Киир

Киир

(Сургуулук нэһилиэгин ойууна Даниил Дмитриев тыла)
 
   Ойуун кыырарга сөбүлэс­­питин кэннэ, кыһалҕалаах­тар саһаантан эрэ мэнэй уһуннаах, тоҕус уостаах тойон дуурай сэргэ диэни оҥороллор. Сэргэ үөһэттэн иккис уоһугар кыра арыылаах талах чорооннору иилэр дьөлөҕөстөрдөөх, «үрүҥ былыт» дэнэр хаптаҕай ма­һы туталлар («а» ойууга көс­төрүн курдук). Сэргэ үөһэ уһуктаах төбөтүгэр икки чиэппэр кэриҥэ кээмэйдээх, арсыын усталаах кынаттаах көтөн иһэр кыырт-мохсоҕол эмэгэтин олордоллор. Үөһэттэн үһүс уоска талаҕынан уобуруччу оҥорон иилэллэр («б» ойууга көстөрүн курдук). Ити – уйа дэнэр. Уйа иһигэр күөх оту, маҥан сылгы сиэлин уонна күөрэгэй эмэгэтин оҥорон угаллар. Сэргэ төрдүгэр кириэстии тутуллубут сордоҥноох алыһар баар буолар («в» уруһуй).
 
 
   Сэргэ – аан дойду бэлиэтэ, уйа – Орто дойду.
   Сэргэ үөһэ өттүгэр кыыр­ды-мохсоҕолу, аллараа сор­доҥноох алыһары, ортотугар кураанах уйаны оҥорон үөһээ халлааҥҥа көтөр кынаттаах, аллараа, сир анныгар – балык, арай Орто дойду эрэ иччитэ суох, кураанах диэн көрдөрөллөр. Онон күөрэгэй оҕо кутун мончууга буолуохтаах. Өскөтүн Айыыһыт көрдөһөр дьону атыҥыраатаҕына, оҕо кутун күөрэгэйи эрэ дьоллуур туһугар, аһынан биэриэн сөп.
   Ойуун кыырыан иннинэ дьиэ иһитин-хомуоһун бүтүн­нүү ыраас гына сууйаллар уонна кэккэлэтэ уураллар. Тоҕус уостаах тойон дуурай сэргэни дьиэни хотонтон араарар эркин таһыгар сиргэ анньаллар. Чорооннору уулбут арыынан толороллор, «үрүҥ былыт» нөҥүө 1,5-2 саһаан уһуннаах, 13 сиринэн маҥан сылгы сиэлэ, 7 сиринэн кыһыл сукуна, 8 сиринэн маҥан таҥас кырадаһынынан уонна 9 сиринэн хара сукуна киллэһиктээх быаны иилэ быраҕаллар (уру­һуйга көстөрүн курдук).
   Кыһалҕалаахтар маанытык таҥнан, хаҥас диэки сэргэ таһыгар кэккэлэһэ олороллор. Дьахтар былаата суох, батта­ҕын ыһан олорор.
   Ойуун кыырыан иннинэ: «Хотой Айыыһыт, сымнаҕас ха­раххынан көр, силис-лабаа иччилэрэ, түөрэхпин таарыйар буолаайаҕыт», – диэн баран түөрэх быраҕар [Хотой Айыыһыт диэн бу түгэҥҥэ Айыы­һыт өссө биир аата].
   Түөрэх үчүгэйи биттэнэн олоро түһэр:
   – Дьэ, муҥнанан көрдөх­пүт. Мин тахсыаҕым, ол тахсыбытым кэннэ холумтаҥҥа кыыймыт арыыта, маҥан сиэллэ бэлэмнээриҥ. Арыыгытыттан чохоолго кыынньараҥ­ҥыт уураарыҥ. Биир да киһи сөтөллөр да, саҥарар да буо­лаайаҕыт. Дьиэни илиигит та­һынан харбаан бэлэмнээриҥ (дьиэ иһин үксүгэр дьиэлээх дьахтар харбыыр. Ол харбыы­рыгар ойуун кыырарыгар мэ­һэйдиэх кыра абааһылары, бө­ҕү-сыыһы сиппийэр диэн буолар), олбохпун кээһээриҥ, киирдэхпинэ, сиэллэ биэрээриҥ.
