Мантан ыла больничнай муҥутуур болдьоҕо 10 ыйга тиийэ уһуоҕа. Оттон сэлликтэн эмтэнэр буоллахха – 12 ый. Ону бигэргэтэр РФ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин бирикээһэ тахсыбыт.

Ол гынан баран, уон биэстии күн буола-буола хайаан да быраас хамыыһыйата тэриллиэхтээх, хамыыһыйа больничнайы салгыы уһатары-суоҕу быһаарыахтаах. Докумуоҥҥа сурулларынан, ыарыһах эмтиир бырааһа киһиэхэ больничнайы 15 эрэ күҥҥэ арыйар. Салгыы, этиллибитин курдук, докумуон хамыыһыйа көрүүтүгэр киирэр.

Кыым.ру
Хаартыска: Мария Васильева/СИА

Бүтэһик сонуннар