Киир

Киир

Олох уонна өлүү сэргэстэһэ сылдьаллар. 2022 сыл тохсунньутун түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 865 оҕо күн сирин көрдө. Ол туһунан Айсен Николаев инстаграм сирэйигэр суруйар.

“456 уол уонна 409 кыыс оҕо күн сирин көрдүлэр. Бу өрөспүүбүлүкэ 100 сыллаах үбүлүөйүгэр уонна Ийэ сылыгар төрөөбүт бастакы оҕолор”, – диэн суруйбут Ил Дархан.

Киһи барыта билэр буолуохтаах. Быйыл Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтиибит. Ону сэргэ Айсен Николаев 2022 сылы Ийэ сылынан биллэрбитэ уонна бу улахан үбүлүөйдээх сылга төрөөбүт оҕолорго “100 сыл оҕото” диэн 100 000 солкуобайдаах сэртипикээти биэрэр ыйааҕы таһаарбыта.

2022 сылга үктэнэн баран, Саха сиригэр аан бастакынан Амма улууһугар олорор Николаевтар дьиэ кэргэннэрэ оҕоломмута. Кырачаан тохсунньу 1 күнүгэр 00:12 чааска төрөөбүтэ. Оттон ити күн уопсайа 23 оҕо күн сирин көрбүтэ.