Киир

Киир

СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников улахан баһаары сэрэтэр туһугар Бүлүү бөлөх улуустарыгар зондировщик-сөмөлүөт үлэлии көтөрүн туһунан брифинигэр иһитиннэрдэ.  

Билигин Чурапчы улууһугар биир ойуур баһаара буола турар. Ону Ан-2 сөмөлүөтүнэн уонна Ми-8 бөртөлүөтүнэн хонтуруоллууллар.

«Билигин баһаар соҕотох төрүөтэ дьон тыаҕа, хонууга сэрэҕэ суохтук сылдьыыта буолар. Онон нэһилиэнньэни өртөөһүнү ыыппаккытыгар уонна уоту сэрэхтээхтик туттаргытыгар ыҥырабын. Өртөөһүн РФ сокуонунан бобуллар», – диэн Садовников тоһоҕолоон эттэ.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 7 улууска уонна Дьокуускай эргин 15 ойуур баһаара бэлиэтэннэ: Аммаҕа – 4, Чурапчыга– 3, Мииринэйгэ – 2, Намҥа – 2, Ленскэйгэ – 1, Мэҥэ Хаҥаласка – 1, Уус Майаҕа – 1, Дьокуускайга – 1.

Асспыт сылга бу кэмҥэ 82 баһаар баара.

Сонун төрдө: CӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата

Санааҕын суруй