Билигин астаапкаҕа олорор милииссийэ полковнига Виталий Егоров сулууспатын тухары 300-тэн тахса ыар буруйу арыйбыта. Биэнсийэҕэ тахсыаҕыттан, бэйэтэ да билбэтинэн эмискэ тэһэ кэйдэрэн, айар үлэ абылаҥар түспүтэ.
Кини “Адычанская трагедия”, “Воздаяние монстру”, “Кара Чочур Мурана”, “Страхи сопки любви”, “По следам якутского Хейга” кинигэлэрэ ааҕааччы кутун туппута. Сэһэннэригэр 80-90-00 сс. дьалхааннаах кэмнэригэр бэриниилээхтик үлэлээбит опердар чэпчэкитэ суох үлэлэриттэн түгэннэр ойууланаллар. Кини сэһэннэрэ бүтүннүү дьиҥ олохтон ылыллыбыттар, прототиптара бары – дьиҥ олоххо баар дьон. Бүгүн биһиэхэ Виталий Егоров опер уонна суруйааччы чэпчэкитэ суох үлэтин, айар үлэ абылаҥын, саҥа кинигэтин туһунан сэһэргиир.
– Виталий Михайлович, кыратык бэйэҥ тускунан кэпсээ эрэ. Уорганнарга хайдах кэлбиккиний?
– Ньурба 1-кы №-дээх оскуолатын бүтэрбитим. Аармыйаҕа ытык иэспин төлөөн баран, СГУ историко-филологическай факультетын нуучча тылын салаатын бүтэрбитим. Ити кэмнэргэ милииссийэ үлэтин интэриэһиргээн барбытым: норуодунай дуруһуунаҕа киирбитим, уопсай харабылыгар кыттыспытым. Инньэ гынан, университеты бүтэрээт, куорат холуобунай ирдэбилигэр киирбитим. Бастаан идэбинэн учуутал идэтин көрдүү сатаабытым, ол эрээри биир да оскуолаҕа миэстэ суоҕа. Аны тыаҕа барыахпын, номнуо куорат кыыһын кэргэн ылан, оҕолонон, манна олохсуйбуппут. Оперативнай үлэ бары кэрдииһин ааспытым: холуобунай ирдэбил иниспиэктэриттэн саҕалаан Саха сирин ИДьМ криминальнай милииссийэтин салайааччытыгар тиийэ.
– Литэрэтиирэҕэ соһуччу кимэн киирдиҥ. Туох санааттан суруйарга быһаарынныҥ? Урут суруйа сылдьыбытыҥ дуо?
– Бэйэм да билбэппинэн, эмискэ тэһэ кэйдэрэн, суруйан барбытым. Ити санаа соторутааҕыта эрэ үөскээбитэ. Урут хаһан да, ханна да бэчээттэммэтэҕим. Дойду суураллар ыарахан кэмнэригэр милииссийэ үлэтэ хайдаҕын дьон биллин диэн санааттан суруйан барбытым. Биир үтүө түүн турбутум да, утаппыттыы кинигэ суруйуохха баар эбит диэн санааҕа ылларбытым. Ыллым да көмпүүтэр иннигэр олорон 10 бэчээттэнэр лииһи суруйан кэбиспитим. Бастакы сэһэммин 20 күн иһигэр суруйбутум. Урут үлэлии сылдьан, ол-бу сурук үлэтин бэйэм күүспүнэн, былдьаһан туран ылсар идэлээх этим. Дьон тутах баҕайытык суруйалларын абааһы көрөн. Онтум туһалаата быһыылаах, тоҕо эрэ судургу баҕайытык суруйан барбытым. Бастакы суруйуубун айар үлэ маастардарыгар – Николай Лугиновка, Анатолий Николаевка уонна литэрэтиирэҕэ сыһыаннаах дьоҥҥо көрдөрбүтүм. Кинилэр үтүктүспүт курдук “хайаан да бэчээттэниэххин наада” дэспиттэрэ.
– Эн нууччалыы суруйаҕын. Ол эрээри сахалыы эмиэ тылбаастанан тахсар. Ким тылбаастыырый? Кинигэлэргин ким үбүлээһининэн таһаараҕыный?
– Кинигэлэрбин бэркэ ытыктыыр киһим Геннадий Игнатьевич Гурьев-Бутукай тылбаастыыр. Сахалыытын аахпытым, олус табыллыбыт, астынабын. Миэхэ успуонсар эҥин диэн суох, кинигэ атыытыттан киирбит харчыны саҥа кинигэни таһаарарга ыытабын.
– Бэйэҥ сөбүлээн ааҕар суруйааччыларыҥ кимнээҕий?
