Киир

Киир

Ньурба улууһун Чаппанда сэлиэнньэтигэр саҥа уһуйааннаах оскуола тутуллан бүтэн үлэҕэ киирэргэ бэлэм буолла. Икки этээстээх саҥа дьиэ 100 оскуола оҕотун уонна  50 уһуйаан иитиллээччитин батарар кыахтаах. Эбийиэги тутуу «2020-2024 сс. уонна 2026 сыл болдьоммут кэмигэр Саха сиригэр үөрэхтээһини сайыннарыы»  тосхолунан ыытылынна.

IMG 20221019 173850

СӨ тутууну уонна дьиэни-уоту кэтээн көрүүгэ судаарыстыбаннай  управлениетын салайааччытын солбуйааччыта Влад Пермяков эбийиэк бэрэбиэркэни этэҥҥэ ааспытын уонна бырайыак докумуонугар сөп түбэһэрин иһитиннэрдэ.

IMG 20221019 170215

Оскуолаҕа киэҥ-куоҥ үөрэнэр кэбиниэттэр, мастарыскыайдар, лабораториялар, остолобуой, ас астыыр блок, аныгы тэриллээх мэдиссиинэ блога, кинигэни харайар пуондалаах бибилэтиэкэ, таҥнар уонна суунар хостоох успуорт саалата, 75 миэстэлээх аактабай саала бааллар. Уһуйааҥҥа оҕолору обургу, орто уонна кыра саастаах үс бөлөххө арааран ылыахтара. Бөлөхтөр оонньуур, утуйар, таҥнар, аһыыр уонна чэпчэтинэр хостоохтор. Маны сэргэ логопед, сэбиэдиссэй, мэтэдьиис кэбиниэттэрэ, мал уурар хос уонна универсальнай саала бааллар.

IMG 20221019 151642

Икки үөрэх тэрилтэтин холбообут дьиэ үөрэнэр миэбэлинэн уонна тиэхиньикэнэн толору хааччыллар. Оскуола уонна уһуйаан туспа ааннаахтар уонна былаһааккалаахтар.  

Сонун төрдө: СӨ тутууну уонна дьиэни-уоту кэтээн көрүүгэ судаарыстыбаннай  управлениетын пресс-сулууспата

Сэҥээриилэр

Warren
0 Warren 12.11.2022 07:19
%%

Review my blog - local seo services: http://xtblogging.yn.lt/index.wml/__xtblog_entry/306397-trik-mengganti-nama-fb-sepuasnya?__xtblog_block_id=1&name=moderator&site=chessdatabase.science%2Fwiki%2FUser%3AAntoniettaChiodo
Ответить
Hal
0 Hal 14.11.2022 02:03
%%

Also visit my webpage seo Uk prices: https://ko2bwloct4qnusjci7qcfi2pb27yful5jb6ytarvnmbuna4hzi4q.cdn.ampproject.org/c/cloonan.org%2F__media__%2Fjs%2Fnetsoltrademark.php%3Fd%3Dgenolab.su%2Fsite%2Fblog%2Fchistota-rastvoriteley-i-ms-chuvstvitelnost%2F
Ответить

Санааҕын суруй