Национальнай художественнай түмэл “Раритеты Якутии” диэн үгэскэ кубулуйбут тэрээһинин чэрчитинэн, Валерий Егорович Васильев эспэдииссийэлэрин туһунан кэпсээтэ. Онтон быһа тардан кылгастык билиһиннэрэбин.
Орто Халыматааҕы мумия
2009 с. муус устар 21 күнүгэр “Бураанынан” Өлөөкө Күөлтэн хотугулуу-арҕаа 10 км тэйиччи сытар Омук Күөлүгэр айаннаабыппыт. Күөл кытылыгар турар томторго, ойуур быыһыгар, “шайтан” диэн ааттаах ойуун уҥуоҕа баар. Бу дурда курдук кыра тутуу иһигэр киһи уҥуоҕун тобуктарын түөһүн тылыгар диэри хам тардан баран кыбыта олордон кэбиспиттэр. Сууллуо диэн оҥоһук икки эркинин тастан чөҥөчөктөрүнэн тирээбиллээбиттэр. Сонно киһи өттүгүн уонна сототун уҥуохтара чоройон тураллара, ол икки ардыгар төбө чөмчөкөтө оройунан таҥнары аллара көрөн сытара.
“Шайтан” уҥуоҕун 1980-с с. тыыппыттар. Кырдьаҕастар бу көмүүнү “омуктар киэннэрэ” диэн ыйаллар, оттон манна “омук” диэн эбээннэри уонна дьүкээгирдэри ааттыыллар эбит. Этнограф А.А. Саввин Абый, Дьааҥы сирдэринэн сылдьан хомуйбут матырыйаалларыгар тоҥус сайтааннарын туһунан биэс кэпсээн баар. «Тоҥус сайтааннара» диэн улуу ойууттар-удаҕаттар хатарыллыбыт мумиялара. Кэлиҥҥи чинчийиилэргэ мумияламмыт тоҥус ойууннарын туһунан биир да чахчы суох. Арай эбээннэр «шайтан» диэн өбүгэлэрин эмэгэтин ааттыыллар. Омук Күөлүнээҕи булумньу удаҕан уІуоҕун мумиялаан көмүү бастакы дакаастабыла буолуон сөп.
В.С. Бубякин диэн сылгыһыт кэпсээбитинэн, ол “шайтаны” үөрбэҕэ үөлэн, олорор курдук көмпүттэр, таҥаһа-саба суох, уҥуоҕа соҕуруу диэки хайыспыт. Олорор курдук быһыылаары үөрбэ маһы тоноҕоһун уҥуоҕун үүтүнэн киллэрэн, төбөтүн уҥуоҕар иҥиннэрбиттэр. Өлөөкө Күөл түмэлин оччотооҕу дириэктэрэ, бокуонньук Д.И. Винокуров кэпсээбитинэн, бу “шайтаны” бастаан тордох иһигэр олордубуттар. Эбээннэр ол өлбүт киһи тииһигэр хамсалаах табаҕы иҥиннэрэн, күндүлээн ааһаллар эбит. Дьиҥэр, маннык «шайтаннара» үстэрэ үһү, иккитэ «кынаттара» буолуо.
“Шайтан” уҥуоҕа мумияламмыт буоларын бу курдук чахчылар бигэргэтэллэр:
1. Көмүллүбүт тутуутун кээмэйэ дьоҕус: усталаах туората иһигэр – 45*45 см., үрдүгэ – 75 см. эрэ. Бу кып-кыра тутуу иһигэр ойуун уҥуоҕа кумуччу тутан олордуллубута кэлин ыһыллыбыт. Ийэ иһигэр баар төрүү илик оҕолуу быһыылаан олордубуттар. Кэлгиэлээх буолуон сөп, ону уҥуох тас өттүгэр өссө биир уһун синньигэс үөрбэ маһа көстүбүтэ туоһулуур. Онон «үтэһэҕэ үөлүү» буолбатах курдук.