   (Ойуун таһырдьа тахсан иһии­рэ-иһиирэ, ботугуруу-бо­ту­гуруу, балаҕаны эргийэн кэлэр, үөрүн-сүлүгүн ыҥырар. Бу кэмҥэ ким да таһырдьа быгыа суохтаах)
   Ойуун таһырдьа тахсыбытын кэннэ, кини эппитин курдук, оҥороллор. Киирээтин үрүҥ сылгы сиэлин аҕалан туттараллар. Онтун уҥа илиитин тарбахтарын быыһыгар кыбытар, тиийэн, уокка даҕайан ылар уонна саҥата суох уҥа илиитинэн далбаатыы-далбаатыы балаҕаны эргийэр, кэ­ҥэрдии сытынан үөрүн-сүлүгүн, көмөлөһөөччүлэрин ман­ньытар. Онтон сэргэни үс төгүл эргийэр:
   – Ньалҕарыкса буол! Ньол­ҕооруска буол! Түүлээх нүөгү эн буол! Дьоллоох уйанан буол! Ырааҕы, чугас курдук тоҕо уруйдаан ылаар! Эн күүс­тээх-көмөлөөх, көмүс түөс­тээх күөрэгэй чыычаах, ырааҕы чугас курдук тоҕо уруй­даан ылаар! Кыырык!
   Ойуун олбоҕор кэлэн дү­ҥүрүн ылар, охсо-охсо, үс тө­гүл олбоҕун эргийэр, ол кэннэ уйаҕа тиийэн охсорун тохтоппокко этэр:
   – Дьаҥ-дьаһах сыстар буо­лаайаҕын! Арай арчыл буол! Айыыһыт киэнэ көтөр-мөҥөр көмүс уйата буол! Дьон киэнэ толору дьоло манна буол!
   Ойуун үс төгүл күөрчэхтии эргийэр, ол кэннэ олбоҕун үрдүгэр атаҕын хатыйа үктээн туран: «Лах! Лах! Лах», – диэн баран (атаҕым иҥиирэ тарпатын диэн этэр быһыыта) олоро түһэр даҕаны дүҥүрүн охсон, этэн-тыынан киирэн баран:
   – Хотой Айыыһыт туһа диэм­мит, хобун хобул, хобул хоҥнорон олороммун, күүс­тээх сэби туттаммын, толору дьоллоох нүө­гү­нү көрдө­һөммүн, Хотой Айыыһык­ка хол­боһоммун, өлбөт-сүппэт уһуй үйэлээх, үтүө дьоллоох оҕону көрдөһөммүн, тобугун хараҕар дьоһуннанан, логлойон олороммун, тоһумур­даан туойаммын, баран ис­тэ­ҕим буоллун! Биэрбэй араас, алталаах атыыр сылгым таҥалайын кэрдээһэ буолбут, лабыгырас аартыгынан таҥнары дьабыдыйан, туойан истэҕим буоллунууй! Ол анараа өттүгэр күтүр дьылы күнүн аннынан ааһааччы, Хара Дьаҥсардаан ойуун, таҥнары дьапсыллан, муодалыыр буолаайаҕын!
   Ол анараа өттүн алын тү­һэммин, ааһа көрөммүн, аатыран-суолуран, дьабыдыйан, айаннаан истэҕим буоллун!
   Таас дьаҥсардаан тумул иччилэрэ, истэн-көрөн хаалыҥ! Ол анараа дьайыытыгар моҥнон өлбүт киһи үөрэ кумах курдук кутулла сытар дойдута!
   Анараа дьайыытыгар мэнэрийэ турар бэстээх дойдум!
   Анараа дьайыытыгар итэ­ҕэс айыылаах киһи айыллан кэлэр сирэ!
   Дьаллаарыскай Айыыһыт анараа дьайыытыгар, сэттэ чиэрбэлээх эриэн үөннээх, үс хонон төрөөн төннөр оҕолоох Булгудахтаах Айыыһыт анараа дьайыытыгар; сэттэн хонон төрөөн төннөр оҕолоох, аҕыс бытырыыстаах Кэдээкээн удаҕан Айыыһыт анаара дьайыытыгар; албыннаан биэрээччи Амырдаан Айыыһыт анараа дьайыытыгар; тоҕус хонон төрүөн төннөр оҕолоох Токуркайдаан Айыыһыт, Чалбаарыскай уда­ҕан, Кээрискэй Айыы­һыт анараа дьайыытыгар; омуннаах-төлөннөөх, үс сиринэн систэрин токуруччу сиэппит, моонньун ыгдаччы сиэппит, илиитин болуорчу сиэп­пит, атаҕын такыччы сиэппит Болуодьардаан Айыы­һыт анараа дьайыытыгар – бука бары, ити алҕаабыт дьо­нум, ньылгарыкса, нуолгоорукса буоллун!
   Эбиллэлээх эчир хайам иччитэ, мохсоҕоллоох модун хайам иччитэ – истэн-көрөн хаалыҥ! Хотой Айыыһыт туһа диэммин, тонолуйа тоҥсолу­йа, иэрчэҕим хараҕар диэри уу дьэбилгэн тыыннаах дойдуну дьоһуннанан тураммын, туойдум, туойдум ини!
   Хотой Айыыһыт! Ундаара-мэндээрэ биллибэт, уҥуор­гута-маҥааргыта биллибитэ улуу Хара Хаан дойдуну таҥ­нары умсулуйан түһэн эрэбин; уһун туйгун дьоллоох оҕо уйатын тутаммын, эн тускар тойук туойан, ырыа ыллаан!
   От-мас иччитэ сутука курдаах, от моойторуктаах Ороо­ҥойдоох Тэһээк дьо­нум, эһиги обургулар, был­чаччы көрөҥҥүт, кэдэрги та­йанаҥҥыт, тиэрэ-маары дай­бааҥҥыт, эргийэр истэ­нэҥ­ҥит, төгүрүйэ түөс­тэ­нэҥ­ҥит, уйгара истэнэҥ­ҥит, эһиги обургулар тиэрэ дай­бааҥҥыт, кэдэрги көрөҥ­ҥүт, кэтэх кээһэҥҥит, кэлин атаҕы кэбирдээн, илин атаҕы бүдүстээн уйуллуур, омсолуур буолаайаҕыт!
   Үйэлээх сааска кэлбэтэҕи мин кэмдьэйээрэбин кэлэн олоробун, кэтэһэн олоробун: тоҕус уон тоҕус оҕолоох, тоҕус уон тоҕус уоллаах, тоҕус уон тоҕус кыыстаах, сылаас быттыктаах, сылаас хааннаах эһигилэр этигит!
   Эриэн элэмэс тыллаах Эккирбэх бииһин ууһуттан кэлэн тураҥҥыт, түүлээх ытыспар таба туҥуйдаан, дьоллоох уол оҕо кутун миэхэ, түүлээх мээчик курдук, ытыспар таба туҥуйдааҥҥыт, көрдөһөрбүн биэрэҥҥит, күүһүнэн көрдөөтө диэйэҕит!
   Хотой Айыыһыт барахсан холкулла дьаарай, холоҥсо­лоох суолга холбоон көрүүй!
   Соҕуруу өттүбүн суоһулуур буолаайаҕыт, сордоох айаны айаннатаайаҕыт, оҕом уйата дьоллоох!
   Тобугун хараҕар диэри то­бурахтыыр дойдута, сир сир­тэн тэҥнэһэ тэбиэлийэн, уорастыйа онолуйан тиийэн кэллим: арчыл уҥуоҕум ырыллан көрдүн, көмүс уҥуоҕум көтөҕүллэн көрдүн, күүстээх айан буоллун!
   Айыы нэлбэр аартыктаах, хотой бүргэ суоллаах, айыы нэмилгэн сирдээх, дьоллоох сырдык сирдээх, оҕо кута баран мунньуста сытар сирэ буоллун бу!
