Киир

Киир

Чурапчыга физкултуура уонна успуорт судаарыстыбаннай институтун уопсайын  үөрүүлээх арыллыыта буолан ааста. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Үс мэндиэмэннээх таас дьиэ “2016-2020 сылларга дойдуга физкултуураны уонна успуорду сайыннарыы” федеральнай бырагыраамма чэрчитинэн үбүлэнэн тутуллубут. Уопсай 200 миэстэлээх,  100 миэстэлээх остолобуойдаах уонна актовай саалалаах.

Устудьуоннары уонна уһуйааччылары бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов эҕэрдэлээтэ.

Физкултуура уонна успуорт Чурапчытааҕы института өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн успуорт хайысхалаах биир соҕотох үрдүк үөрэх кыһата буолар. Ону таһынан, Арассыыйа норуоттарын национальнай успуорт көрүҥнэрин сайыннарар, РФ успуордун министиэристибэтигэр киирэр 14 үрдүк үөрэх кыһатыттан биирдэстэрэ буолар.

news.ykt.ru/

Санааҕын суруй