Киир

Киир

(быhа тардыы)

Былгыйдаах кийииттэрин кэлбитин курдук симээн-таҥыннаран, сэттэ муунта арыылаан, ону кытта атын туох баар тэриирин толору тэрийэн, бэрэмэдэйин ырдан, утуйар таҥаһын төргүүлээн, ампаардаах улахан ииҥҥэ сэргэ туруоран, уҥуоҕун аттыгар миҥэ атын туспа көмөн харайбыттар.

Ити кэннэ олохторо син уруккуларыныы үүт турааннык устубут — муннулаах тыбыырбат, айахтаах айакалаабат. Ол курдук уу чуумпутук олорбуттар. Били ойууттартан хайалара даҕаны «бу атаҕастаатахтарын!» диэн да тыытыспатах.

Кудугуй ойуун Арыылааҕар тиийэн олордоҕо дии, ханна барыай? Икки саҥа туран эрэр уолаттардаах. Бу Арыылаахха сэттэ ыал бииргэ олороллор эбит. Инньэ гынан, күөллэрин тахсыытыгар сэттэ ыал тыыта тардыллан турар, сэттэ ыал туута, ардьата тус-туспа чөмөхтөнөн сытар. Уһук турар дьиэҕэ саҥа ойуун буолан эрэр Сүөдэкэ диэн эдэр уол олорбут.

Дьэ, Кудугуй ойуун биир сарсыарда туран, бэйэтин уолаттарыгар, иҥиэттэ-иҥиэттэ:

— Таллан таас төбөм оройо быһыта тардыалыыр, үөл дьилэй куйахам үмүрүтэ тутан ытырбахтыыр... Эһиги бүгүн Эбэҕэ тамты киирээйэҕит. Туох эрэ үөдэн кэлэн, улахан алдьархай тахсаары гынна быһыылаах... — диэбит, ис-иһиттэн тымныы ууну испит сылгылыы дьигиһийбит, иччилээхтик хаҥсырыйан таныыларын сартаппыт.

Уолаттара:

— Хайа, эн биһигини бу күөххэ, булт-балык үлүскэнигэр хам хараҕалаан олордоору гыммыккын дуу? Эн бэйэҥ оҥоһууҥ буоллаҕа. Ол иһин дьикти малламмытыҥ, — дэһэн тахсаары гыналларын били былаайаҕын туппутунан быластаан олорбут.

Аҕаларын түҥнэри көтөн тахсыахтара дуо, тохтообуттар.

Дьэ, туран, күнүскү ыам буолуон аҕай иннинэ тус арҕааттан үс төбөлөөх үүт маҥан босхо былыт өрө сүүрэн тахсан, Арыылаах түөлбэ ыалын көрбүтүнэн супту устан кэлэн, Кудугуй балаҕанын үрдүгэр тоһоҕоломмуттуу тохтоон, биир сиргэ эргийэ турбут. Ону кытта даҕаспытынан икки добун холорук туох баар мас ааттааҕы барытын үлтү барчалаан, үөтү-талаҕы быһыта мускуйан, күөл уутун моҕол ураһа саҕа өрө ытыйан таһааран, туруору эрийэн, били тыы тахсыытыгар тиийэн кэлбиттэр. Сэттэ ыал тыытын, сэттэ ыал туутун өрө көтөҕөн ылан, бэйэ-бэйэлэригэр хампарыта охсуһуннаран, кумах-барча оҥорон, ол чарпатын-элээмэтин аан дойдуну биир гына ыһан күөдэллээн, ыаллар олохторун саба күлүктээн тахсан кэлбиттэр. Ол тахсан, ыал ааттаах сибиэлээх балыгын өрө ытыйан ылан, тэлгэһэ буорун-күдэригин кытта холбоон, күн-күдэн ыһыаҕа оҥорбуттар.

Арай, көр-дөхтөрүнэ, били Сүөдэкэ уол үс салаалаах эриэн талаҕы тутан, сибиэлээх хохтутун таһыйа-таһыйа:

— Дьэ, кэлиҥ эрэ бэттэх! Дьэ, кэлиҥ эрэ бэттэх!.. — диирэ үһү.

Холоруктар кини дьиэтигэр адьас чугаһаабакка, алта дьиэ тиэргэнин өрө сүргэйэ сылдьыбыттар. Ол үлүгэр иэдээннээх аан талҕа түһэн, өтөр наар буолбатах түбэлтэ үөдүйэн, Кудугуй уолаттара аҕаларын үрдүгэр түспүттэр.

