Киир

Киир

   Өлөксөөс сойуохча буолбут хоргуннаах миинин иһиэхчэ-иһиминэ, тугу эрэ күүппүттүү, алтан солотуулаах ньуоскатынан бытаан-бытааннык булкуйбахтыы олордо. Дьиҥинэн, тугу, кими күүтээхтиэй, суох буоллаҕа. Аҕыйах хонуктан бэттэх хайдах эрэ туос иллэҥ буолан хаалбыт курдугуттан букатын сөп буолан сылдьар. Үлэлии үөрэммит киһиэхэ таах олоруу бэйэтэ таҥара накааһа буолар эбит. Эдэрси эрдэххэ хаһан биэнсийэҕэ тахсан, оҕону-урууну кытта бииргэ буолуллар, хаһан да бүппэт түбүктэн сынньаныллар диэн буолара. Хотонун көрөрүн, ынахтарын кытта киһи курдук кэпсэтэрин саҕана, күн-дьыл син биллибэккэ ааһар буолара. Ээх!
 

 

   Өлөксөөс иһигэр ас да киирбэт буолбута хас да хонно. Атын түгэн эбитэ буоллар, баччалаах мааны миини минньигэһиргэтэ иһэ олоруо этэ. Ол кэннэ хотонугар тиэтэйэ-саарайа ойуохтааҕа. Ону баара, бу бэйэлээх бэйэтин илиитинэн тутан-хабан улаатыннарбыт, быйыл эспит сүөһүтүн тиһэх борооскутун этэ буолан, хайдах эрэ. Саас ылыытын абата, кырдьыы-бохтуу охсуута субу биллибэтинэн кэлэн, ситэн сиэн эрэрэ, дьэ, хобдох!

 

Ол кэмҥэ барыта атына

 
   Саатар, оҕонньоро барахсан баара буоллар, сэлэһэн сэргэхсийиэ эбитэ буолуо. Оҕолор, улаатан – куорат дьоно. Саатар, ити кыра кыыс, быйыл ойон турда да: «Дьокуускайдыыбын, ынах кутуругун манаан олохпун барыыр санаам суох. Эн да, ийээ, эдьиий ыҥырбыта ыраатта. Барыахха. Тоҕо мэлдьи «куораттар» (ити бииргэ төрөөбүттэрин ааттыыр) истэрин көппөтөр аатыгар олордохпутуй?!!» – диэтэ эрэ кэрэх, куйаара турбута абатын! Оҕом, эмиэ да сөпкө этэр ээ. Сөбүн олоро сатаата. Ыал да буолуо этэ. Киниэхэ кыратын аатыгар, «орулуур» отутун туолла. «Дьыл – хонук» дииллэрэ кырдьык.
   Мэхээһин кытта түөрт оҕону көччөх гынан көтүппүт дьон сиэринэн, кинилэр саҕа дьоллоох суоҕун курдуга... Оҕолорбут туһа диэн күнү-түүнү аахсыбакка өрө мөхсөллөрө. Хас биирдии кыра ситиһииттэн, күлүм үөрүүттэн күннээҕи түбүк-садьык сылаата салгынныы суураллар курдуга. Ол кырачааннара улаатан, баараҕадыйан, ардыгар букатын атын планета дьонун курдук тыллаһаллар. Тыа сиригэр хара аньыылаахтар эрэ хаалан олороллорун курдук өйдөбүллээхтэр. Быһата, кийииттэр тугу туойалларынан сылдьаллар. Арыт-ардыгар Өлөксөөс: «Бу мин иитэн-такайан таһаарбыт оҕолорум дуо?!» – диэн курдук атыҥыраан ылааччы. Быйыл, саатар, сиэннэриттэн биири да таһаарбатылар.
   Өлөксөөс хараҕын кэмчи уута субурус гыммытын илиитин көхсүнэн хаһыйа охсон кэбистэ. Остуолун ыскаатара кэдэччи эриллэн тахсыбытын чэрдийэн, бакыйан хаалбыт тарбахтарынан көннөрбөхтөөбүтэ буолла. Ол быыһыгар: «Аата, оннооҕор оҕонньору тиһэх суолугар атаарыыга ытаан оҥторботох аата, кэбилэннэхпиний?! Аньыы! Аньыы! Оҕолорум эрэ этэҥҥэ буоллуннар», – диэн, араас аньыылаах санаа төбөтүгэр киирэриттэн бэйэтин бэйэтэ сэмэлэннэ.
   Ол да гыннар тоҕо баҕас куруһай, хобдоҕой: кураанахсыйыыттан кэҥээн хаалбыт эргэ дьиэҕэ суос-соҕотох хаалан хаалыы!! Тоҕо ыараханай: урут олорон ньиргитэн ааспыт дьоллоох олоҕо аны хаһан да буолбатаҕыныы, сүрэхтэн күрэнэн хаалбыта! Субу соторутааҕыта курдуга эбээт – бу манан, субу дьыбааны сыҥаһалыы, бэрт аҕыйах хардыыны оҥорбуттарыттан да толору дьолломмут кырачааннара туотаһаллара. Ардыгар кыаммакка, охтон түһэн ытаһыы да ханна барыай, баара. Оо, дьүһүн-бодо да дьон этилэр, оҕолор котокулар!
   Аҕалара, өрүү да буоларыныы, мас тиэйиитигэр сылдьан, хойутаан, бэнсиин сытынан аҥылыйбыт таҥаһын аан айаҕыттан устубутунан киирээхтиирэ. Онно дьиэлээҕилэрин көрөн, сылайбыта да сүтэ быһыытыйарын, бэйэ дьиэтин ураты сылаас тыына киниэхэ күүһү-күдэҕи биэрэрин, дьахтар киһи ураты таайыгас сүрэҕэ эндэппэккэ билэрэ.
   Аҕаларын кытта күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ, күннээҕи сонуну үллэстии саҕаланара. Уолаттар кэпсээннэрэ биир кэм «бипиип да бапаап» буолара. Арай улахан кыыс оскуолатыгар ылбыт сыаналарын ырытыһыы дуоспуруннаах кэпсэтиигэ дьүөрэлиирэ. Оччолорго кыра кыыс, Сардаанчык, төрүү илигэ. Кини, ороһулаан төрөөбүтэ...
 

