Киир

Киир

   Кэлтэгэйтэн 30 км. тэйиччи Сырдатыы диэн сиргэ икки үйэ анараа өттүгэр Христофор Потапов-Кыыста­ра ойуун төрөөн-үөскээн олоро сылдьыбыт. Бэрт элбэх оҕолооҕо үһү. Олортон сиэн­нэрэ Табалаах диэки олохсуйа тиийбиттэр дииллэр.
 
   Христофор Потапов-Кыыс­тара ойуун дьоҥҥо-сэргэҕэ айыы ойуунунан, күн киһитинэн биллэрэ. Ол иһин ханна да бардаҕына-кэллэҕинэ, куруук ытыс үөһэ сылдьара. Сорох ойуун сиэмэх, көрбүөччү эбит буол­лаҕына, кини эмчит-ото­һут, бил­гэһит быһыытынан биллэрэ.
   Биирдэ аатырбыт Баххаа баай кинини ыҥыран ылан эмтэттэрбитэ эбитэ үһү. Кыыстара кэлэн олордоҕуна, хантан эрэ атыыһыттар баар буола түспүттэр. Кинилэр чаркааскай табах бөҕөтүн тардыбыттар, ол эрээри биир да киһи “амсай” диэн Кыыстараҕа бэрсибэтэх. Ону көрө олорон ойуун: “Оҕолор, табаххытыттан бэрсиҥ эрэ,” – диэбит. Атыыһыттар: “Биһиги бачча ыраах табаҕы буор босхо ыһа кэлбэтэхпит”, – диэн хардарбыттар.
   Кыыстара ойуун кыһаллы­батах. Арай бэрт холкутук: “Биир табаҕы киһи бэйэтэ да булан тардар баҕайыта ини...” – диэт, быһаҕын кыыныттан сулбу хостоон таһаарбыт. Дьиэҕэ олорооччулар “дьэ, салгыы туох буолар эбитий?” диэн сэмээр кэтээбиттэр-манаабыттар. Ойуун чоройо улаатан эрэр уолу: “Тоойуом, манан үс салаалаах талахта быһан киллэр эрэ”, – диэн соруйбут. Уол сотору буолаат, үс салаалаах талаҕы быһан киллэрбит. Дьон бары көрөн олордоҕуна, талаҕын үс сиринэн эриэннии кыспыт. Бүтэрээт: “Талаҕым эрэ буолларгын, табахта аҕал,” – диэт, сиргэ охсубут. Талаҕын өрө тардан ылыытыгар биир сэбирдэх кыбыллан тахсыбыт. Ити курдук хаста да охсон, сэбирдэх бөҕөтүн хомуйбут. Табах тардаары ымсыыран олорбут дьоҥҥо биирдии табаҕы туттаран кэбиспит. Оҕонньор: “Хоноһолор, дойдулаах киһиттэн биир хамса табаҕы харыһыйбат буолуҥ,” – диэбит. Дьон сэбирдэхтэрин табах оҥостон, тардан кэбиспиттэр, олус астыммыттар.
   Итини барытын көрө олорбут атыыһыттар саллыбыттар. Бырастыы гынарыгар көрдөспүттэр. Эбиитин бурдук, чэй, табах бэрсэн хаалларбыттар.
 
* * *
   Биирдэ Кыыстара ойуун олорор сирин, Буору, уот сиэбит. Чугастааҕы нэһилиэктэртэн уоту утута диэн элбэх киһи тиийбит. Алыһардаахтан Василий Петрович Потапов-Атыыһыт Баһылай диэн атаһа эмиэ кэлсибит. Киирээт Кыыстара ойууну сирэй-харах анньыбытынан барбыт: “Эн истэр кулгааҕыҥ бүтэйэн, көрөр хараҕыҥ сабыллан, оккун-маскын уокка сиэтэн, күл-көмөр оҥорторон эрэҕин”, – диэбит. Онуоха ойуун: “Бэйэм да аска-таҥаска быстаран сытабын. Биир эмэ өйүөлээх киһи кэлэн көмөлөһөөрөй диэммин кэтэһэбин. Оҕолорум ас көрдөөн күн ахсын ытаһаллар. Бачча ыраах дойдуга кэлбит дьон, өйүөлээх кэлбиккит буолуо. Өйүөҕүтүттэн бэрсэн бараргыт буоллар, бу уоту умуруоран, утутан көрүөм этэ”, – диэн баран, оронугар тиийэн, сытынан кэбиспит.
   Дьон: “Өйүөнү харыһыйыл­лыбат. Уоту утутан көр,” – дэс­питтэр. Оҕонньор оронугар сытан эрэ ыллаабытынан барбыт. Ис-иһиттэн иэйэн-куойан, ырыата иччилэнэн испит. Ол ыллаан баран эппит: “Тахсан көрүҥ эрэ, халлааҥҥа былыт баар дуу, суох дуу?” Дьоно: “Күөрчэх эрэ саҕа былыт Улахан Таас диэки баар,” – диэн хомойон аҕай киирбиттэр. “Ол аата баар буол­лаҕа, аһаан бүтүөххүтүгэр диэри бэттэх кэлиэҕэ”, – диэбит Кыыстара ойуун. Аһаан бүтүүлэригэр, кырдьык, ойуун оҕонньор эппитин курдук, уулаах-хаардаах улахан былыт саба халыйан кэлбит. Ардах ыаҕастаах уунан куппут. Киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук, уоттарын тиийэн көрбүттэрэ, былыр үйэҕэ умуллан сытар үһү. Олус үөрэн-көтөн, сүргэлиин көтөҕүллэн дьиэлэригэр аттаммыттар.
 
* * *
   Биирдэ Кыыстара ойуун уонна аатырбыт баай, Сэргэлээх олохтооҕо Килэпэлдьиин кинээс буолан, Баатаҕайтан тахсан Ойо Хомотунан Сэргэлээххэ барбыттар. Сайын сатыылаан турар кэмэ эбит. Күүгэһэ-бырдаҕа туох да олус сүрдээх эбит. Килэпэлдьиин кинээс сылаастан туймаарыйан киһитигэр: “Буһан өлөрбүтүгэр тиийдибит. Кыратык тыалы түһэрэ түспэккин дуо?” – диэбит. Иһиттим ини, истибэтим ини диэбиттии, киһитэ ыллаан барбыт. Ыллаан бүтээтин кытта таҥас лоскуйун саҕа былыт барыйан кэлбит. Ардах ыаҕастаах уунан кут да кут буолбут. Килэпэлдьиин кинээс ардахха сытыйан, онуоха эбии тыалга үрдэрэн, аны тоҥон ыбыгыраан барбыт. Арай ити икки ардыгар Кыыстара ойууну хараҕын далыттан сүтэрэн кэбиспит. Хайа үөдэҥҥэ түстэ диэн, кэннин хайыһан көрбүтэ, киһитэ ардахха илийбэтэх, тыалга үрдэрбэтэх эбит. Онтон буоллаҕына, кини үрдүгэр ардах тохтообокко кут да кут буолар, эбиитин сытыы баҕайытык тыалырар эбит. “Ама да бэрдиҥ иһин, ардаххын тохтот, киһини тоҥорон өлөрөөрү гынныҥ” диэн кинээс кыйаханан турбут. Этээтин кытта ардаҕа тохтоон хаалбыт. Ойо Хомотугар ааттаах бэркэ айаннаан тиийбиттэр үһү.
 
* * *
   Ити курдук Кыыстара ойуун дьиктитэ-дьиибэлгэтэ элбэх үһү.
 
Василий Потапов кэпсээниттэн.
Табалаах, Дьааҥы.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар