан 15 сыл устата дьокутааттаабыта эмиэ балачча ыйытыыны үөскэтэр.
– Баҕар, баһааҕырдыы кэннигэр биһиги билбэт күүстэрбит тураллара буолуо? “Бу эһиги манныккыт” диэн өйгө-санааҕа иэҕэр сыаллаах-соруктаах?
– Оннук. Биир баһааҕыр-дааччыта – Никита Михалков –Б.Н. Ельцин 1996 с. бэрэсидьиэн буоларыгар сүрүн итэҕэллээх киһитэ этэ. Ельцини муҥура суох хайҕаабыта, быыбарга кыайбытыгар элбэх дьон мустубут үрдүк түрүбүүнэтиттэн эҕэрдэлээн, үөрүүтүттэн үҥкүүлээн көрдөрбүтэ. Онтон, арай, 2000 сылтан, киһи сөҕүөх, наар Ельцини баһааҕырдар буолбута. Саат-суут! Аны “Арассыыйа Дьоруойа” аатын ылбыта... Мин итинтэн курутуйабын, сэрэхэдийэбин. Биһиги норуоппут ити мөлтөх үгэһин тохтотуон наада. Билигин ыччаты дойдутун, салайааччытын ытыктыыр өйгө-санааҕа иитэр хайаан да наада.
– А.А. Кугаевскай соторутааҕыта “Кыымҥа” тахсыбыт интервьютугар Таалакаан туһунан ахтан турар. Эн тугу сөбүлээбэтэххин быһаарарыҥ буоллар.
– Мин урут дьоҕурдаах эдэр А.А. Кугаевскайы “Михаил Ефимович Николаев эрэллээх көмөлөһөөччүтэ” диирим. Оччолорго үп миниистирэ этэ. Мин киниттэн олох соһуччу, эмискэччи, кэтэспэтэх өттүбүттэн санаам түспүттээх. Ол II ыҥырыылаах Ил Түмэҥҥэ “Таалакаан сиригэр ньиэп хостооһунугар судаарыстыбаннай өйөбүл” диэн өрөспүүбүлүкэҕэ тыын суолталаах боппуруос көрүллүүтүгэр буолбута. Ол саҕана өрөспүүбүлүкэ бэйэтин дохуотунан үбүлэнэр кэмэ этэ. Бэрэсидьиэн М.Е. Николаев: “Таалакаан куонкуруһугар 501 мөл. дуолларга кыайыыбыт – бу биһиги улахан ситиһиибит, Таалакаан ньиэбин хостооһуну биһиги экэниэмикэбитин сайыннарыыга иккис кынаппытын үүннэрии курдук көрүөххэ”, – диэн дьокутааттарга туһаайан эппитэ. Ол мунньахха ити боппуруоһу талааннаах экэнэмиис-финансист Эрнст Березкин итэҕэтиилээхтик көмүскээбитэ. Бырабыыталыстыба баһылыга В.М. Власов эмиэ итинник санаатын эппитэ. Ити боппуруос бырабыыталыстыбаҕа көрүллэн, биһирэнэн баран, Ил Түмэн көрүүтүгэр киирбитэ. Дьүүллэһии кэмигэр А.А. Кугаевскай Таалакааны баһылааһыҥҥа төннөрүллэр кирэдьиити биэриини утаран тыл этиитэ дьокутааттар санааларын улаханнык уларыппыта. Дьэ, сүрэ бэрт.
Сокуон быһыытынан Таалакаан буонуһуттан өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр киирэр үптэн аккаастанар даҕаны барыйаан баара. Ол барыйаантан туттунан, “харчы өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр киириэхтээх” диэн санааттан ити боппуруос Ил Түмэн көрүүтүгэр киллэриллибитэ. Ньиэп хостуур атын эрэгийиэннэр куонкурус буонуһуттан үксүгэр аккаастанар эбиттэр, онон хайа да бэйэлээх куонкуруска кыайан тахсаллар, сир баайын хостооһун бэйэлэригэр туһаны биэрэр эбит.
