Киир

Киир

Саха сиригэр хамсык балаһыанната лаппа намыыраата, ыалдьыбыт дьон ахсаана күннэтэ аҕыйыы турар, диэн чорботон туран эттэ Айсен Николаев.

«Бүгүҥҥү күн туругунан мин бигэтик этэр кыахтаахпын, Саха сиригэр ыарыы таһыма намтаата, урукку көрдөрүлэри кытары тэҥнээтэххэ, билигин уонча дэһээтэй бырыһыанынан хамсыгынан ыалдьыы намтаата. ИВЛ аппаратыгар киирэр дьон ахсаана хас да төгүл аҕыйаата», - диэн тоһоҕолоон туран бэлиэтээтэ Ил Дархан.

Уопсастыбыннай аһыыр сирдэргэ, успуорт эбийиэктэригэр кэккэ хааччахтары сымнатыы туһунан быһаарыы таҕыста, көрөөччүтэ суох да буоллар күрэхтэһиилэри ыытыы көҥүлэннэ, диэн эбэн эттэ Айсен Николаев.

«Саха сирэ Арассыыйаҕа биир бастакыларынан QR куод систиэмэтин киллэрэн, биһиги маннык түмүктэри ситистибит», - диэн бэлиэтээн туран эттэ Ил Дархан.

Санааҕын суруй