Кыраман былыргыттан
Ынах сүөһү барахсан
Норуоту аһаппыта,
Олоҕу тыыннаабыта.
Оҕо саас өйдөбүлэ
Бу баардыы тиллэн кэллэ:
Эбэм аах хотонноро,
Ураты сылаас сыта,
Ынахтарын бэрийэр
Эбэм солуурун тыаһа,
Имигэс илиитинэн
Үүтү "чуу-чаа" сүүрдэрэ.
Өйдөөн-санаан кэлэбин
Үүт минньигэс амтанын,
Остуол тула олорон,
Хойуу суорат сиирбитин.
Саха дьонун ынахпыт
Баччаҕа аҕаллаҕа,
Онон саха ынаҕын
Дэлэтии — норуот иэһэ.
Уус Алдан
Сэҥээриилэр