– Халыҥ кинигэлэри олох тулуйан аахпаппын. Оннооҕор Достоевскай “Преступление и наказание” арамаанын нэһиилэ бүтэрбитим. Тэттик, ол эрээри элбэҕи толкуйдатар айымньылары сөбүлүүбүн. Чехов, Зощенко, Ильф и Петров ордук чугастар. Бэйэм айымньыларым эмиэ уһуна-киэҥэ суохтар. Аныгы ааҕааччы бириэмэни да сырсан, уһуну-киэҥи тулуйан аахпат. Ол иһин сэһэн көрүҥүн тутуһабын.
– Үлэлээбитиҥ тухары араас быһылааны кытары элбэхтэ алтыстаҕыҥ. Ордук тугу өйдөөн хаалбыккыный? Эбэтэр саҥа кинигэ сюжета буолуохтаах дуу?
– Биллэн турар, быһылаан, дьыала элбэх буоллаҕа. Билигин ону эргитэ саныы сатыыбын. Урукку кэллиэгэлэрбин кытары кэпсэтэбин, архыыбы хасыһабын...
– Сорох суруйуугар быраабы араҥаччылыыр систиэмэҕэ хара күлүгү түһэрэр түгэннэр бааллар. Холобур, атыыламмыт милииссийэлэр. Төһө да ааттара-суоллара уларытылыннар, онтон өһүргэнэн өттүктэрин тосту түспэтилэр дуо?
– Суох. Мин тус куттал суоһаабатын туһугар охсуһар сулууспа тэриллиэн иннинэ милииссийэ киртэн хайдах ыраастаммытын көрдөрөбүн. Миэхэ ИДьМ солбуйааччыта Константин Неустроев эрийэ сылдьыбыта уонна мин айымньыларбынан ис дьыала уорганнарын престиһин үрдэтэрбин бэлиэтээбитэ. Үлэ дьиҥнээхтик хайдах барбытын ааҕан баран, дьон, төттөрүтүн, үчүгэйдик ылыммыттара. Оттон омсолоох прототиптар туохтан өһүргэниэхтэрэй? Оҥорбут дьыалаларыгар эппиэттииллэригэр эрэ тиийэллэр буоллаҕа. Оннук үлэһиттэри ИДьМ салалтата хаһан да биһирээбэт.
– Эн 2009 сыллаахха астаапкаҕа барбытыҥ. Оччолорго Яков Стахов салайан олордоҕо дии...
– Яков Стаховы кытары сатаспакка барбытым. Уурайыам иннинэ икки сыл министиэристибэҕэ куттал суоһаабатын туһугар охсуһар управлениены салайан олорбутум. Оччолорго Яков Стахов хоруупсуйаҕа дьыалаларын булан, дьыала тэрийэргэ туруорсан өрөспүүбүлүкэ оччотооҕу борокуруора Анатолий Подласенкоҕа, ФСБ салайааччыта Владимир Панасенкоҕа суруйбутум да, эппиэккэ тардыахтарын олох баҕарбатахтара, барытын саба олорбуттара. Онуоха кыһыйан Хабаровскайга баар салалтаҕа тахсыбытым, саатар, массыына дьыалатын көрүҥ диэн. Ол массыына эргэ, алдьанаары сылдьар да буоллар. “Воруешь на миллион, а попадаешься на копейки” диэн баар. Стахов массыынаны иҥэриммит дьыалатын хостоон таһаарбытым. Дьиҥэ, кини оҥорбута элбэх. Бэриги ылыы да баар, саҥа ИДьМ дьиэтин тутуутугар элбэҕи “бырыһыаннаһа” олорбута да баар... Москубаҕа тиийэн, “Саха сиригэр ИДьМ хоруупсуйа силигилээн турар” диэн аһаҕастык эппитим. Онно тус куттал суоһаабатын туһугар охсуһар департамент начаалынньыга Драгунцов диэн баара. Кини Стахов диэки буола түспүтэ. Табаарыстыылар эбит. Солбуйааччыта Деревянко диэн генерал баара, эмиэ Стахов доҕоро. РФ ИДьМ солбуйааччытынан эҥин олорбута. Ол эрээри кинини эмиэ хоруупсуйаҕа эҥин буруйдуу сылдьыбыттара, онтон үүрбүттэрэ. Бары Стахов диэки буолан олордохторуна, кырдьыкпын булуо суохпун билэн, “биэнсийэҕэ ыытыҥ” диэн араапар суруйан, тахсан барбытым.
– Оччолоох киирсии кэмигэр миниистир Стахов бэйэҕин тутан сии сатаабатаҕа дуо?
