Балбааралаах Анньыыһын үлэлэригэр билсибиттэрэ. Дьахтар – бэрэдэбиэс, биирдэрэ – илии-атах үлэһит.
Аҕата Анньыыһын тоҕус эрэ сааһыгар Орто дойдуттан күрэммитэ. Уол ийэтиниин олорон оскуоланы бүтэрбитэ уонна аармыйалаабыта. Диэмбэллэнэн кэлэн баран, сопхуоска араас үлэҕэ сылдьыбыта, үтүөх-батаах дьону кытта булсан, өрөөбөккө арыгылыыр буолбута.
Ийэтэ эрэйдээх арыгыттан тэйитэ сатаан төһөлөөх муҥнаммыта буолуой! Хаста да отоһуттанан көрбүттэрэ да, сотору кэминэн эмиэ испитинэн барара.
Биирдэ кытаанах санаатын киллэрэн баран, ийэтэ уолун куоракка илдьибитэ. Анньыыһын «Красная Якутия» (тоҕо итинник ааттаабыттара буолла?) диэн наркология дьыспаансырыгар ый кэриҥэ сытан эмтэммитэ. Бу балыыһаттан инникигэ эрэл санаалаах, добуочча былааннаах киһи тахсыбыта. Манна сытан чөл олоҕу тутуһар чахчы үчүгэйин өйдөөбүтэ уонна дойдутугар айаннаан иһэн, арыгыһыт атастарыттан хайдах арахсар туһунан толкуй бөҕөтүгэр түспүтэ.
Киһи соһуйуох, онто табыллыбыта! Сыл устата арыгы диэки хайыспатаҕа. Арыгы маҕаһыынын таһыгар туран кини ааһарын ордоотуу көрсөр атастара улам сүтэн-оһон барбыттара. Кырдьык, арыгылыах санаата сиик курдук симэлийбитэ.
Сельпоҕа илии-атах үлэһитинэн киирбитэ. Ыарахан дьааһыктары, кууллаах бурдугу таһара, ону таһынан ыскылааты бэрийэрэ, араас таараны көтүрэрэ. Ыскылаакка кутуйах сүгүннээбэт буолбутугар олору кытары охсуспута. Ийэтэ үөрүүтүттэн хайыан да булбатаҕа – уола хайдах курдук тосту көммүтүй! Бэл, тэрилтэтин дьоно ытыктыыр буолбуттар.
Иэдээн эмискэ кэлбитэ. Биир күн ийэтэ бала ыалдьыбыта уонна оронуттан турбатаҕа. Сыл аҥаара лип сытан баран, анараа дойдуга аттаммыта.
Анньыыһын ол да буоллар маҕаһыыныгар үлэлиирин кубулуппатаҕа. Өктөөп бырааһынньыга буолбутугар бастыҥ үлэтин иһин бочуоттаах кыраамата туттарбыттара. Ити курдук улам ситиһиилэнэн испитэ, онтон сүргэтэ көтөҕүллэн, соҕотоҕун оронугар сытан эрэ арааһы бары былаанныыр идэлэммитэ.
«Суоппар дуу, тырахтарыыс дуу идэтигэр үөрэммит киһи! Үйэтин тухары бу курдук илии-атах үлэһит буола сылдьыа дуо, сопхуоһугар кэлэн үлэлиэ этэ. Сааһа да ыраатан эрэр, ойохтонор да, оҕолонор да кэмэ кэллэ. Олоруох этилэр, төрөппүттэрин дьиэтэ хоп курдук, – онтон дьиэтин кэриччи көрбүтэ, – мал-сал, кырдьык, аҕыйах, ол эрээри ити барыта түргэнник көстүөн сөп. Оттон ойох туһунан этэр буоллахха... Балбаара, эрэ суох кыыс, бэрэдэбиэстиир, кинини кытта боруобалаан билсибит киһи! Кыыс син үчүгэй курдук, арай саҥа-иҥэ кэмчи киһитэ. Кытаанах хараахтардаах быһыылаах, олус кыыһырымтаҕай. Дьэ, кинини кытта хайдах билсиһиэх баҕайыбыный?»