2. Олорор позалаах хаппыт мумияны тоҥустар дьиэ кэргэттэрин, аҕа уустарын араҥаччылаары оҥостоллор, атаҕастаннахтарына, туохтара эрэ табыллыбатаҕына ол хатарыллыбыт өлүккэ кэлэн көрдөһөллөр. Көһөллөрүгэр ол таҥараларын илдьэ бараллар, уот үрдүгэр үстэ биэтэҥнэтэн буруонан «аһаталлар» уонна ураһа саамай бастыҥ муннугар уураллар. Болдьоҕо туоллаҕына көмөллөр.
3. Өлүк кэтэҕин аллара өттүнэн 7-10 см. диаметр кэриҥэ дьөлө охсуулаах. Археолог Н.В. Полосьмак киһи төбөтүн уҥуоҕун дьөлүү быраактыката (трепанация) Хайалаах Алтаай хаһыыларыгар көстөрүн суруйбута. Кини булбут Пазырык кэминээҕи дьахтарын мумията төбөтүгэр эмиэ 4-5 диаметр дьөлөҕөстөөх эбит этэ. Бу дьөлөҕөһүнэн пазырыктар өлүк мэйиитин хостоон бальзамнаабыттар.
4. “Шайтан” көмүүтүгэр икки илиитин уонна саннын хаптаҕайын уҥуохтара суохтар. Бу уҥуохтары омуктар ыарыыны эмтиир харысхал гынаары бэйэлэрин кытта илдьэ барбыт буолуохтарын сөп.
5. Таайыллыбатах таабырына: олохтоох кырдьаҕастар бу «сайтаан» үс муннуктаах тутуу иһигэр олорбутун кэпсииллэр да, ол тутуулара түөрт муннуктаах. Баҕар, кырдьык, бастакыта үс кырыылааҕа да буолуо. Кэлин, өрөбөлүүссүйэ иннинэ туундараттан Ньукулай ойуун диэн удьуора киһи кэлэн кыыран, уҥуоҕун саһардан барбыта үһү. Оттон уҥуоҕун иһигэр ХVIII үйэтээҕи голландскай жетоннар (таҥаска тигиллэ сылдьыбыт үүттээхтэр, саптаахтар), бэрт элбэх күөх, маҕан, хара оҕуруо тохтубута баара.
Былыргы итэҕэл билиҥҥэ диэри
Муус устар 22 күнүгэр Д.И. Винокуров сирдээн Өлөөкө Күөл кылабыыһатыгар бара сылдьыбыппыт. Бу сир хоту өттүгэр, 48-49 тииккэ сылгы төбөтүн уҥуохтара, туйахтара ыйанан тураллара. Бары илин диэки туһаайыллан ыйаммыттар. Сорох мастарга 10-чаҕа тиийэр сылгы төбөтүн уҥуохтара бааллара. Быһа холоон, 100-чэкэ сылгы уҥуоҕа туттуллубут этэ. Адьас соторутааҕыта сиэртибэлэммит сибиэһэй уҥуохтар кытта бааллара. Олохтоох кырдьаҕастар кэпсииллэринэн, бу үгэһи маннааҕы дьон сэбиэскэй кэмнэргэ да тохтоппотохтор. Ол эрээри, кинилэр өйдүүллэринэн, төрөппүттэрэ көмүү кэннэ сылгы төбөтүн уҥуохтарын ууга тимирдэн кэбиһэллэр эбит. Бу эрэпириэссийэ, тутуу-хабыы кэмнэрэ, куттанан оннук гынар буоллахтара.
Дириэктэр Д.И. Винокуров кэпсээнинэн, сылгыны киһи өлөөтүн кытта сонно тута эбэтэр иккис хонугар өлөрөллөр эбит. Хайаан да сарсыарда. Тобугун сүһүөҕүттэн саҕалаан быһыллыбыт туйаҕы уонна сылгы төбөтүн өлбүт киһи атаҕар уураллар уонна сылгы этинэн кэлбит дьону аһаталлар. Бу астаммыт аһы туох да ордубат гына сиэхтээхтэр. Өлбүт киһи анараа дойдуга аты миинэн барар диэн өйдөбүл баар. Ол иһин ат төбөтүн хайаан даҕаны күн тахсар сирин диэки хайыһыннараллар – айыылар олорор сирдэригэр.