– Биллэн турар. Сыл аҥаарын быһа араас компромат көрдөтө сатаабыта. Сыалай систиэмэ утары туран хаһыспыта. Тугу булан ылыахтарай? Дьиҥэ, холобур, хомондьуруопкаҕа тиийэн баран, көстүүнэйгэ олорбокко, ыалга түһэ сытан баран отчуоттаабытым эҥин буоллар, сонно түбэһиннэриэ этилэр. Стаховка хайдах тахсыбыттарын туһунан син биир суруйуоҕум. Дьон билиэхтээх.
– Быраабы араҥаччылыыр уорганнарга соҕурууттан соҥноммут салайааччылар кэлэллэр. Ама, олохтоох каадыр кыайан салайбат үһү дуо?
– Ити Подласенко, Стахов, Панасенко эҥин курдук салайааччылар кэлэн барбыттарын кэннэ, тоҕо “варягтар” кэлэллэр диэн ыйытыыны бэйэбэр биэрэбин. Кошелев да аанньал буолбатах этэ. Кини барбытыгар аһыйан бөҕө буолбуттара дии. Оттон, дьиҥэ, кини Стаховтааҕар оҥорбута элбэх. Варягтары ыытыылара олохтоохтору итэҕэйбэттэрин туоһулуур. Ама, бэйэбит дьоммут салайбаттар үһү дуо? Салайаллар бөҕө буоллаҕа дии. Урут бэйэбит дьоммут борокуруордаан олорбуттара. Оттон кэлии киһи ананар буолуоҕуттан хоруупсуйа улаатан барбыта. Чэ, баҕар, ФСБ-га кэлии да буоллун, ол эрээри бэйэбит Афанасий Павлович Кириллиммит салайан олорбута ээ. Мин быстах кэмҥэ кэлэн барар каадырдары утарабын. Кинилэргэ усулуобуйа оҥоруохха наада – кыбартыыра, массыына. Ону приватизациялаан баран иҥэриннэхтэрэ ол. Оттон бэйэбит дьоммутун дьиэнэн хааччыйыы мөлтөх...
– Прототиптарыҥ кимнээҕий? Холобур, Владлен Димов? Мин билэрбинэн, кини Маҥан Баттах диэн аатырбыт опер, билигин Саха сирин быыһыыр сулууспатыгар үлэлиир Геннадий Алексеев?
– Геннадий – аллар атаһым. Уһулуччу уонна улахан уопуттаах опер. Димов уобараһыгар кини эмиэ киирсэр. Димов – оччотооҕу кэм уһулуччулаах үлэһиттэрин түмүллүбүт уобараһа.
– “Страхи Сопки любви”, “Кара Чочур Мурана” сэһэннэргэр киһи куйахата күүрүөх иччи, сибиэн эҥин туһунан суруллар. Эн ол-бу бити-билгэни, сибиэни итэҕэйэҕин дуо? Уопсайынан, нууччалыы эттэххэ, төһө суевернай киһигиний?
– Итэҕэйэбин. Чочур Мырааҥҥа буолбут быһылааҥҥа кыттыгастаах өлөрүөхсүттэр бары куһаҕаннык суорума суолламмыттарын истэн дьиктиргээбитим, соһуйбутум. Онтон ыла ити сэһэннэри суруйар санааламмытым. Мин санаабар, туох барыта иччилээх. Онон ити сэһэммэр ахтыллар ытык мырааҥҥа урут маннык кыыллыы быһыы хаһан да буолбатах буолан, иччилэр сөбүлээбэтэх буолуохтаахтар. Таптал Мырааныгар буолбут быһылаан эмиэ үкчү оннук. Онно дьахтар сибиэнин сотору-сотору араас кэмҥэ, араас-араас дьон көрөр эбит.
– Эн айымньыларгар өлөрүөхсүттэр дьылҕалара ханна тиийбитин эмиэ билэҕин. Холобур, Чурапчыга бүтүн ыалы имири эһиигэ буруйдаммыт уол Красноярскайга бэйэтигэр тиийиммитин ахтыбытыҥ... Барыларын дьылҕалара хайдах салаллыбытын кэтээн көрөҕүн дуу?
– Эс, ол үлүгэр элбэх өлөрүөхсүт ханна тиийбитин туоһуласпаппын. Арай ити кинигэбэр киллэрээри билбитим. Бүтэһик кинигэбэр биир дьикти түгэн буолла. Онно ойууланар быһылааҥҥа туоһу буолбут оччотооҕу оҕо миигин булан төлөпүөннээбитэ. “Кырдьык, мин ити дьыаланы билэбин, буруйдаах кислотаны кистиирин эҥин көрбүтүм” диир уонна “онно суруллар дьону үкчү ойуулаабыккын” диэбитэ. 27 сыл анараа өттүгэр буолбут быһылаан.
