Таайым, уон иккилээх уол, аҕатын кытта тэҥҥэ сылдьан бултаһара эбитэ үһү. Бултуу барарыгар илиитэ бара үөрэннин, булка кыратыттан сыһыннын диэн, бинтиэпкэ сааны туттараллар эбит.
Биир күһүн уол соҕотоҕун тииҥнии барар буолбут. Аҕата “ити – үрүйэ төрдө, ол – тоҕой суола” диэн, ханан сылдьыахтааҕын барытын сиһилии быһааран биэрбит. Бэйэтэ бултуур дьиэтиттэн ырааппакка туһахтарын көрүөхтээх, оттон уола киэһэ киниэхэ төннөн кэлиэхтээх эбит. Ити курдук сүбэлэһэн, икки аҥыы арахсан, хара тыаны кэрийэ барбыттар.
Киэһэ буолбут. Күн саҕахха киирбит. Халлаан хараҥаран барбыт. Былыргы өтөххө аҕата оһох иннигэр соҕотоҕун хоройон олорон: “Уолум тоҕо кэлбэтэ, туохха эрэ түбэстэҕэ дуу?..” – диэн дьиксинэр. Туруох-олоруох сирин булбат. “Баҕар, халлаан хараҥаран, дьиэтигэр курдат ааспыта буолуо. Кыра эрдэҕиттэн тилийэ сүүрбүт хара тыатын билэр буоллаҕа”, – дии санаан, икки көстөөх дьиэтигэр түһүнэр. Сүүрэр-хаамар былаастаан иннин хоту харса суох тэбинэр. Ол иһэн уола “аҕаа, кэлиэм дии...” диэбитэ кулгааҕар иһиллэргэ дылы буолар. Уола өйүттэн-санаатыттан букатын арахпат.
Дьиэтигэр киирбитэ, кэргэнэ соҕотоҕун олорор эбит. “Кыыл-сүөл элбээн турар кэмигэр оҕону соҕотохтуу тоҕо ыытан кэбиһэҕиний. Хайдах буолбут киһигиний?!” – диэн үлтү мөҕөн ыытар. Итии чэй да испэккэ төттөрү өтөҕөр ойор. Түүнү быһа уолун кэтэһэ сатыыр да – мэлигир. Халлаан сырдаан эрдэҕинэ, дьэ, суолун суоллуурга быһаарынар. Өтөхтөн тахсыбыт суолунан сирдэтэн чугас турар былыргы балаҕаҥҥа тиийэр. Уола эмиэ да ыстаҥалаан ылар, эмиэ да от-мас кэннигэр саһар курдук эбит. Бэрт өр булумахтанан, төттөрү-таары хааман-сиимэн баран, улахан тиит аттыгар кэлэн соһуйан хорос гынар. Арай көрдөҕүнэ, уола тиит аттыгар байааттаҥныы-байааттаҥныы соҕотоҕун турар үһү. Оҕотун булбутуттан сири билбэт буолуор диэри үөрэр. Бэл, уйадыйар.
* * *
Уонун эрэ ааспыт оҕо барахсаны туох муокастаабытый? Саатын сүгэн, ыллык суол устун баран истэҕинэ, аттыгар хантан да кэлбитэ биллибэккэ, биир оҕо баар буола түспүт. Арай өйдөөн көрбүтэ, били ыаллыы олорор Куонааскыга олус маарынныыр, үкчү кини курдук дьүһүннээх-бодолоох эбит. “Ээ, Куонааскы сылдьар эбит. Хата, аргыстаһыам”, – диэн иһигэр үөрэр. Хараҕа бааллан оннук көрөөхтөөтөҕө.
Куонааскы хааман иһэн “тустуох!” диир үһү. Таайым ымыр да гынан көрбөккө, таах быраҕан иһэр, букатын тулуппат үһү. Ол туста сылдьан: “Хайдах-хайдаҕый? Урут Куонааскы миигин кыайар этэ. Бүгүн хайдах кыайтарар буолан хаалла?” – дии саныыр үһү. Ол түүнү быһа иккиэн тустан тахсыбыттар. Таайым биирдэ даҕаны хотторботох. Түүн ортолоон эрдэҕинэ, Куонааскы олус кыһыйбыт, абарбыт куолаһынан: “Сааҕын устан бырах. Саата суох тустуохха”, – дэтэлээбит. “Суох, суох... Саабын уурбаппын. Сүтэн хаалыа, оччоҕо аҕам мөҕүө”, – диэн таайым иннин биэрбэтэх.
Дьэ, ол курдук булумахтаһан былыргы балаҕаҥҥа тиийбиттэр. “Халлаан хараҥаран хаалла. Куонааскылыын доҕордоһон иккиэн хонуохпут”, – диэн уот оттубут. Куонааскыта, уоту көрөн, оһох кэннигэр түһэн хаалбыт. Таайым утуйардыы оҥостон ороҥҥо сыппыт. Ол сытан көрдөҕүнэ, Куонааскы оһох төрдүттэн тахсыбат, мап-маҥан сирэйэ эрэ былтаҥнаан көстөр үһү. Онуоха таайым дьэ сэрэйбит. Арааһа, атын баҕайы батыһан буулаабыт дии санаабыт. Мап-маҥан сирэй оһох кэнниттэн былтас гына-гына: “Сааҕын уур!” – диир үһү. Таайым: “Суох. Саабын уурбаппын!” – диэн кыккыраччы аккаастаан испит. Ити курдук син өр букунаспыттар. Онтон таайым өй булан, саатын салгыҥҥа эспит. Били баҕайыта биирдэ мэлис гынан хаалбыт.
* * *
Ити түбэлтэни кэлин кырдьаҕастар сир иччитэ эбэтэр абааһы буолуо дэһэллэр этэ. Саатын уурбута эбэтэр тустан хотторбута буоллар, таайым өлүөхтээҕэ үһү. Ону биһиги киһибит тустан да кыайтарбатах, саатын да уурбатах.
Мария Слепцова.
Боруулаах, Дьааҥы.
(2009 сыллаах суруйуу)