   Тоһоҕонон дугунуом, үчэ­һэ­нэн үктэниэм, олорбут сирбиттэн уларыйа домнонуом, эйигиттэн Хотой Айыыһыттан!
   Ньалгарыкса, ньолгорукса буол!
   Оҕом уйатыгар дьаарайдаах соломолоон, нүөгүлээх олбохтоон, сымнаҕас маҥан сылгы сиэллээн, сылаас арыы­лаан, сэттэ чороонноон, күөрэгэйдээн, арыылаах кымыстаан тураммын, дьоллоох соргуну тоҕо туойан биэриэм!
   Урааҥхай саха оҕото суох буолан, оҕо көрдөһүннэрэ ыып­пыттара: дьоллоох сырыныы сырыт диэн; арбана айгыстаннар ыыппыттара, кэлэн олоробун! Дүҥүрбүн ылыҥ эрэ!
   [Дьаллаарыскай, Булгудахтаан уо.д.а. Айыыһыттар диэн ыарыһах эбэтэр өлөр оҥо­һуулаах оҕолорго кут иҥэ­рэр сымыйа (ложные) Айыы­һыттар]
   Баар дьонтон хайалара эмэ кэлэн дүҥүрү ылар. Ойуун хаҥас илиитин бэрт кыратык ибигирэтэ-ибигирэтэ ытыһын уунар уонна сүгүрүйэр:
   – Биэриэҥ дуо? Буордаах атаххар бокулуон, кирдээх атаххар кириэс, хаардаах атаххар хаптайыы! Илин көрөн иэнигийэн, алын көрөн ааттаһан эрэбин, ону миэхэ, орто дойду дьонугар үтүөтэ оҥор: мин түүлээх ытыспар таба ньүөҕүлээн кулу!
   Саннын байаатыгар диэри кыһыл көмүс ньыалбаан баттахтаах, арыы саһыл астаах, кыһыл көмүс кырааска хааннаах, үрүҥ көмүс үрүүмпэ эттээх, үтүө дьоллоох уол оҕо­ну түүлээх ытыспар таба нүө­ҕүлээн кулу, уруй, уруй буоллун!
   Хотой Айыыһыт, туһуҥ хоту таба тууруйдаан кулу!
   Ойуун чупчуруйар, ол кэннэ оҕо кута куоппатын диэн, хаҥас ытыһын уҥа ытыһынан сэрэниин-сэрэнэн саба уурар:
   – Уруйдааҥ! Саннын байаатыгар диэри арыы саһыл астаах, кыһыл көмүс кынаттаах, үрүҥ көмүс дабыдаллаах! Айыыһыт хотун биэрдэ, дьэ, «Уруй», – диэҥ! «Уруй», – диэҥ!
   Дьон «Уруй!» дэһэр.
   Ойуун, ытыстарын саба туппутунан, аргыый олбоҕут­тан турар; дүҥүрүн быарыгыттан тутан аҕалан биэрэллэр. Ойуун оҕо кутун ол иһигэр түһэрэр уонна мүччү туттаран куоппатын, кинини «дөйүөрдэр» туһугар, дүҥүрү аллараттан былаайаҕынан ох­сорго соруйар. Ол кэмҥэ бэйэтэ маннык саҥалаах буолар:
   – Туох үйэттэн тугураабыты, хайа үйэттэн хатыраабыты, мин обургу тоҕо туойан, дэлби уруйдаан ыллым!
   Саннын байаатыгар диэри арыы саһыл астаах, тоҕус уон тоҕус сылга барар үйэлээх Хотой Айыыһыт миэхэ дьоллоох оҕону тоҕооһуннарда; ааттаах оҕону биэрдэ.
   Сылаас арыынан сыламнааммын, өҥ сүөгэйинэн өлгүм туттараммын, үтүө даарайдаах, үтүө көмүс оҕо уйатын туттараммын, тутан кэллим!