Анньыыһын дьиэтигэр собус-соҕотох олорон ити курдук арааһы эргитэ саныыра. Саҥа дьыл тиийэн кэлбитэ. Сельпо дьоҕус кэлэктиибэ бырааһынньыгы көрсө сэмэй остуол тардыбыта. Дьахталлар дьиэлэриттэн бэрэски, кэтилиэт аҕалбыттара. Остуолга Болгария курдук кый ыраах дойду голубцыта, венгрдэр кыһыл арыгылара, сэбиэскэй сампааныскай, чехтэр мармеладтара... быһата, интернационал ас арааһа тардыллыбыта.
Анньыыһын арыгыга чугаһаабатаҕа. Эргэ проигрыватели холбообуттарыгар муусука оонньообута. Уол Балбаараны үҥкүүгэ ыҥырбыта. Соччо-бачча сатаабатар да, кыыһы кытта кэпсэтэр санааламмыта.
– Маннык биэчэри тэрийбиттэрэ үчүгэй баҕайы буолбат дуо, Варя... – Анньыыһын өссө тугу этиэн билбэккэ эрэйдэммитэ. – Хайдах олороҕун?
Биирдэһэ дьиктиргээбит курдук көрөн баран:
– Хайдах олорорум ол эйиэхэ туохха нааданый, тоҕо ыйытаҕын? – диэн саайбыта.
Онуоха Анньыыһын эр санаатын киллэрбитэ.
– Варя, бу үтүө киэһэни миэхэ тиийэн салгыахха. Соҕотохпун, ким да мэһэйдиэ суоҕа, чэй иһиэхпит...
– Һы, аны дьиэҕэр ыҥыран турдуҥ дуу? – Балбаара өссө эбии соһуйбута.
Анньыыһын атыыр аккааһы ыллым диэн өйдөөбүтэ. Оруо маһы ортотунан маннык толоостук ыйыппытын кэмсинэ санаабыта. Кырдьык даҕаны, соҕотох олорор эр киһиэхэ хайа аанньа дьахтар барыаҕай.
Варя тугу да саҥарбатаҕа. Онтон, бырааһынньыктаан бүтэн, остуолу үрүм-арым туппуттарын кэннэ, Анньыыһыҥҥа чугаһаан кэлэн:
– Хайа, чэ, барабыт дуо? – диэбитэ.
Итинтэн ыла бииргэ олорор буолбуттара.
Бастакы оҕолоро төрөөбүтүгэр Анньыыһын аҕатын аатын биэрбиттэрэ, инньэ гынан уоллара Өстүөппэ диэн буолбута. Ити кэмҥэ Анньыыһын тырахтарыыс идэтигэр үөрэнэн, сопхуоска үлэлиирэ. Балбаарата маҕаһыыныттан харыс да халбарыйбатаҕа.
Эйэ дэмнээхтик олорбуттара, улахан этиһии, иирсээн суоҕа. Балбаара арай биири сөбүлээбэттээҕэ – Анньыыһын доҕотторун. Биир эмэ табаарыһа ыалдьыттыы кэллэҕинэ, кэргэнэ, сөбүлээбэтин биллэрэн, дьиэс-куос туттара. Сотору кэминэн доҕотторо, билэр да дьонноро бу дьиэҕэ үктэммэт буолбуттара. Балбаара дьүөгэтэ эмиэ аҕыйаҕа, кинилэр эмиэ улам сылдьыбат буолуталаан барбыттара.
Дьиэлээх хаһаайка саамай сөбүлүүр дьарыга дьиэтин хомуйара-бэрийэрэ этэ. Иллэҥсийдэ да наар муоста сууйара, истиэнэни аалара, дьиэ үрдүн соторо... Анньыыһын, үлэтиттэн дэлби илистэн, «дьыбааҥҥа сытан сынньана түспүт киһи!» диэн баҕалаах кэлэн баран, кэргэнэ хаһан дьиэтин сууйан бүтэрин кэтэһэн, таһырдьа уһуннук табахтаан бусхатара.
