Киир

Киир

От ыйын 1 күнүттэн дойду үрдүнэн дьиэ кэргэттэр саҥа төлөбүрү ылар буолуохтара. Муус устарга Владимир Путин туһаайыытыгар бу саҥа төлөбүрдэри биэрэрин туһунан этэн турар.

Хат дьахталларга босуобуйа

Кыра ыйдарыгар учуокка турбут хат дьахталларга биир кэмнээх көмөлтө оннутугар ыйдааҕы босуобуйаны биэрэр буолуохтара. Ону 12 нэдиэлэтин ааһа иликтэринэ балыыһаҕа учуокка турбут дьахталлар ылар буолуохтара. Маннык судаарыстыбаннай көмөнү тииһинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах (аҥаара тиксэр буоллаҕына) ыаллар ылыахтара. Ону Арассыыйа Биэнсийэ пуондата төлүүр, Саха сиригэр бу ыйдааҕы босуобуйа 9-10 тыһ. тэҥнэһиэҕэ.

Аҥардас ыалларга

8-16 саастаах оҕолордоох, аҥардас төрөппүккэ эбэтэр суутунан элимиэни  ыалларга эмиэ саҥа төлөбүр көрүллэр. Маныаха ыал дохуота эмиэ МРОТтан кыра буолуохтаах. Төлөбүр кээмэйэ  — оҕоҕо көрүллэр тииһинэн олоруу алын кээмэйин 50%-на. Санатар буоллахха, Саха сиригэр тииһинэн олоруу алдын кээмэйэ биир киһиэхэ 18,3 тыһ. солк. Санатар буоллахха, от ыйын 1 күнүттэн туох баар социальнай төлөбүрдэр МИР картаҕа эрэ түһэр буолуохтара.