Төрүт дьарык күндү

 
   Эмээхсин түннүккэ чугаһаан, бэйэтэ да хараҥа халлааҥҥа эбии боруорбукка-соҥуорбукка дылы буолан турар кураанах хотонун одуулаһар. Быйыл сүөһүтүн эһэрин билэр буолан, сыбаҕын өссө саас онон-манан суйдаан кэбиспитэ куһаҕан эбит. Аҥайбыт эркиннээх хотон, эчи, санаа баттыга буолан, нүһэрин, тымныытын!!! Өрүөстээҕэ барахсан быйыл, кырдьык-хордьук, эрдэ ууланаахтаабыта ээ... Бу күөстэнэн олорор Туллуга да хаарыан төрүөхтээх сүөһү тахсар чинчилээҕэ. Кыһайбыт курдук, быйыл курааннаан буоратта. Бэл, тиэхиньикэлээх, эр дьонноох ыал кыстыгы ыарырҕата көрүстүлэр. Сүөһүлэрин биллэ аҕыйатар аатыгар бардылар.
   Дьууруй, үлэтиттэн син быыс-хайаҕас булан, сайын аайы оттоһор уола, өссө сааһыары эппитэ: «Ийээ, баалаама! Сөбүгэр үлэлээтиҥ, сынньан. Эти баҕас булунар кыахтаах дьоммут», – диэн. Эгэ, курааннаан от атыылаһар кыһалҕа тирээбитигэр, от була сатыа этэ диэтэҕиҥ дуу! Оттооҕо буоллар, Өлөксөөс өсөһүгэр да хайдах эмэ гынан сүөһүтүн хаалларыа этэ...
   Оҕолор сотору, өрүс суола тур­даҕына, тиһэх идэһэлэрин ыла кэлиэхтээхтэр. Сардаанчык билигин да: «Ийэҕитин илдьэ кэлээриҥ. Куттаан, өсөһөн бүтэр ини. Соҕотоҕун тэһийиэ суоҕа. Дьиэбит да сөргүтүллүбэтэҕэ ыраатан, кэлин бэркэ тымныйар буолбута. Хайдах соҕотох олоруой?!» – диэн убайдарын дьаһалымсыйара иһиллэр. Барыларыттан өр бииргэ алтыспыт буолан, ордук кини ийэтигэр чугас курдук. Бииргэ төрөөбүттэрдээх аата, мэһэйдээмээри буолуо, туспа хос куортамнаан олорор үһү. Хата, улахаттар үлэ буларыгар көмөлөстүлэр. «Маннааҕы хамнаһыттан үс бүк үрдүк», – дэһэллэр. «Ээ, дьэ, хайдах буолар», – куоракка дьиэ сыаната – бэл, уларсан олоруу кытта – бас быстар сыаналааҕын, бээ, Өлөксөөс да буоллар син истэн билэр.
   Бөлүүн эмиэ түһээн Мэхээлэтин көрдө. Субу диэн, тугу гынарын өйдөө­бөккө хаалбыт. Арай санаарҕаа­быттыы көрөргө дылы. Туох түһэ эбитэ буолла? Өлөксөөс, бу санаатаҕына, Орто дойду олоҕор оҥоруохтааҕын оҥордо, оҕо, сиэн кэлиитин дьолун биллэ. «Оҕолорго чэҥкээйи буолбат гына, эрэйэ суох анараа дойдуга аттаммыт да киһи» дии саныыра кэнники кэмҥэ, ордук сүөһүтүн эһэрэ биллиэҕиттэн, элбээн барда. Эдэригэр балыыһалары балачча кэрийбэхтээбитэ да, хата, сааһыран баран ол дойду аанын умнубута ыраатта. Соло да суох курдуга. Ол оннугар Мэхээлэ барахсан, хаһан да муннугар сыыҥ киирбэт киһи, өлөр ыарыытыгар эмискэ охтубута. Хаанын баттааһына эмискэ үрдээн, биир эрэ күн сытан хаалбыта. Маны этэн эрдэхтэрэ «хаахыныыр мас охтубат, чэгиэн – тута барар, тостор» диэн.
 