— Ити айылаах алдьархайы тардан баран олоруоҥ дуо? Тыыттан тыы ордубата, тууттан туу ордубата, сэптэн сэп ордубата! Бу былыт биһиги балаҕаммыт үрдүгэр ыйанан турдаҕына, ити холоруктар араҕар ааттара суох, киһи таһырдьа муннун да быктарыа суох... — дэспиттэр.

Онуоха оҕонньор таҥаһын ньылбы сыгынньахтанан, ийэттэн түспүтүнэн хаалан, кэбин киллэрээри мөҥүрүү-мөҥүрүү, буору-сыыһы илиитинэн, оҕус бурҕайарын курдук, күдээриччи ыһа-ыһа, түөрт атах буолан баран, түөлбэ ортотун диэки таһаҕа хараара турбут. Омунугар буолан, сэлии муоһа былаайаҕын даҕаны ылбакка хаалбыт.

Ол үлүгэр холоруктар кинини кэбин ылынар түгэн биэриэхтэрэ баар дуо? Аан ытылҕан ортотугар иилэ хабан ылан, оҕус буолан айаатыах курдук айаҕын атан эрдэҕинэ, бастакы холорук иһигэр дьылыс гынан хаалбыт. Ойуун өйдөөмүнэ хаалла эрэ, кэбин киллэрэ сатаан муҥнанна эрэ, иккиһин айаатаары, эмиэ айаҕын атан эрдэҕинэ, аны иккис холорук иһирдьэ мэлис гынар. Холоруктар аан талҕалара сонно сүтэн, уолаттар халҕаннарын аһан, аҕаларын көрбүттэрэ, иһэ хабах курдук сараччы үллэн, түөрт лабаатын түөрт аҥыы кээһэн, тиэрэ таһыллан сытар эбит. Ол сытааран эрэ, эмискэ баҕайы тыас «паас!» гына түһэр да, оҕонньор иһэ түөһүн тылыттан хабаҕын түгэҕэр диэри хайа баран хаалар. Оҕонньор иһэ икки ойуун кэбин хайдах уйуоҕай — тиирэ тэбэн алдьаттахтара дии. Ол буолаатын били былыт тус илин устубут. Ону кытта Кудугуй ойуун иһиттэн босхолонон өрө уһууран тахсыбыт холоруктар, хайдах кэлбиттэрин курдук, оту-маһы үлтү кумахтаан, кэнниттэн түһэ турбуттар. Онно Кудугуй ойуун, сэрэйдэххэ, били былаайаҕы хаалларыа суохтааҕа эбитэ буолуо.

Мохсоҕол ойуун урут, били былаайаҕын ньымааттыырыгар, эппиттээх эбит:

— Эн кыайбатаххына, Ороһу ойууҥҥа тиийиэм, кинини кытта эмиэ кэпсэтэн турабын, эн үөрүҥ-иччиҥ атын эдэр ойууҥҥа көһөн эрэр эбит, — диэн.

Бука, Сүөдэкэни эттэҕэ эбитэ дуу. Оттон Ороһу ойуун тоһуйан туран сиир идэлээх эбит. Онон ол батыаккалаһа сылдьааччылары кини хаптаталаабыт буолуохтаах.

Кудугуй ойуун аҕыйах хонугунан тыына быстыбыт. Дьабыныгар көтүөн иннинэ Сүөдэкэҕэ били былаайаҕы биэрбит.

— Атын айдарыылаахха, ураты уһуйуулаахха анаммыт малга харахпын сыыһа хатаабыт эбиппин... быһыыта, эйиэхэ туттараары... — диэбит.

Дьэ, итигэннэ Былгыйдаахха төннөн тиийдэхпитинэ, кийииттэрин кистээбиттэрэ үс төгүрүк сыл буолбутун кэннэ тойон аҕалара биир сарсыарда айманан турбут.

— Били оҕо тоҕо ытыырый?.. Сатаан сытыарбатылар быһыылаах, баран, уҥуоҕун көрөн кэлиҥ эрэ! — диэн дьонун дьаһайан ыыппыт.

(Балаҕан ыйын ортото «Сомоҕо сурутуу» кэмпилиэккэ суруйтарбыт 16200 ааҕааччыбыт «Күрүлгэн» сурунаал 1-кы, ол аата быйылгы 3-с нүөмэригэр, номох толору тахсыытын ааҕыаххыт).

Николай ЛИНДИН.

А. Гоголев уруһуйа.

Санааҕын суруй