Национальнай бибилэтиэкэ устуоруйалыы саалатыгар алтынньы 21 күнүгэр Саха сирин биллиилээх этнографтара, фольклористара, устуоруктара Гавриил Ксенофонтов нууччалыы «Урангхай-сахалар» уонна Дмитрий Дьячковскай-Сэһэн Боло сахалыы «Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо» кинигэлэрин саҥа таһаарыыларын биһирэмэ буолла.
Сэдэх үлэлэри Национальнай «Айар» кинигэ кыһата «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2020-2024 сылларга уонна торумнаммыт 2026 сылга диэри култуура сайдыыта» судаарыстыбаннай тосхол иитинэн бэлэмнээн хос бэчээттээтэ. Таһаарааччылар этэллэринэн, Ксенофонтов кинигэтэ билим өттүнэн суолтатын сүтэрэ илик. Манна учуонай саха омук үөскээбит чахчыларын, Өлүөнэ эҥээр олохсуйуутун туһунан сабаҕалааһыннарын ойуулаабыт. Чинчийии саха омук олоҕун-дьаһаҕын оҥкулугар, тылын уратыларыгар, сирин-айылҕатын усулуобуйатыгар, эрдэтээҥҥи устуоруктар уонна түүр омугу үөрэтээччилэр түмүктэригэр, маны сэргэ былыргы түүр уонна монгуол устуоруйатыгар киирбит суругар-бичигэр олоҕуран оҥоһуллубут. Оттон Сэһэн Боло кинигэтиттэн ааҕааччы саха омук аатырбыт төрүттэрин, олоҕун-дьаһаҕын, үгэстэрин, тарҕанан олорор ньыматын уонна түөлбэлии тылларын туһунан элбэҕи билиэҕэ. Манна киирбит генеалогия табылыыссалара төрүччүнү оҥорууга уонна ырытыыга көмөлөһүөхтэрэ.
Бырайыагы көҕүлээбит СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Сергей Местников бэлиэтээбитинэн, өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар Саха сирин устуоруйатын үс туомнаах кинигэтин таһаарыыны дьон олус биһирээбит. Онон, салгыы тахсыбатахтара ырааппыт бөдөҥ үлэлэрдээх Гавриил Ксенофонтов уонна Сэһэн Боло үлэлэрин таһаарарга быһаарбыттар.
«Оҕо эрдэхпинэ ити кинигэлэр эһэм долбууругар көстөр сиргэ ууруллан тураллара. Ити курдук 90-с сылларга дьиэ кэргэн барыта умсугуйан ааҕара. Ол кэмтэн элбэх сыл ааста. Онон, үлэлэри хос таһаарыы олус тоҕоостоох. Ордук ыччат дьон ааҕара туһалаах. Уруккуну билэр эрэ киһи инникилээх буолар», - диэн кини санаатын үллэһиннэ.
Саҥа кинигэлэри Национальнай уонна бары муниципальнай бибилэтиэкэлэргэ тиэрдиэхтэрэ. Манна даҕатан, Гавриил Ксенофонтов «Урааҥхай-сахалара» 1937 уонна 1992 сылларга, Сэһэн Боло «Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо» 1938 уонна 1994 сылларга бэчээттэммиттэрин санатабыт.
Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата