Киир

Киир

   Бу түбэлтэ 1950-с сыллар эргин буолбута. Мин төрөөбүт улууспар – Үөһээ Бүлүүгэ – баарым. Сайын биһиги, ыччат биригээдэтэ, сэттиэ буолан үрэх баһыгар, олорор бөһүөлэкпититтэн икки көстөөх Сыкымда Бэрэтэ диэн сиргэ оттуу сылдьыбыппыт. Холкуоспут салалтата биһиэхэ соболоон аһатарга диэн 70-ча саастаах Прокопий Прокопьев-Моруот Борокуоппай диэн оҕонньору балыксытынан анаабыта. Оҕонньор эрэйдээх оттуур сирбититтэн биир биэрэстэлээх сиргэ, Сыкымда диэн бэрт улахан, улуу эбэҕэ, күн ахсын киирэн илимниирэ.
 
   Арай биир киэһэ оҕонньорбут хойут баҕайы бүүс-бүтүннүү бадарааҥҥа булкуллан, иһиттэн саҥата нэһиилэ тахсан, сыккырыыр тыына эрэ кэлээхтээбитэ. Кини кэпсээнэ бэрт дьиксиннэриилээх буолбута.
   Оҕонньор илимин көрө олордоҕуна, тыытын туох эрэ көстүбэт күтүр ууттан соһон таһаарбыт. Оҕонньор куттанан, тыал түстэ дуу дии санаан, ол-бу диэки көрүтэлээбит да, эбэтэ сиэркилэ курдук уу чуумпу үһү. Көстүбэт күтүр тыыны күөл кытыытыгар чугаһатан иһэн, күүстээх илиитинэн оҕонньору эмискэ үлүгэр биэрэккэ таһаарбыт. Охторо, соһо сылдьан тэбиэлиир курдук буолан барбыт. Оҕонньор эрэйдээх дьүһүннээн биэриэҕин, ол баҕайы хараҕар букатын көстүбэтэ үһү. Ол курдук төһө өр сордообутун билбэтэх, өйүн сүтэрбит.
   Киэһэ диэкинэн били баҕайыта арахсыбыт курдук буолбут. Онуоха оҕонньор сыппахтаан баран атаҕар тураары гыммыта, туох да сэниэтэ суох, этэ-сиинэ үлтү кырбаныыттан ыарыыта сүрдээҕэ үһү.
   Биэрэстэлээх ойуур сиһин төһө өр айаннаабыта биллибэт. Биһиэхэ кэлиитигэр киһи көрүөн дьулайар дьүһүннэммит этэ. Кинини сонно тута сыарҕалаах оҕуска тиэйэн бөһүөлэккэ ыппыппыт, биир эрэ хонон баран өлбүтэ.
   Биһиги, эдэр уолаттар, туох буолбутун билээри, оҕонньор илимнээбит күөлүгэр киирбиппит. Дьэ, кырдьык, улахан айдаан буолбут сирэ этэ. Тыыта биэрэктэн биэс-алта хаамыы сиргэ бадарааҥҥа түҥнэстибит. Соһуллубут суол-иис биллибэт. Бу түбэлтэни көрөн баран арааһы барытын эргитэ санаабыппыт. Оҕонньорбут баҕар ыалдьара эбитэ буолуо, онон өйө баайыллан, уҥан хайаан, охто сылдьан мөхсүбүтэ буолуо дии санаабыппыт. Онуоха биир өттүнэн өйдөөн көрдөххө, тыыта биэрэктэн балачча ыраах түҥнэстэн сытара. Бадарааны оймоон тыаҕа киһи тахсыбыт суола эмиэ суоҕа. Оттон оҕонньорбут хаһан да, тугунан да ыалдьа сылдьыбатах доруобуйалаах этэ. Оччотооҕу оҕонньоттор сылыктааһыннарынан, бу эбэ былыр-былыргыттан улахан иччилээҕинэн биллэрэ эбитэ үһү. Онуоха эбии «оҕонньор эбэтин туох эрэ куһаҕан тылынан үөхпүттээҕэ буолуо, ол иһин иэстэстэҕэ» дэһэллэрэ. Дьэ дьикти, баҕар оннук да буолуо.
 
Иван ИВАНОВ суруйуутуттан.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар