Мэҥэ Хаҥаласка буолбут түбэлтэни умнубаппын. Эмиэ алаастары, үрэхтэри, Амма сүнньүн кэрийэн, төттөрү-таары сүүрэн, биир ураһа турбут сирин булбутум. Ол саҕана дойдубар төннөн иһэн эмиэ дьиктини көрөн турардаахпын. 1972 сыллаахха этэ. Былырыын отчуттар оттоон барбыт ампаардара баара. Ол ампаарга тиийдим. Отчуттар оттообуттара ырааппыт. От бөҕө кэбиһиллибит. Оччолорго пресс, урулуон диэн суоҕа. Ампаарга киирэммин, чуумпуран олорон сынньанным, нуктаан ыллым. Сылайбыппын таһааран балачча өр олордум. Онтон санаам буолбата, син биир ханна эрэ баран кэлиэххэ диэн өй киирдэ.
Арай ханна эрэ дьахталлар саҥалара иһилиннэ. Ити күрүлүүр күнүс. Чугаһынан адьас манна туох да суоҕун билэбин. Арай көрбүтүм, тыа саҕатынан ыаҕайалаах үс дьахтар күлсэ-күлсэ иһэллэр. Оччолорго ыаҕайаны тута-тута хаамар дьахтар адьас биир эмэ баара буолуо. Аны сиидэс ырбаахылаахтар. Чап-чараас сиидэс ырбаахыны тыаҕа кэтээччи эмиэ аҕыйах буолуохтаах. Ол гынан баран соччо атыҥырыы санаабатым. Үчүгэй баҕайытык дайбыы-дайбыы, тыраахтар суолунан мин диэки иһэллэр. Дьэ, хата, бэрт, сэргэхсийэр буоллаҕым дии санаатым үөрэ-көтө. Таҥаспын көннөрүннүм. Сирэйим кирдээҕиттэн кыбыстан, бааҥкаҕа баһан таһаарбыт уубунан ньухханным – дьахталларга арыый тупсан көстөөрү, эрэйдээх. Дьахталларым кэпсэтэллэр, ол эрээри ис хоһооно иһиллибэт, ньуу-ньаа курдук. Күлсэн саһыгырыһаллара иһиллэр. Миигиттэн балтараа сүүс хаамыынан тэйиччи бардылар. Ырбаахыларын сибэкки ойуута чуолкайдык көстөр. Мин ааһаары гыннылар, көрөөйөллөр диэммин, ампаарым иннигэр тахсан хаамтым. Төрүт мин диэки хайыспатылар. Онтон эмискэ этим сааһа аһыллан дьар гына түстэ. Арай былаачыйаларын аннынан сир аһаҕас, от көстөн турар. Былаачыйалара хамсыыр, отторо хамсаабат. Дьэ, эмиэ эппэҥнэс, букатын көһүнэн сүүрэн кэлбит киһи курдук буоллум. Тыын ылбат алдьархайа. Түргэнник аасталлар ханнык дии саныыбын. Хата, өйбүн сүтэрбэтим, батыһа көрөн хааллым. Арай туран, аргыый оол курдук тыаҕа киирэн баран хааллылар. Тоҕо кинилэр тыраахтар суолунан бардылар дии саныыбын. Былыргы дьон күлүктэрэ тыраахтар суолун батыһыа суохтаахтар, оччоҕуна уруккута манан ыллык баарынан бардахтара дии санаатым. Наһаа дьиксинним. Хайдах да бу дойдуга хонор кыах суох эбит дии санаатым. Төттөрү бардахпына сатаныыһы. Тураммын салгыы барбыт суолларынан бардым. Суолга киирбиппэр, наһаа куһаҕан сыт кэллэ. Кэлэн ааспыт сирдэрэ буоллаҕа дии. Ол аата мин аттыбынан кэлэн ааспыттара буоллар, миигин моһуоктуохтаахтара хааллаҕа...
Айылҕаҕа баар бүтүннүүтэ бэйэтин кытта билсэригэр сытынан билсэр быһыылаах. Мин саныахпар, сыт – чараас эйгэ. Бу Күн уонна Айыы эйгэтин икки ардыгар баар эйгэни ситимниир кыахтаах күүс эбит дии саныыбын. Дьэ, ол түбэлтэҕэ мин атын күүс сытын ылан баран биирдэ дьиксинэн, ол сиргэ хоммокко төттөрү бардаҕым дии. Били, кинилэр бастаан тахсыбыт сирдэринэн. Онно тыа саҕатыгар киирэн хоммутум. Хата, дьолго, этэҥҥэ хонон турдум. Мин түүлбүн адьас өйдөөн хаалааччым суох. Түүлү түһүүбүн эрээри, барытын килэччи умнан кэбиһэбин. Оттон дьиэттэн өр тэйэн айылҕаҕа соҕотоҕун сылдьар кэммэр туох да аралдьыппат, атын саҥа-иҥэ суох буоллаҕына, бэйэҥ сытыҥ-сымарыҥ, дьиэҥ сыта суох буоллаҕына, араас биллэр эбит. Оннук усулуобуйа эмиэ улахан оруоллаах эбит ээ, быһыыта. Итинниктэр барыта мин айылҕаҕа балачча өр сылдьыбытым кэннэ көстөллөр этэ. Холобур, ый аҥаарын устата сылдьыбытым кэннэ. Ый аҥаара диэн дьиэм сыта, дьиэ аһын сыта, буруо сыта суох буолбутун кэннэ, айылҕа кыылын курдук сылдьар кэмим саҕаланар кэмигэр. Дьэ, ол кэмтэн ыла итинник дьиктилэр көстөн кэлэллэр этэ. Киһи дьиктиргиирэ итиннэ сытар. Оттон адьас бөһүөлэк ортотугар, куоракка эҥин сылдьаммын, итинник эйгэлэри көрүөм дии санаабаппын. Адьас салгына, сыта хамсаабат, айылҕа бэйэтин эйгэтигэр эрэ киһи итинниктэри көрүөн сөп. Аһаҕас эттээх киһиэхэ көстөллөр, сытынан биллэллэр, дьайаллар.
Мандар Уус «Барҕа санаам, сүбэ тылым» кинигэтиттэн.