Киир

Киир

Бэҕэһээ киэһээ Дьоппуон сиригэр олус күүстээх сир хамсааһына буолбут. Бу кэнниттэн судаарыстыба сорох биэрэктэригэр цунами кэлбит. Бу туһунан PRIMPRESS саайка суруллубут.

Күүстээх сир хамсааһына Фукусима оройуонугар, дойду хотугулуу-илин өттүгэр буолбут эбит. 7,3 магнитуда бааллаах анньыалааһыннар 60 км. дириҥҥэ, олохтоох бириэмэнэн 23 ч. 36 мүн. бэлиэтэммиттэр.

Сир хамсааһынын сибикитэ судаарыстыба хотугу эрэ чааһыгар буолбакка, Токиоҕа кытта биллибит. Онуоха, «Синкансэн» диэн түргэн ускуорастаах эспириэс Фукусима оройуонугар, сорох сиринэн суолуттан туораан биэрбит.

Tokyo Electric Power суруйарынан, Токиоҕа 700 тыһ. тахса дьон олорор дьиэтэ элэктэриичистибэтэ суох хаалбыт. Оттон Маякига сир хамсааһынын кэнниттэн, биир миэтэрэ кэриҥнээх цунами кэлбит.

Маны таһынан, «Фукусима-1» АЭ ыстаансыйатыгар массыына салаатын бэһис энерго-булуогар баһаарынай сигнализация үлэлээн кэлбит. Билиҥҥи туругунан, эбийиэги чинчийэ сылдьаллар.

Аны туран, сотору кэминэн, Дьоппуон хотугулуу-илин өттүгэр, 5,6 магнитуда бааллаах сир хамсааһына иккистээн биллибит. Дойдуга олус элбэх киһи эчэйбитин туһунан биллэрэллэр.

Санааҕын суруй