Балбаара Ыстапаанын уот ааныттан хабырдык ииппитэ. Кыра да буруй иһин хайаан да уолун накаастыыра: муннукка туруорара, дьиэтээҕи үлэтин толоро олорор оҕотун илиниэйкэнэн төбөҕө охсоро, киэһээ аһылыгыттан матарара. Ити барыта иитэр үлэтин сорох көрүҥэ буолан, бары даҕаны онуоха үөрэнэн хаалбыттара. Анньыыһын, ис-хааныттан үтүө санаалаах, сымнаҕас майгылаах киһи, быыкаа уолун кэргэнэ ити курдук сордуурун көрө-көрө, сүрэҕэ ыалдьара, ол эрээри тулуйарга тиийэрэ, туох да диэн утары эппэт этэ.
«Кэргэним эрэйдээх үчүгэй буоларбыт туһугар кыһаллаахтыыр. Уолбутун көҥүл ыытан кэбистэхпитинэ, туох аанньа киһи тахсыай. Таһырдьа көрбөккүн дуо төһөлөөх ыччат арыгылаан тиэриллэҥниирин. Бэйэм даҕаны арыгыга умайа сыспытым. Миигин хара маҥнайгыттан ити курдук кытаанахтык ииппиттэрэ буоллар, билигин, баҕар, букатын атын киһи тыыллан-хабыллан сылдьыам эбитэ буолуо», – диэн күүлэҕэ бөппүрүөскэтин ытыран туран саныыра.
Уоллара кыһанан үөрэнэрэ, түөртээх биэс сыананы ылан кэлэрэ. Ол аайы Анньыыһын «ийэбит оҕотун сөптөөх хайысханы тутуһан иитэр эбит» диэн бүк итэҕэйэрэ.
Ол эрээри сороҕор уолчаан «үс», айыы таҥара быыһаатын, «икки» сыананы ылан кэллэҕинэ, ийэлэрэ буруйдууругар эҥин араас ньыманы барытын туттара: аһаппата, хараҥа хоско хаайара, илиниэйкэнэн биэртэлиирэ, онтон да атын накаастабылы толкуйдаан таһаарара. Аҕалара бу кэмҥэ дьиэтигэр баар буоллаҕына, тулуйбакка тахсан барара уонна утуйар саҕана биирдэ кэлэрэ.
Ити курдук уонча сыл олорбуттарын кэннэ иккис уоллара төрөөбүтэ. Оҕолорун Балбаара аҕатын аатынан Слава диэбиттэрэ.
* * *
Дьиҥэр, дьиэҕэ оҕо баара ыалы биир сыалга түмүөхтээх, сомоҕолуохтаах этэ эрээри, Дьэкириэмэптэр киэннэрэ төттөрү буолан тахсыбыта. Анньыыһын Балбааратыттан тэйдэр тэйэн барбыта. Ийэлэрэ улахан уолун хабырдык иитэрин көрө-көрө, Анньыыһын тулуйарын ааспыта, хаарыаннаах доҕотторо Балбаараттан сылтаан тэйбиттэриттэн кэмсиммитэ, ойоҕо субу-субу дьиэтин сууйан-сотон тахсара хал гыммыта. Биирдэ өйдөөбүтэ, үлэтин кэнниттэн дьиэтигэр барыан олох баҕарбат буолан хаалбыт эбит. Итинник санаа күн ахсын күүһүрдэр күүһүрэн испитэ.
Биир күн хамнаһын ылан, дьиэлээн иһэн бииргэ үлэлиир киһитин дьиэтин таһыгар тохтообута. Ыкса киэһэ этэ. Бу туран, санаа-оноо баттаан, бачыыҥкатын тумсунан кыраһа хаары хаһыйбахтаабыта. Ис-иһиттэн кыдьыгыран ылбыта: кэлиҥҥи бу уон сыл иһигэр аан бастаан арыгы иһэн, саппаҕырбыт санаатын сайгыы түһүөн баҕарбыта. Аркаадьый диэн ааттаах сытыы-хотуу табаарыһа мэлдьи арыгылаах буолара уонна үлэтигэр даҕаны тэп гыннаран кэлэр идэлээҕэ. Хата, атаһа баар быһыылаах, дьиэтэ уоттаах эбит. Анньыыһын чочумча турбахтыы түһэн баран, сорунуулаахтык дьиэ диэки дьулуруйбута.
Киирбитэ, Аркаадьыйа дьыбааҥҥа сытан кинигэ ааҕара.