Үөһээ Дьааҥы
2011 с. Хайыһардаах сэлиэнньэтин кылабыыһатыгар сылдьыбыппыт. Киһи уҥуоҕун тула мастар лабааларыгар 14 сылгы төбөтүн уҥуоҕа ыйанан турарын аахпыппыт. Мастарга утуйар таҥастар, араас таҥастаах кууллар ыйанан тураллара. Уҥуохтар бары илин диэки туһаайыллан ыйаммыттар – Киһилээх хайатын диэки.
Кырдьаҕастар кэпсээбиттэринэн, өлбүт киһи тыыннааҕар мииммит атын өлөрөллөр уонна тэҥҥэ анараа дойдулаталлар. Сылгыны үөс тардан өлөрөллөр, төбөтүн бастакы тоноҕоһунан, хайылыгынан, араараллар. Уҥуоҕун, төбөтүн, тириитин, кутуругун маска ыйыыллар. Бу курдук үгэс толорон, өлбүт киһи атын миинэн илин диэки көтөр диэн өйдүүллэр эбит.
Хайыһардаах хотугу өттүгэр Уйбаан Аммосов диэн “Киһилээх Хайа иччитинэн” биллибит киһи кураанахсыйбыт дьиэтэ турар. Дьиэтин кэтэҕэр салаалаах маска 8 сүлүллүбүт киис уҥуохтара, оттон боробулуохаҕа сылгы уонна эһэ төбөтүн уҥуоҕа ыйанан тураллар. Биир дьиктитэ – балар аттыларыгар киһи быһыылаах, төбөтүгэр былаат баайыылаах уһун хаптаһын саайыллыбыт. Уйбаан Аммосов ойуун дьоҕурдааҕын, наар тыаҕа сылдьарын, дьону Киһилээх хайатыгар сирдиирин кэпсииллэр. Өлөрүгэр, «бу орто дойдуттан барыам суоҕа, дьоммун-сэргэбин көмүскүү сылдьыам, ыһыах кэмигэр маҥан атахтаах элиэ буолан эргийэн ааһыам» диэн кэриэс тылын этэн бараахтаабыт.
Эбээн Бытантайга баар үгэс
2016 с. саас Баатаҕай Алыытыгар лиэксийэ ааҕа ыҥырыллыбытым. Онно сылдьан учууталлартан ыйыталаһан, Кустуурга аттаах көмүү баарын, төрүүр дьиэ аттыгар оруктаах маска урут дьахталлар оҕо кэнэҕэскитин (Айыыһытын) ыйыылларын туһунан сурахтары истибитим. Түгэнинэн туһанан, дэриэбинэ кылабыыһатын кэрийбитим. Ол сыл тохсунньуга эдэр зоотехник, баһылыктара Алексей Бочкарев (1963-2016 сс.) олохтон туораабыт. Кини уҥуоҕар сылгы тириитин ыйаабыттарын эппиттэрэ. Ону тиийэн көрбүтүм: чахчы, уҥуоҕун аттыгар хара сиэллээх уонна кутуруктаах, кугас сылгы тириитин тобуктарынан быһан ыйаабыттар. Сааскы ылааҥы күҥҥэ ол хаанын бастакы таммахтара хаарга таммалаабыттара. Сылгы баһыгар үүннээх, уостуганнаах, ыҥыыра аттыгар наартаҕа ууруллубут, ону кытта маамык быата, бэтэринээр аптечката бааллара. Күрүө баҕанатыгар атын ат үүннээх төбөтүн чөмчөкөтө баар. Кэккэлэһэ үстүү ураҕаска тирэммит туорай маска өлүөхсүт икки табатын тириитэ ыйанан турар.
Дьаһалтаҕа бокуонньук эдьиийин, кэлин аэропорка убайын көрсөммүн ити туһунан кэпсэппиппит. Алексейы аҕатын аттыгар көмпүттэр. Аҕата, Уус Алдан Суоттутуттан төрүттээх киһи, 1936 с. Үөһээ Дьааҥыга кэлэн бастакы бэтэринээр буолбут. Былыргы үгэһинэн, кини өлбүтүгэр хоолдьуга аттаан көмпүттэр. Билигин ат төбөтүн уҥуоҕа эрэ ордон хаалбыт, оттон ыҥыыра, бэрэмэдэйэ сүппүттэр үһү. Уола Алексей өлбүтэ иккис күнүгэр ата дьиэтигэр кэлбитин тутан кэрэх ыйаабыттар.
Мэҥэ Хаҥалас аттаах көмүүлэрэ
2011 с. Павловскайга, Хаххахтаах учаастагар Д.С. Тимофеев сирдээн сэрии бэтэрээнэ, «Слава» уордьаннаах А.Н. Петров (1910–1980 сс.) уҥуоҕар тахса сылдьыбыппыт. Үс кырдьаҕас бэстэн биирдэстэригэр сылгы баһа, түөрт туйахтара, кутуруга ыйаммыттар. Анныгар биир миэтэрэ үрдүктээх сэргэ анньыллыбыт. Бу барыта сайыҥҥы күн тахсыытынан туһаайыллыбыт. Д.С. Тимофеев (1943-2018 сс.) инитэ С.С. Тимофеев ахтыытынан, бу хоолдьуга аты кини оччолорго устудьуон сылдьан ол кырдьаҕас бэйэтэ ыҥыран, ыйан-кэрдэн биэрбитинэн былыргылыы харайбыт эбит. Эмиэ ити сыл күһүнүгэр Хорообут Харба Атах учаастагар сылдьан Н.П. Тастыгин (1930-2001 гг.), И.Г. Тимофеев (1932-2006 сс.) аттаах көмүүлэрин көрөн киирбиппит. Эргэ кылабыыһаҕа өссө Егоров (1922–1994 сс.) аттаах көмүүтэ баарыгар киэһэ хараҥаран хаалан тиийбэтэхпит. Н.П. Тастыгин кэргэнэ, уола уонна кыыһа кэпсээбиттэринэн, кини Баатараттан төрүттээх. Барарын чугаһыгар атахтара маҕан баһырҕастаах элэмэс атын далга аҕалан аһата туруорбут. “Өллөхпүнэ бу аппын хоолдьуга гынан ыытаарыҥ” диэн. Аҕыс уола аҕаларын холботун Харба Атахха диэри солбуһа-солбуһа санныларыгар сүгэн тиийбиттэр. Кэлин ат бастаах маска эһэ баһын уҥуоҕун ыйаан баран уһулбуттар. Манна майгынныыр аттаах көмүү былырыын Майаҕа эмиэ оҥоһуллубута диэн сурах баар эбит.
Түмүккэ...
Орто Халыма, Мэҥэ Хаҥалас,Үөһээ Дьааҥы аттаах көмүүлэрэ уратылаах эбиттэр. Хаҥаластар сылгы баһын-туйаҕын бүтүннүү ыйыыр эбит буоллахтарына, дьуһааллар баһын уҥуоҕун, сототун этин сулуйан баран ыраас уҥуоҕун ыйыыллар, сорох сылгы тириитигэр уҥуохтарын суулуу баайаллар. Маарыннаһар өрүттэрэ: хоолдьуга кэрэхтэр бары илин, хотугулуу-илин, соҕуруулуу-илин көрөн тураллар. Куочайдара айыы аартыгын ыйаллар. Сир кыараҕас кыһалҕатыгар эрэ соҕуруу хайысхалыыллар. Сылгыны үөс тымырын, сүлдьүүлээх сүрэҕин быһа тардан дьоҕулуур үгэс дьааҥыларга туттуллар. Аттаах көмүүгэ сэргэни туруоруу Мэҥэ Хаҥаласка бэлиэтэнэр. Бу үгэһи сахалар көс биистэртэн утумнаан кэлбиттэр. “Хоолдьуга аты ииҥҥэ көмүү тохтообутун кэннэ сахалар сылгы тириитин үөһэ маска ыйыыр буолбуттар” диибит. Ол эрээри 2004 с. Халыма Сыбаатайыттан төрүттээх В.В. Колпашникова (1964 с.т.) 100 саастаах таай эһэтин Г.М. Белоноговы былыргы үгэһинэн хоолдьуга атын бэйэтин кытта иинигэр көмпүттэр диэн сураҕы соторутааҕыта кэпсээн соһуппута. Онон, археология уонна этнография сибидиэнньэлэрэ биири бигэргэтэр эбиттэр.
Сардаҥ²а БОРИСОВА сурукка тистэ.