Галина Саввична бүгүн арыый эрдэлээтэ. Москубаттан хамыыһыйа кэлиэхтээх. Онон докумуоннары чөкөтүү, дааннайдары чопчулааһын үлэтэ барар. Сарсыарда ытын күүлэйдэтэригэр халлаан туругун билэн киирээччи. Бэҕэһээҥҥиттэн сылыйбыт. Онон халыҥ сонун иһин уһулла. Оптуобуһу кэтэһэ таарыйа суол кытыытынааҕы киоска табаарын түннүк нөҥүө көрбүтэ буола турдаҕына, кэннигэр эмискэ ким эрэ “Дорообо, Галя!” диэбититтэн олус соһуйда. Ханна истибит куолаһай? Дьахтар кэннин хайыһыар диэри бүтүн олоҕо хараҕар элэҥнээн ааста. Кини! Галина Саввична ыҥырбыт киһитин кылабачыгас тирии бачыыҥкатыттан, муодунай халтаҥ сонуттан саҕалаан баайыы бэргэһэтигэр тиийэ өрө көрөн таһаарда. Виктор дии... Эдэр, эмэн бэйэтэ кини эмиэ сааһырбыт. Арай өрүү сүгүрүйэ, сөҕө-махтайа, таптыы көрөр хараҕа уларыйбатах.
Ахтыспыт омуннарыгар, тутуспут илиилэрин өр сахсыйдылар. Бастаан утаа кэпсээн тахсыбата. “Галя, массыынаҕа киириэх. Үлэҕэр быраҕан биэриэм” диэн Виктор эр киһи сиэринэн кэпсэтиини саҕалаата. Дьахтар массыынаҕа олоруста. “Табах ыла киирбэтэҕим буоллар, көрсүө суох эбиппит” Бииктэр үөрүүтүн, долгуйуутун кистээбэтэ. Галина Саввична үлэтигэр кэлиэр диэри дөйбүт курдук олордо. Дьиҥэр, кини Викторы көрөн, эмиэ олус үөрдэ эбээт. Ол эрээри туохтан эрэ бөтө бэрдэрэн, уон аҕыстаах килбик кыыс оҕолуу саҥатыттан маттаҕа үһү. Виктор дьахтар үлэлиир сиригэр кэлэн, тохтоото. Умнубатах... Кумааҕыга нүөмэр суруйан сырылата охсон, Галинаны тахсыан иннинэ илиититтэн ылан: “Киэһэ көрсүөх. Кэпсэтиэх” диэбитигэр дьахтар төбөтүн тоҥхох гынаат, таһырдьаны былдьаста. Галина Саввична дьиэ иннинээҕи кирилиэс туорайыттан тутуһан, кыратык туран ылла. Онтон сыыйа уоскуйан, дьиэҕэ киирдэ.
* * *
Оччолорго кини 36 саастааҕа. Кэргэниттэн арахсан, туһунан барбыт кэмэ этэ. Ыал буолан уонтан тахса сыл олорбуттара да, оҕоломмотохторо. Эбиитин кэргэнэ күүлэйдиирэ, сирэй-харах анньара. Төһө да тутар оҕо суоҕун иһин, эдэриттэн олорон кэлбит киһитин кытта арахсар киниэхэ чэпчэкитэ суоҕа. Хара ааныттан Галина дьонун дьиэтигэр олорбуттара. Кэргэнэ массыынаны ыларга эппитигэр туорайдаһа сатаабатаҕа. Ол күһүн Галина дьиэтин атыылаан, ууруммут харчытын эбэн, куоракка биир хостоох кыбартыыраны атыыласпыта. Арыый улаханы ылыаҕын бииргэ төрөөбүт соҕотох эдьиийэ куоракка олороро. Онон киниэхэ хонуох-өрүөх киһи суоҕа. Соҕотох бэйэтигэр ардыгар ол биир хостоох да дьиэтэ киэҥ курдуга. Олоҕо, олорор сирэ уларыйбыт киһи тугу ыралыай? Биллэн турар, иккис төгүлүн да буоллар, олоҕун оҥостор баҕалааҕа. Бастакы сылыгар онно-манна сылдьар бириэмэтэ суоҕа. Үлэҕэ саҥа киирбит киһи барытын кэмигэр бүтэрэр, туттарар, үлэһит быһыытынан үчүгэй өттүнэн көрдөрөр туһуттан түүннэри үлэлиирэ. Ол кэмҥэ бодоруһар кыргыттара суох буоланнар, киһи дьону кытта билсиһиэх айылаах сирдэригэр сылдьыбата. Биирдэ эмит эдьиийиниин сылдьан көрөллөрө да, анарааҥҥыта өрүү дьиэтигэр туга эрэ быһаарыллыбатах аатырара, ыксаан тахсара. Ол сыл хайдах ааспытын, бу санаатаҕына, өйдөөбөт даҕаны. Оннук түргэнник элэс гыммыта. Ити кэм иһигэр Галина кэлэктиибигэр киирбитэ, бииргэ үлэлиир кыргыттарын кытта ыкса билсибитэ.