– Аркаша, бирибиэт, – Анньыыһын бэргэһэтин устубута, тэлигириэйкэтин тимэҕин сүөрбүтэ. – Дьонуҥ суохтар дуу?
– Эмээхсиним куоракка көрдөрүнэ киирбитэ. Кыыһын илдьэ барбыта, аймахтарыгар бааллар, – Аркаадьый кинигэтин ууран, дьыбааныгар олорон Анньыыһыны дьиктиргээбиттии көрүтэлээбитэ. Бу дьиэҕэ табаарыһа бүтэһигин уон сыллааҕыта киирэ сылдьыбыт эбит, – сыгынньахтан, аас, чэй иһиэхпит.
– Баһыыба, – Анньыыһын бачыыҥкатын устан киирэн барбыта.
Аркаадьый «туох дьыалаҕа кэлбит баҕайытай?» диэн, киһитин сыаналыырдыы көрбүтэ.
Чаанньык оһоххо турара, саҥардыы оргуйбут быһыылааҕа. Дьиэлээх хаһаайын чэй кутан биэрбитигэр Анньыыһын иһэ да сорумматаҕа.
– Чэ, Анньыыһын, эрэйдээбэккэ эт, туохха кэллиҥ? – Аркаадьый тулуйарын ааһан ыйыппыта. – Мээнэҕэ кэлбэтэх буолуохтааххын, ыл, кэпсээ.
– Дьэ, Аркаадьый, санаам түүппэҕирэн сылдьар. Ойохпун кытта сыһыаным дьаабытыттан ааста, дьиэбэр барыахпын да баҕарбат буоллум. Оннук. Тугу гыныах баҕайыбыный – билбэппин.
– Оттон араҕыстаххытына?
– Кырдьык, саахсабыт суох, көннөрү бииргэ олоробут. Саахсаланар соло да суох курдуга.
– Оччотугар эгэ эрэ буоллаҕа дии. Ойоҕуҥ сүрдээх кытаанах хараахтардаах, мин маннык дьахтартан куоппутум ырааппыт буолуохтаах этэ. Дьэ, онуоха холоотоххо, мин кэргэним...
– Аркаадьый, – табаарыһа кэпсээри гыммытын Анньыыһын быһа түспүтэ, – эйиэхэ туох эмэ баар дуо?
– Эн испэккин буолбат дуо, – Аркаадьый дьиктиргээбитэ.
– Кыратык иһэ түһүөххэ сөп этэ, – Анньыыһын остуолга бүк түһэн олорон хоруйдаабыта.
– Оо, ол ас обургуну хаһааммат идэлээхпин. Оттон харчылаах буоллаххына, чугас сүүрэ түһэн кэлиэхпин сөп.
– Мэ, ыл, – Анньыыһын сиэбиттэн хостоон харчыны ууммута, биир буокката.
Табаарыһа тахсыбытын кэннэ, араас санааҕа баттатан сол курдук хамсаабакка олорбута.
«Дьэ, билигин Аркаша буокка аҕалыаҕа. Иһиэм, онтон хайдах буолабын? Балбаара итирбиппин биирдэ да көрө илик, дьэ, туох диэй? Өскө миигин таптыыр буоллаҕына, арыгы испэтим туһугар кыһаныа-мүһэниэ. Оччоҕо сыһыаммыт арыый тупсуо этэ. Устунан арыгыга умса түһүө диэн куттанара чахчы. Инньэ гынан ыал иитэр-аһатар киһитин сүтэриэ дуо?» – диэн саныы олордоҕуна, Аркаадьый киирэн кэлбитэ.
Табаарыһа үөрбүт-көппүт киэбинэн бытыылканы остуол хабайар хаба ортотугар ууран лос гыннарбыта. Халадыынньыктан туустаах оҕурсу, арыы таһаарбыта. Килиэби быһан баран, үөрүйэх баҕайытык бытыылканы аһа охсубута уонна кырыылаах ыстакааннарга кутан кылыгыраппыта.
– Чэ, барыта үчүгэй буоларын туһугар, – диэн баран, ыстакаанын биир тыынынан түһэрэн кэбиспитэ.