   Биир киһи ойууҥҥа оһохтон уулбут арыылаах иһити кытта сүүмэх маҥан сиэли аҕалар. Ойуун сэрэнэн холбуу туппут илиитин араарар, хаҥаһын сутуруктуу туттар уонна били киһини кытта арыыларын туп­путунан уйаҕа тиийэллэр. Ойуун илиитин арыыга оймоон ыла-ыла, уйа эркиннэрин сотор, иһигэр маҥан сиэли угар. Ити кэннэ оҕо көрдөһөр дьахтарга кэлэн төбөтүн имэрийэн оҕо кутун иҥэрэр, иһиирэр, сиэли санныгар ыйыыр. Салгыы эр киһиэхэ тиийэн уҥа илиитигэр маҥан сылгы сиэлин туттарар, илиитин арыынан биһэр, онтон эмиэ дьахтарга эргиллэн төбөтүн арыынан биһэр. Ити кэннэ «үрүҥ былыт» үрдүнэн хатыы быаны быраҕан, аҥаарын – эр киһиэхэ, аҥаарын дьахтарга туттарар. Эрдии-ойохтуулар, онтуларын туппутунан, ойууну батыһан уйаны эргийэллэр. Ойуун өрүтэ тэйиэккэлии-тэйиэккэлии, дүҥүрүн охсо-охсо эргийэр. Эргийэн бүтээт, кэргэнниилэр туран хаалаллар, оттон ойуун сэргэттэн мох­соҕолу устан кинилэр утуйар тэллэхтэрин анныгар уга-уга этэр:
   – Соргугут-быйаҥҥыт би­лиэ­ҕэ: Хотой Айыыһыт эһиил­ги дьыл баччатыгар дьоллоох уол оҕо төрүөҕэ диир, ол төрүөтэҕинэ, улаан убаһата өлөрөн малааһыннаарыҥ, Айыы­һыккытын дэлби аһатаа­рыҥ. Ол гынан бараҥҥыт, дьэ бу оҕону үс хонукка диэри кыыймыт арыынан оҕунуохтуу-оҕунуохтуу сытыараарыҥ.
   Ойуун дьахтардаах эр ки­һини оннуларыгар олордуталыыр, бэйэтэ эмиэ ол­боҕор олорор уонна дүҥү­рүн охсо-охсо этэр:
    – Сылам, сылам сымнаҕас­тык олороммун, уруйу, төл­кө­нү көрдөөммүт, Хотой Айыы­һыкка холбоһон, дьоллоох уол оҕону аҕаламмыт, биһиги сорукпутун ситэммит (кэллибит)!
   Сорукпут ситэн, соргубут соноон, көппүт күөрэйбит бука бары көтөҕүллэн көрүҥ! Дагдайбыт, дьабыдый­быт бука бары дайан көрүҥ! Сугаһаа­быт бука бары көтөҕүллүҥ! Уһун, туйгун олохпут уурайара билигин! Куордаах-дьайдаах сиргэ баран кэллим!
   «Хабыр дьолуо» – диэҥ! «Токур дьолуо» – диэҥ! «Хатат уота хаайда» – диэҥ! «Күн уота күөйдэ» – диэҥ!
   Биир киһи кэлэн, ойуун эппит тылын хатылыы-хатылыы, кини оройун, онтон икки саннын үрдүгэр хатат уотун саҕар, ол кэннэ оннугар баран олорор. Ойуун: «көмүс уҥуох көтөҕүлүннэ! Алтан уҥуох арчыланна!» – диир.
   Ити кэннэ ойуун дүҥүрүн иннигэр тиэрэ быраҕар; киниэхэ сэттэ кырбас эти аҕалан биэрэллэр. Ону ылан ыстаан баран оһох диэки уонна уот диэки силлиир, ол кэннэ туран таһырдьа тахсар; кини тахсан барбытын кэннэ дүҥүрүн ылан уураллар. Онон кыырыы бүтэр.
   Сарсыныгар тоҕус уос­таах тойон дуурай сэргэни бары тээбиринин кытта та­һааран, тыаҕа хатыҥ анныгар туруору анньан кэби­һэллэр.
 
А.А. Попов «Камлание шаманов» кинигэтиттэн тылбаастанна.

Санааҕын суруй