Киир

Киир

Өр, сындалҕаннаах өрөмүөн ыытылла турар. Инньэ, 2017 сылтан ылата. Киһи да сөҕөр, бэркиһиир. Өрөмүөнү маннык уһуннук ыыппыт оройуон Саха сиригэр баара буолуо дуо? Библиотека, бэрт кыбычыын сиргэ кыбыллан, эрэйдээхтик үлэлии олордо.

Сэтинньи 30 күнүгэр библиотека аана сабылынна. Дьиэни өрөмүөннээччи биригээдэ бастакы этээскэ үлэлии түстэ. Онон, балачча өр кэмҥэ, тапталлаах библиотеката суох олорорбутугар тиийэбит.

Тутуу биригээдэтин биир бэрэстэбиитэлэ миэхэ эппитинэн, 2022 сыл саҥатыгар өрөмүөн үлэтэ үмүрүйүөхтээх. Дьэ, саатар эрэ оннук буоллун. Өрөмүөн бүтүөхчэ бүппэтиттэн, биһиги – ааҕааччылар эрэ мэһэйдэппэппит. Библиотека үлэһиттэрэ, маннык мөкү усулуобуйаҕа, тыаска-ууска, быылга үлэлээн кэллилэр. Ол эрээри, ааҕааччыларын ахсаанын сүтэрбэтилэр.

Станислав Алексеев. Мииринэй куората.

Санааҕын суруй