– Дьалхааннаах 90-с сыллар...
– Бүтэһик кинигэбэр суруйдум ээ: Дьокуускай куорат ССРС-ка биир киһиэхэ тиксэр өлөрүүнэн бастакы кэккэҕэ сылдьыбыт. Ол саҕана киин куораппытыгар быһа холоон 200-чэ тыһ. киһи олорбута. Оттон киһини өлөрүү – 80. Ол эбэтэр 100 тыһ. киһиэхэ 40 киһи тиксэр. Ити – олус улахан сыыппара. Арассыыйаҕа ортотунан 12 киһи тиксэр эбит буоллаҕына, Дьокуускайга 40 этэ! Сэбиэскэй саҕана өлөрүү элбэх эбит. Ону ыстатыыстыка көрдөрөр. Мин бастаан үлэлии кэлэрбэр 6 кырачаан кыыһы күүһүлээн өлөрбүт дьыалалара арыллыбакка сылдьара. Ол туһунан ким да, тугу да билбэт этэ.
– Билиҥҥи полиция уонна урукку милииссийэ тугунан уратылаһарый?
– Улахан уратыта суох. Москубаҕа Евсюков диэн милииссийэ дьону ытыалаабытын кэннэ дойду салалтата милииссийэттэн полицияҕа кубулуйарга быһаарыммыта. Ол эрээри үлэ ис хоһооно оннунан хаалбыта. Опердары улаханнык хааччахтаатылар. Билигин дьыаланы арыйаары ким да кимиэллээхтик киирсибэт, кэбис, аны бэйэтэ дьыалаҕа түбэһиэ дии. Урукку курдук сыщик фантазията, дьайыыларыгар көҥүлэ диэн хааччахтанан турар. Ол эрээри билиҥҥи сыщиктар бэйэлэригэр эрэллээх буолбуттара көстөр, араас ыар дьыаланы арыйаллар. Мин онтон үөрэбин. Уһун күнү быһа кумааҕыны толорон, бириэмэни ыыта сатыыр күөх көппө эбэтэр хайа эрэ инструкцияны кэһэн туран дьыаланы арыйар оперативник туһалаах дуу? Мин санаабар, бүтэһигэ ордук.
– Айар үлэ абылаҥар умсан уоскулаҥы булаҕын дуо? Уопсайынан, хайдах сынньанаҕыный? Аны өссө саҥа кинигэни кэтэһиэхпит дуо?
– Бастакы кинигэлэрбин көрдөхпүнэ, кыбыста саныыбын ээ. Хайдах эрэ ситэтэ суохтар, уобарас ситэ арыллыбатах, туга эрэ тиийбэт эҥин курдук... Сороҕор барытын бүтүннүү быраҕан, айар үлэттэн аккаастаныахпын баҕарабын. Ол эрээри син биир айар үлэ абылаҥа куустаҕына, утаппыттыы суруйбутунан барабын. Ону тохтотор күүс суох быһыылаах. Ити киһиргээһин буолбатах, хайдах баарынан этэбин. Арааһа, суруйааччы барыта бу курдук “ыалдьара” буолуо.
Сотору кэминэн “Воздаяние монстру” кинигэм сахалыы “Сиэхсит сэтэ туолуута” тылбаастанан тахсыаҕа. Ону сэргэ эмиэ дьиҥ олохтон ылыллыбыт “Шатуны” диэн сэһэним күн сирин көрүөҕэ. Биирдэ кинигэм сүрэхтэниитигэр биир ааҕааччым миигин холуобунай ирдэбилгэ үлэлиир дьахталлар тустарынан суруйбаккын диэн күтүрээбитэ. Оттон саҥа кинигэбэр эр дьонтон итэҕэһэ суох, сороҕор таһыччы да үлэлээбит, опер сулууспатын ымпыгар-чымпыгар диэри билбит хорсун дьахталлар тустарынан суруйдум.
Мин дьиэ кэргэним тула эрэ аралдьыйабын, сынньанабын. Сэттэ сиэн тулабар тырымныы көтө сылдьалларыттан быыс да булбаппын. Сиэннэртэн соло буолан атынынан дьарыгырбаппын даҕаны. Оттон суруйар иэйиим түүн, уу чуумпуга, ким да мэһэйдээбэтигэр уһуктар.
– Эн туйаххын хатаран оҕолоруҥ уорганнарга барбатахтара дуо?
– Үс уоллаахпын. Улахан уол аармыйа кэннэ суоппардаан баран фельдъегерскэй сулууспаҕа киирбитэ. Иккис уол УФСИН систиэмэтигэр үлэлиир. Кырам – урбаанньыт.
Дмитрий ИВАНОВ сэһэргэстэ.