Киир

Киир

   Е.Гаврильев, Горнай улууһа:
   – Дэриэбинэҕэ почта дьиэтигэр олорорбут. Ийэбит дьиэ сууйааччынан үлэлиир буолан, биир өттүгэр олорорбут. Ыы кырбас оҕолордоох этибит. Оҕолор оонньуур кэмнэригэр хоспор сытан эрэ хаһыат ааҕарым, сылаам таайан эбитэ дуу, устунан эрдэ утуйан хааларым. Биирдэ ситэ утуйа иликпинэ, хаптаһын быыс аанын кыычыгыраччы аһан, арай, орто уҥуохтаах киһи киирэн кэллэ. Мин ону көрөн соһу­йаммын, хаһыытыы түһээт, ойон турдум. Хараҕым иирбитин дуу, илэ көрбүппүн дуу араарбат буола куттанным, дэлби салыбыраан хааллым. Чыпчылыйыах икки ардыгар киһи дуу, абааһы дуу сүтэн хаалла.
Кэлин олохтоох дьонтон истэн билбиппит, ол киһи көһүннэҕинэ, дэриэ­бинэҕэ ыалдьа сылдьар дьонтон, ол түүн хайалара эрэ өлөр эбит. Кэлин киһи өлөр түүнүгэр киэһэтин көстөр буолбута. Ол иһин мин: “Бу түүн ким эрэ быстар буолбут, эмиэ көһүннэ”, – диир буолбутум. Аны туран, дьиэбит иһиттэн миигиттэн ураты ким да көрбөт эбит. Кэлин ыйыталаһан билбиппит, биһиги көһөн кэлиэхпит иннинэ почта начаалынньыга бу дьиэҕэ олорон, оһолго түбэһэн өлбүт. Ол иһин хас сырыы аайы көстөр эбит.
 

Тоҥсуур

 
 
И.П.Г., Дьокуускай олохтооҕо:
   – Бу түбэлтэни биир эдэр киһи кэпсээбитэ.
   –Тастыҥ эдьиийим өлүө үс хонук иннинэ, дьикти тоҥсууру истэр буолбута. Киэһэ бары дьиэнэн тэлэбиисэргэ киинэ көрө олордохпутуна, эдьиийбит «ити ааны ким тоҥсуйарый?» диэн ыйытта. Ким да тугу да саҥарбата. Биһиги тугу да истибэтибит. Эдьиийим санаата батарбакка баран ааны арыйан көрдө уонна туох да саҥата суох төннөн кэлэн киинэ көрсүһэн барда. Ким да суох үһү.
   Сарсыныгар (онно мин суох этим) эдьиийбит куукунаҕа ас астыы сылдьан, туох да олус түргэнник сүүрэн тиийэн эмиэ ааны арыйан көрбүтүн ийэм кэпсээбитэ. Эдьиийбит наһаа соһуйбут дьүһүннээх үһү, «итиччэ улаханнык тоҥсуйалларын хайдах истибэккит? Ити, арааһа, ыалларбыт оҕолоро дьээбэлэнэллэр быһыылаах. Дьэ, бэйикэй!» диэбит. Дьиэҕэ баар дьон бары онтон улаханнык соһуйбут, дьиктиргээбит этилэр.
   Үһүстээн, түүн түлүк уубутугар утуйа сытан эдьиийбит киирэр аан таһыгар тиийэн «кто там?» диэн ыйытарыттан соһуйан уһуктубуппут. Түүн, 3 чаас саҕана. Бу сырыыга эдьиийбит подъезка тахсан, үөһээ-аллараа этээстэри кытта чинчийэн көрбүтэ. Ким дьээбэлэнэрин билээри. «Туох ааттааҕын киһини утуппакка илэ сүүрдэҕэй? Сыбыс-сымыйанан, «тоҥсуйаллар» дии-дии. Хата кини дьиэҕэ үлэлээбэккэ олорор эбит дии!» – диэн дьоммун кытта кыҥыр-хаҥыр саҥарсыы кытта баара.
   Ол сарсыныгар эдьиийбит киэһэ таксинан дойдутугар барбыта уонна... төннүбэтэҕэ. Ол күн бассаапка «Бүлүү аартыгар дьон өлүүлээх суол быһылаана буолла...» диэн суруктары, ынырык хаартыскалары туппуппут.

Санааҕын суруй