Иккис сылыгар киинэлэргэ, эрэстэрээннэргэ да кыралаан сылдьар буолбута. Биир күн куорат киинигэр турар эрэстэрээҥҥэ эдэр харабыл уолу бэлиэтии көрбүтэ. Уол киириигэ дорооболоһон көрсүбүтэ, соннорун усталларыгар көрдөспүтэ. Дьүөгэлэриниин олорор кэмнэригэр уол киниттэн хараҕын араарбатаҕа. Галина, бэйэтэ да билбэтинэн, утары олорон хаалбыт этэ. Бачча тухары бэйэтиттэн эдэр дьонунан үлүһүйэ илигэ даҕаны, киниттэн бэрт дьикти салгыны таайбыта. Хайаларын да өттүттэн оонньоһуу ончу суоҕа. Арай Галина уол диэки көрөн ыллаҕын аайы кинини эмиэ утары көрөн олорорун тутара. Тахсалларыгар уол дьахтар илиитигэр кыра кумааҕыны туттарбыта. Кини ону көрө барбакка, сонун сиэбигэр анньыбыта. Онтон салгыы дьүөгэлэрин дьиэтигэр өссө олоро түспүттэрэ. Түүн үөһэ дьиэтигэр тиийэн, утуйар аакка барбыта.
* * *
Өрөбүлгэ дьиэ-уот сууйан, эдьиийин кыра уолун оҕолоон, били кумааҕытын туһунан олоччу умнубута. Бэнидиэнньик сарсыарда үлэтигэр бараары сонун кэппитигэр эрэ булан арыйбыта. Уол “Виктор диэммин. Эйигин кытта билсиэхпин баҕарабын. Бука баһаалыста, эрий” диэн, төлөпүөнүн нүөмэрин суруйбут этэ. Галина эмискэ сүрэҕэ биллигирээн ылбыта. “Миигиттэн балай эмэ эдэр оҕо дии. Мин киниэхэ туохха наада буолуохпунуй? Альфонс буолуо...” диэн саарбахтыыр санаа төбөтүгэр ытыллыбыта. Ол эрээри Галина кумааҕыны тоҕо эрэ бырахпатаҕа. Күн-дьыл устан испитэ.