Оттон биһиэхэ? Ол утарбыт 12 дьокутаат “өҥөтүнэн” Таалакааны олигарх ылбыта. Билигин ньиэппит, гааспыт турба устун Амыр уобалаһыгар устан суккуллар. Ааһа баран, ньиэп, гаас хостуур олигархтар тэрилтэлэрэ биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр регистрациялара да суох. НДФЛ, араас эбийиэктэриттэн киирэр нолуоктан куоталлар. Барыстарыттан киирэр нолуок ситэтэ суох. Биһиги итинтэн сүтүкпүт олус улахан. Дьэ, ити курдук...
– Билигин национализация туһунан этэн эрэллэр. Оччотооҕу приватизация быһаарыытын “сокуоннайа суох” диэн, национализация туһунан этэн эрэллэр. Эн ону туох дии саныыгын?
– В.В. Путин бэйэтин этиилэригэр эрэгийиэннэр боломуочуйаларын кэҥэтэр, сайдыыга эппиэтинэстэрин үрдэтэр туһунан санатта. Сорох политологтар инники бөдөҥ собуоттары, баабырыкалары национализациялааһын оҥоһулларын сабаҕалыыллар. Тус бэйэм итиннэ үөрүүнэн сөбүлэһиэм этэ. Тоҕо? 1991 с. ортотугар Арассыыйаҕа олорор дьиэ пуондатын босхо приватизациялыыр туһунан сокуон ылыллыбыта. Ол сөп этэ. Дьадаҥы уонна орто баайыылаах дьон ону үөрүүнэн ылыммыттара. Онтон Е.Гайдар дьаһалынан приватизация чиэгэ (ваучер) олохтонон, ол судаарыстыбаннай бас билиигэ көспүтэ. Дьэ, ол кэннэ 1994 с. маассабай приватизация саҕаламмыта. Сыала-соруга – Арассыыйа экэниэмикэтин уонна биирдиилээн тэрилтэлэрин сайдыытын түргэтэтии. Үөһэттэн хонтуруол мөлтөх буолан, приватизация үүнэ-тэһиинэ суох барбыта. Аахсыйа баһыйар үгүс өттө баай дьоҥҥо тиксибитэ. Ол дьон инники сайдыыны көрбөккө, күннээҕи барыһы эккирэппиттэрэ, кумааҕы аахсыйаны бэчээттээн, атыылаан, онон үлүһүйбүттэрэ.
Приватизация иккис улахан долгуна 2001 с. саҕаламмыта. Тэрилтэлэр, айылҕа баайа олус чэпчэки сыанаҕа чааһынай бас билиигэ барбыттара. Олигархтар бөлөхтөрө онно үөскээбитэ. Ити приватизация хампаанньата Саха сирин бас билиитин үксүн мэлиппитэ. Сиртэн хостонор баай үксэ олигархтар илиилэригэр киирбитэ.
Таас чоҕу, көмүһү хостуур бөдөҥ тэрилтэлэри аахпакка туран, күн бүгүн Саха сиригэр тастан аҥаардас икки эрэ хампаанньа – «Сургутнефтегаз», «Роснефть» НК – ньиэп уонна гаас саппааһыгар 28 лиссиэнсийэни бас билэллэр. Уопсайа 650 мөлүйүөн туонна ньиэп уонна 1,3 триллион куб.м гаас саппаастаахтар. Уонунан мөлүйүөн туонна ньиэп, сүүһүнэн мөлүйүөн туонна гаас хостонон, Амыр уобалаһыгар ВСТО уонна “Сила Сибири” турбаларынан Саха сиригэр ханна да тохтообокко сүүрүгүрэр.
Национализация барара буоллар, Саха сирэ элбэҕи сүүйүө этэ. Сир баайын хостуур бөдөҥ тэрилтэлэргэ аахсыйанан өлүүлээх буолуо этибит, онтон билиҥҥитээҕэр быдан элбэх барыс киириэ этэ. Онон В.В. Путин инники бэлиитикэтэ олигархтар дойдубут баайын аҥаардастыы куорҕаллыыр ньымаларын тохтотон, олигархтыы бөдөҥ бас билиини национализациялааһыны уонна ол оннугар Арассыыйа эрэгийиэннэригэр туһалаах аахсыйалааһын бэлиитикэтин саҕалыырыгар бүк эрэллээхпин.
Нина ГЕРАСИМОВА.