Дьонноох киһи тутайбат

 
   Эмээхсин сүөһүтүн астыырга Мэхээлэтин балтын уола Тиэхээни көмөлө­һүн­нэрбитэ. Дьүһүннүүн-бодолуун үүт-маас убайыгар дьүөрэлиир. Хата, дой­дутугар олохсуйан, сүөһү-ас туттан, бэркэ диэн дьаһанан олорор. Ону көрө-көрө, Өлөксөөс, саатар, биир уола манна олохсуйа хаалбатаҕыттан абарар. Ону баара, онно кини тус бэйэтэ буруйдаах эбит ээ. «Үөрэхтээх дьон буолуҥ, дьон тэҥинэн сылдьарга кыһаныҥ, сырдыкка тардыһыҥ», – диэн оҕолоро адьас кыра эрдэхтэриттэн такайара. Морууса, Тиэхээн ийэтэ, урут кини уолаттара үрдүк үөрэҕи кыайан-хотон эрэллэригэр аһаҕастык ымсыырар эбит буоллаҕына, билигин, төттөрүтүн, Өлөксөөһү аһыммыттыы көрөргө дылы. Соҕотох хаалбытыгар туох кыалларынан көмөлөһө, уолун бу диэки ыыта, билсэ-көрсө тураахтыыр. Бэйэтэ ыарытыйаахтыыр буолан, бу диэки көстүбэтэҕэ ыраатта...
   Били, урут оҕолоругар соҥнообут, үҥэр таҥара оҥостубут үрдүк үөрэҕэ, Өлөксөөс билиҥҥи хараҕынан көр­дөҕүнэ, улахан көдьүүһэ да суох курдук эбит. Оҕолоро төрөөбүт түөл­бэ­лэриттэн тэлэһийэн, куоракка олохсуйдулар. Күн аайы харчы, үп сырсыытыгар сылдьар ааттаахтар. Кыа­ҕыран барбыттара эмиэ көстүбэт. Салгыыта – тугуй?
   Тиэхээн, төһө да оскуоланы «токур үһүнэн» бүтэрдэр, бэрээдэгинэн да мөлтөһүөр буоллар, аармыйаттан өйүн тутан кэлэн, сибээс техникумугар үөрэнэн, мончуор идэлэммитэ. Бүлүү кыыһын ойох ылан, дойдутугар аҕалбыта. Билигин сүөһү-ас тутан, сөбүгэр улахан дьиэ туттан, быр бааччы олорор тыа сирин биир төһүү ыала буолла, түспэтийдэ. Уолаттара улаата охсон, бэлиэр хаһаайыстыбатыгар көмөлөһөллөр.
   Өлөксөөс бу санаатаҕына, үөлээн­нээхтэрэ сыр-мыр бу Орто дойдуттан барыталаан, букатын ахсааннаах хаалбыттар. Дэриэбинэ уһугар Даарыйалаах, Елена Степановна бааллар. Хайа уонна Моруусата, эдьиий-балыс курдук санаһар киһитэ, баар. Син дөрүн-дөрүн баран, көрсөн, кэпсэтэн кэлэр. Дьэ, онто, ол куоракка киирдэҕинэ, тохтуур. Бээ, бу да гыннар төбөтө хамсыырын тухары, «өтөҕүттэн» тэйэр санаата суох. Сорох, баҕар, маны сиилиэ. «Оҕолордоох аата соҕотоҕун олордоҕой» диэн. Оттон кини санаата атын – кини кими да мэһэйдээбэккэ, дьол толорутун билбит, киниэхэ олус күндү, сыаната биллибэт иэримэ дьиэтиттэн туох да иһин тэйиэн баҕарбат. Биирдэ эмэ ыалдьыттыы диэн ааттаан, оҕолорун эр-биир кэрийэн, куоракка уонча хоноору гыннаҕына, тыына-быара хаайтаран, дойдутун ыраас салгынын суохтаабытынан барара.
   Олох бэйэтэ кичээҥи буоларга үөрэппит киһитэ Өлөксөөс, ити да гыннар, миинин тоҕор санаата суох. Көс­түрүүлэҕэ төттөрү кутан, уурардыы туттан эрдэҕинэ, күүлэҕэ атах тыаһа иһилиннэ. Аан аһыллыбытыгар көрбүтэ, Тиэхээн эбит. Быраат самныбыт, отуора хамсаабыт сирэйдээҕиттэн эмээхсин куһаҕан буолбутун тута сэрэйдэ. Оо, Морууса барахсан! Икки хонуктааҕыта балыыһаланна диэн баара!
   Эмээхсин хобдох сонунтан эбии самнан, мэктиэтигэр, кыччаабыкка дылы буолла. Кыах тиийэринэн көмө­­лөһө бараары, истибэт буолан хаалбыт тарбахтарынан таҥнар таҥаһын кэтэ сатыы, салҕаластыы турда ....
   Оо, тыам сирэ барахсан!
 
Лоһуура.

Санааҕын суруй