Ити кэнниттэн хас да ый буолан баран, күһүҥҥү курус кэмҥэ чаастатык буоларыныы, соҕотохсуйуу тыына биллибитэ. Галина аттыгар хаамар сүүһүнэн дьон ортотугар соҕотоҕуттан хараастыах, мунчаарыах санаата кэлбитэ. Дьиэтигэр тиийэн, чараас суорҕанын бүрүнэн, тэлэбиисэр көрбүтэ буолбута. “Кимниин эрэ кэпсэппит киһи-ии...” дьахтар иһиттэн саҥата тахсыбытыттан бэйэтэ даҕаны соһуйбута. Муҥ саатар ыаллыы подъезка олорор Маришката уоппускатыгар соҕуруу барбыта. Үлэтин кыргыттарыттан ким эрэ дьонун балыыһаҕа көрдөрөр, ким эрэ дэриэбинэҕэ тахсыбыт буоланнар, чахчы даҕаны киһи чороҥ соҕотох курдук сананар курус түгэнэ бүрүүкээбитэ. Галина эмискэ эрэстэрээн харабыла уол туттарбыт кумааҕытын санаан кэлбитэ. Ыскаабын түөһүгэр турар хоруопкаттан ылан, эргим-ургум туппута. Остуолга ууран, төттөрү-таары хаамыталаан ылбыта. Онтон эр ылан, уолга суруйан барбыта. “Үтүө киэһэнэн! Мин Галина диэммин. Умнубатах буоллаххына, бу саас эрэстэрээҥҥэ нүөмэргин биэрбитиҥ...” диэн кылгастык суруйбутун кэнниттэн “Здравствуйте, Галина! Как долго я ждал...” диэн уол тута хоруйдаан, соһуппута.
* * *
Оннук аҕыйах күн суруйсан баран, көрсөргө быһаарыммыттара. Виктор бастаан киинэҕэ ыҥырбыта. Онтон чугас кафеҕа олорбуттара. Уол үлэтин уларытан, тутууга үлэлиирэ. Ол Галина дьиэтигэр үктэнэригэр төрүөт буолбута. Дьахтар хаһыс да ыйын оҥоһулларыттан ааспыт ыскаабын ситэрээри Виктор биир күн үстүрүмүөннээх дьааһыгын туппутунан киирэн кэлбитэ. Ити киэһэ этэ кинилэр чугасаһыылара, тапталларын кутаата умайыыта.
15 сыл араастаһыы суураллан, тулалыыр эйгэни умнан, сирэй сирэйдэрин көрсөн олорор, илии илиилэрин ыытыспакка чааһы чааһынан куустуһан сытар, уон да мүнүүтэҕэ ахтылҕаны тулуйбакка суруйсар, кэпсэтэр умсугутуулаах, умсулҕаннаах да кэмнэр этилэр! Бииргэ буолалларыгар саарбахтааһын суоҕа. Ол да иһин сотору кэминэн Виктор киниэхэ көһөн кэлбитэ. Галина, төһө кыалларынан хойукка диэри үлэтигэр олорор бэйэтэ, 6 чаас буоллар эрэ дьиэтигэр ыксыыр буолбута. Аара маҕаһыыҥҥа сылдьан, Бииктэрин сөбүлүүр аһын бэлэмнии охсон, үөрдээри түбүгүрэрэ. Киһитэ өр күүттэрбэтэ. Иккиэн эрэ хаалар чуумпу эйгэлэригэр тиэтэйэн аҕай кэлэрэ. Арааһа, ити Галина олоҕун саамай дьоллоох кэмэ буолуо. Виктор иннинэ да, кэнниттэн көтөр-дайар аҥаардаах, өрүү үөрүү арыаллаах, сүрэххэ сылаас буолар дьикти иэйиини кини билэ илик.
* * *
“Оччо үчүгэй олох тоҕо түмүктэммитэй? Виктор арыгыһыт этэ дуо? Эбэтэр тапталлара сойо охсубута дуу?” диэххит. Дьэ, онуоха маннык. Сыл аҥаарыттан ордук кэмҥэ олорбуттарын тухары оҕо үөскээбэтэҕэ. Галина эмчиттэргэ сорунан туран көрдөрбүтэ да, бэйэтигэр улахан төрүөтү булбатахтара. Викторы илдьэн бэрэбиэркэлэтиэҕин – санаата буолбата. Бастакы кэргэниттэн биирдэ даҕаны хат буолан көрбөтөх буолан, буруйу бэйэтигэр соҥнуура. Аны туран, киһитэ оҕоҕо олус баҕарара. Уулуссаҕа көрсүбүт оҕолорго кытта ымманыйара. Ол барыта Галина сүрэҕин чыскылыы кымаахтыыра. Аны туран, Виктор доҕотторо бэйэтин саастыыта турбут-олорбут эдэр уолаттар буоллахтара. Олортон хайаларын эмэ кытта көрсө түстэхтэринэ, дьахтар тимириэн – сир кытаанаҕа. Эр дьон кэпсэтэр кэмнэригэр туораан, атыны гыммыта, ааспыта буолара. Сааһыттан кыбыстан даҕаны Виктор дьонун кытта билсэртэн кыккыраччы аккаастанара. Бэйэтин дьонугар көрдөрүөн эмиэ толлоро. Ити кэм иһигэр, бэл, эдьиийиттэн тэйэн ылбыта.
