Быйыл “Хаарбах туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү” бырагырааманан бу уулуссаҕа икки дьиэ тутулунна. Бүгүн “Арктика-строй” тэрилтэ, туппут толору хааччыллыылаах, аныгылыы тупсаҕай, сып-сылаас дьиэҕэ 39 ыал көһөн киирдэ.
Дьон-сэргэ олоҕо тупсарыгар улахан болҕомто ууруллан, бу олус наадалаах бырагыраама үлэлээн үгүс киһи сыллата саҥа кыбартыыранан хааччыллар, дьон олоҕо тупсарыгар Ил Дархан Айсен Николаевка @nikolaev_aisen , улууспут баһылыгар Николай Старостиҥҥа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тутуу министиэристибэтигэр, эт илиилэринэн тутан-хабан дьиэни туппут, ис сүрэхтэриттэн сүүрбүт-көппүт бары үлэһиттэргэ олохтоохтор уонна тус бэйэм ааппыттан истиҥ махталбын тиэрдэбин!
Майабыт олохтоохторун дойдубут Конституцията ылыныллыбыт күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин, саҥа дьиэ хаһаайыттарыгар үөрүүнү, дьолу эрэ аҕаллын!
Сотору кэминэн "Мэҥэ тутуу" тэрилтэ туппут дьиэтин үөрүүлээх быһыыга бэлиэтиэхпит.
Майа сэлиэнньэтин баһылыга Дмитрий Тихонов.