Анньыыһын кэтэмэҕэйдээбитэ. Салла санаабыта. Быдан өрдөөҕүтэ хас эмэ хонугу супту арыгылаан баран, сап-салҕалас илиитинэн чаанньыгы ылан куолаҕыттан тыбыс-тымныы ууну киллиргэтэрэ бу көстөн кэлэргэ дылы гыммыта... Арыгыга өлөртөрөн, аламай маҥан күн сырдыга даҕаны өлбөөрөн көстөрүн, туох барыта харааран-болоорон хам баттыырын, маннык олоруох кэриэтэ өлбүт да көнө дэтэлиир кэмнэрин санаталаабыта.
– Чэ, тоҕо кэтэһиннэрэҕин?
Аркаадьый ити саҥатыттан уһуктубут курдук буолбута уонна хараҕын быһа симэн баран, буоккалаах ыстакааны уоһугар даҕайан, көннөрү ууну иһэр курдук, кыра-кыралаан сыппайбытынан барбыта. Ортотугар диэри иһэн баран, аҕынньыта төллөн, тохтоон ылбыта, онтон салгыны эҕирийээт, биирдэ таҥхас гыннаран кэбиспитэ. Балачча өр сол курдук хараҕын симмитинэн олорбута.
– Чэ, аны иккиспитин, – Аркаадьый ыстакааннарга кутаттаан баран, кини диэки анньыбыта.
– Суох, бэйэҥ ис, – хараҕын аспакка эрэ сапсынан ылбыта, – кыратык олоро түһүөм.
Сотору соҕус буолаат, этэ-сиинэ сылыйан, ис-иһиттэн чэпчээн, сүргэтэ көтөҕүллэн барбытын билбитэ.
– Иккиһи даҕаны иһиминэ, – диэн баран, Анньыыһын ыстакаанын хантас гыннаран кэбиспитэ.
Тэлиэс-былаас дайбаан, дьиэтин диэки тэмтэриҥнээбитэ.
«Дьэ, билигин Варям маннык туруктаахпын аан бастаан көрүөҕэ. Туох диирэ буолла, бырастыы гынара дуу, суоҕа дуу? Бырастыы гынан буолумуна. Биллэн турар, бырастыы гыныаҕа! Онтун ааһан өссө аһатыаҕа уонна сылаастык үлбүрүйэн утутуоҕа. Кини, дьиҥинэн, үчүгэй дьахтар, оҕо сааһа эрэйдээхтик аастаҕа дии, хараахтара ол иһин ыарахан. Бырастыы гыныаҕа-аа».
Дьиэтигэр түүн үөһэ тиийбитэ. Анньыыһын уоту холбообокко куукунаҕа оргууй аҕай сыбдыйбыта. Онтон эмискэ ый сырдыгар хайалара эрэ субу туналыс гыммыта. Анньыыһын соһуйан, саҥа аллайбыта:
– Һук, бу кимий?!
– Түүннэри бу ханна илэчийэ сылдьаҕын!
Уот сандаарыс гыммытыгар көрбүтэ – Балбаарата турара.
– Ээ, уолаттары кытта олорон, тардыллан хааллым, – Анньыыһын хайдах да оҥостон этэ сатаабытын иһин, саҥата бөлүөстэн хаалан, итиригэ сонно биллэрэ.
– Көр да маны, аны арыгылаабыккын дуу?! – Балбаара чугаһаан кэлэн сытырҕалаабыта уонна сэтэрээбиттии алларастаабыта. – Маннык буолуохтаах этэ ол иһин. Дьэ, өр да күүппүтүм итирэн кэлэргин, арыгыһыт сордоох. Маннык буоларгын эрдэттэн билбитим. Киэр буол, дьиэттэн бар!
– Уоскуй, түүннэри ханна барыахпыный? Чэ, сарсыарда кэпсэтиэхпит...
– Арыгылаан дэлбэрийбит сиргэр түҥкэлий! Саманнык дьүһүлэнэн дьиэҕэ кэлимэ, – диэн баран, эрин үлтү түүрэйдээн, ааҥҥа аҕалбыта.
Анньыыһын бастаан утарсыах курдук буолан иһэн, эргичис гынаат, дьиэттэн тахсан барбыта. Ханна бараахтыай, Аркаадьыйын диэки салбыҥнаабыта.
Геннадий Гурьев
“Воздаяние монстру” диэн В.Егоров сэһэниттэн тылбааһа.