Киир

Киир

Бу түбэлтэ 10-чалаах эрдэхпинэ буолбута. 1948 сыл быһыылааҕа. Мин оччолорго убайым аахха, Араҥастаахха, олорорум. Туруорбах ампаар дьиэҕэ икки ыал дьукаахтаһан олорбуппут.

Дьиэ саала курдук кэҥэс хоһугар билиитэ оһох турара. Ол хоско холкуос суотчута Пуд Кондаков диэн сааһыра барбыт киһи балтын кытта иккиэйэҕин олорбуттара. Ол сыл кинилэр улахан баҕайы кур оҕус идэһэлэммиттэрэ. Онтуларын хойут, тымныы баҕайыга, дьиэҕэ өлөрөн астаабыттарын өйдүүбүн. Онно биһиги, оҕолор, аска тиксэн үөрүүбүт улахана. Оччотооҕу оҕо сиэринэн, уокка үтэн, үөлэн, араастаан сиэн, абыранан турабыт.

Арай сааһыары соҕус биир күн, киэһэлик буолуута, оҕонньордуҥу дьүһүннээх киһи киирэн кэллэ. Биһиэхэ, аан дьиэҕэ киирэн, чэйдээтэ. Ол кэннэ киһибит ороҥҥо кэтэх тардыстан, сытынан кэбистэ. Саҥаһым Пуд балта Зоялыын күөстэрин саала оһоҕор өрөн баран, хотонноругар таҕыстылар. Пуд бэйэтэ кэлэ илигэ. Биһиги, туора киһини көрбөтөх оҕолор, ыалдьыт хас хамсаныытын манаһар курдукпут. Дьоммут хотонноругар тахсыбыттарын кэннэ киһибит туран, саала хоско ааһан, икки күөһү эр-биир өҥөйтөлөөн көрдө. Ол икки ардыгар Пуд кэллэ. Ыалдьыппыт ороҥҥо сытар этэ. Пуд киһи баар ээ диэн, тугу да саҥара, кэпсэтэ барбакка, быһа хоһугар ааһа турда.

Хотонтон дьоммут киирэн, аһааһын буолла. Киһибит туран саалаҕа киирдэ. Сотору соҕус буолан баран төннөн таҕыста: «Дьэ, дьон да бөҕө буолаллар эбит... Ыйдаран-ыйдарын кэлбитим...» – дии-дии, биһиэхэ аһыы олордо. Ол кэмҥэ Пуд хоһуттан тахсан оһох иннигэр сис туттан туран, ыалдьыт хантан сылдьарын, туох докумуоннааҕын туоһуласта. Онуоха: «Сунтаартан Ньурбалаан иһэбин», – диэт, куулун хасыһан эрдэҕинэ Пуд: «Туох-туох киһи кубулуна сылдьарыҥ биллибэт», – диэн баран, саала дьиэҕэ киирэн, аанын «лип» гына саптан кэбистэ. Онуоха киһибит: «Ыал булан хонобун дуу, таһырдьа үлүйэн өлөбүн дуу», – диэн ытамньыйа-ытамньыйа тахсан эрдэҕинэ, убайым аах улахан кыыстара сарылыы-сарылыы ытаата.

Онуоха тахсан иһэн, кэннин хайыһан туран: «Ити оҕо хойут киһи буолуоҕа», – диэтэ. Арааһа, билигин санаатахха, саҥаһым: «Хаал», –  диэҕин ыалыттан куттаннаҕа буолуо. Ол күн убайым тыаҕа бултуу барбыт кэмэ этэ.

Убайым аах тастарыгар Дьарааһыннаах диэн ыал олороллоро. Сарсыарда кинилэр хамначчыт кыыстара киирэн кэпсээтэ: «Мантан тахсыбыт киһи биһиэхэ хонно. Олох утуйбата. Түүнү быһа Пуду кыраан хоммут үһү», – диэн.

* * *

Ол сыл Пуд кэргэннэммитэ. Кэргэнин аата Кисиэнньэ диэн этэ. Нөҥүө сайыныгар кэргэниниин акка мэҥэстэн, Токоско ыһыахха баран испиттэр. Ол баран иһэн Пуд эмискэ хараҕынан көрбөт буолан хаалбыт этэ. Кэргэнэ ыарахан буолбут. Ол эрээри Пуд ол оҕото төрүү да илигинэ, ол кыһын өлбүтэ. Мин ол ыккардыгар ийэбэр Ньурбаҕа барбытым кэннэ, дьахтар уол оҕоломмут. Убайым аахха кэлбитим, бэлиэр олорор оҕо буолбут этэ.

Арай биир киэһэ Кисиэйкэ ыалга тахсан бала ыалдьан киирдэ. Тоҥ да тоҥ, бабыгыраа да бабыгыраа буолла. Онтон устунан мэнэрийэн киирэн барбат дуо?! Биһиги, оҕолор, куттаныы бөҕө. Иһиттэххэ, бокуонньук аҕаларын үөрэ киирбит. Саамай интэриэһинэйэ: «Оҕобун тоҕус ыйыгар көрөрүм дуу, суоҕа дуу», – диэн эппитин өйдөөн хаалбыппын. Дьиҥинэн, Кисиэйкэ улахан хомуньуус дьахтар этэ. Ол гынан баран итинник дьиктитик мэнэрийэн турардаах. Онон мэнэрик диэн эмиэ туохтаах эрэ быһыылаах. Ол саҕана эмээхситтэр, саастаах дьахталлар үгүстэрэ да мэнэрийэр буолаллара. Ону тоҕо эрэ улахаҥҥа уурбат этибит.

Ити мэнэрийбитэ иччилээх курдук буолбута. Кисиэйкэ барахсан оҕото биирин да туолуон иннинэ, сэбиргэхтэтэн, өлөн хаалаахтаабыта.

Оттон, били ыалдьыт «киһи буолуоҕа» диэбит кыыһа ыарыһах баҕайы оҕо этэ. Кэлин улаатан, кэргэннэнэн, 8 оҕоломмута. Оҕолоро бары, анаабыт курдук, ыал бастыҥа, дьон кэрэмэһэ буолбуттара. Маайа билигин элбэх сиэни, хос сиэни көрсүһэн, доруобайдык, дьоллоохтук Дьокуускай куоракка олорор.

Билигин кырдьан олорон санаатахпына, бу түбэлтэ мээнэҕэ буолбатах эбит. Оҕолор уонна улахан да дьон, кырдьаҕас киһини үлүбүөй саҥараллара сэрэхтээх. Араас кырдьаҕас баар буолар. Онон сэрэниэххэ. Чахчы даҕаны, кырдьаҕастарбытын ытыктаан, бочуоттаан, өйдөөн сылдьарбыт ордук. Киһи күннээҕинэн олороро сыыһа. Киһи барыта кырдьар-бохтор аналлааҕын умнумуохха.

Варвара Илларионова,

Ньурба Антоновката.

Санааҕын суруй