Киһитэ тугу да сэрэйбэт быһыылааҕа. Оттон Галина төбөтүгэр барыта өрө күөдэллэммитэ. Хоруйа суох тыһыынча ыйытыыттан олус сылайбыта. Уоскуйар, баар балаһыанньаны кытта эйэлэһэр туһуттан араас трениннэргэ да сылдьан көрбүтэ. Туһа суоҕа. “Эдэр киһи инникитин быһан, тутан олорорум сыыһа. Бэйэтин саастыылааҕын кытта булсан, оҕо-уруу төрөтөн, аатын ааттатар киһини хаалларыахтаах буоллаҕа. Мин сатаан оҕоломмоппуттан кини олоҕо тоҕо чуҥкук, курус буолуохтааҕый?”... Итинник санаа күн аайы, чаас аайы сыппах быһахтыы сүрэҕин аалан, биир күн быһаарсарга санаммыта.
Виктор соһуччу этииттэн саҥатыттан маппыта. Ол эрээри кини да оҕо буолбатах. Галина курдук күн да аайы санаа баттыга оҥостубатар, иһигэр эмиэ араас ытыллара биллэр. Куолаһы үрдэтэн саҥарсыыттан иккиэн икки аҥы соҥуорбуттара. Баҕар, Виктор ааттаһыан баҕарбыта буолуо даҕаны, дьахтар түгэҕэр диэри толкуйдаммыта көстөрө. Ити түүн эр киһи атын сиргэ хоммута. Онтон сарсыҥҥы күнүгэр малын ылан, күлүүһүн хаалларан барбыт этэ...
* * *
Ол кэнниттэн уонтан тахса сыл ааста. Дьокуускай кыратын иһин, Виктор туһунан тугу да истибэтэҕэ. Алҕас даҕаны көрсө түспэтэхтэрэ. Хайалара даҕаны арахсыыны силимнии сорумматаҕа. Онуоха Галина кытаанах, быһаарыныылаах майгыта төрүөт буолбута буолуо.
Дьахтар үлэтин хоһугар киирэн, көмпүүтэрин холбоото. Виктордыын көрсүһүүттэн кини тугу туһаныай? Чэрдийбит бааһын арыйан, уостубут тапталын хат күөдьүтэн, уоскуйар, уҕарыыр сааһыгар санааҕа ылларара киниэхэ туохха нааданый? Виктор, бука, кэргэн ылан, ыал аҕата буоллаҕа. Оннук түгэҥҥэ кинилиин көрсөллөрө сүрэ бэрт. Кэргэннээх киһи көрсүүтэ эрэ буолбатар ханнык...
Галина түннүккэ кэллэ. Уулуссанан дьон төттөрү-таары хаамар. Кинилэр бары эмиэ туох эрэ соруктаах, дьылҕалаах буоллахтара. “Арыт кыһалҕа киһиэхэ ыйыппакка кэлэр. Оттон мин бэйэм бэйэбэр олорбут уу чуумпубун уйгуурдан, кэбис, былыргыны эргитимиим. Барыта оннунан хааллын...”. Галина быһаарына охсубутуттан чэпчээбит курдук буолла. Остуолугар сытар нүөмэрдээх кумааҕыны бүк тутан, хайыта тарта. Дьон кэлитэлээн, көмпүүтэр тыаһа биллэрдик хойунна. Галина бырагырааматын арыйан, күн ахсын биир тэҥник саҕаланар үлэтигэр төбөтүн оройунан түстэ. Ардыгар ырылыйан турар чахчыттан аккаастанар ордук.
УЙААРА.