Киир

Киир

Тохсунньу 28 күнүгэр биһиги доҕорбут, бэйэтин кэмигэр Таатта талыыта, успуорт маастара Валерий Иванов диэн бэрт элбэхтик араас таһымнаах түһүлгэлэргэ бэйэтин аатын дорҕооннохтук ааттаппыт биллиилээх тустуук 73 сааһын туолар!

Валерий Иванович, сайдыылаах, үөрэххэ-билиигэ тардыһыылаах учуутал дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт-улааппыт буолан, олох кыра эрдэҕиттэн элбэх кинигэни ааҕан, дьонуттан ураты иитиини ылан, ханна да үөрэммитин тухары бастыҥ үөрэнээччилэр ахсааннарыгар сылдьыбыта. Кини майгытынан ураты көнө, көссүө, киһини бэйэтигэр тардар сэһэннээх-сэппэннээх буолан, ханна тиийдэ да ытыс үрдүгэр сылдьара, бииргэ алтыһар доҕотторо киниэхэ олус истиҥник, иһирэхтик сыһыаннаһаллара.

Валерий Иванов тустарын биирдэ эмэ көрбүт дьон олох өйдөрүгэр хатаан умнубакка сылдьаллар. Ол курдук, кини күлүмэхтэтэн, киирэн-тахсан, тохтоло суох ыган-түүрэн тустара дьоҥҥо сөбүлэтэр буолара. Кини «Урожай» общество Киин Сэбиэтигэр бастыыр иһин күрэххэ Байбал Пинигиҥҥэ уһуннук сүрүн утарсааччынан сылдьыбыт Европа чемпионун Икаху Гайдарбековы кыайбытын, араас таһымнаах турнирдарга Арассыыйа, Саха Сирин элбэх биллэр-көстөр тустууктарын охтортообутун тустууну таптааччылар өйдүүбүт.

1970 с. ахсынньы бастакы күннэригэр Дьокуускай куоракка тустуу улахан маастардара уонна ыччаттар кыттыылаах өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир буолбута. Онно армияттан саҥа кэлэ сылдьан Уус Алдан оройуонун хамаандатыттан киирэн кыттыбытым. Ол күрэххэ аатырбыт тустууктар Петр Алексеев, Алквиад Иванов, Алексей Ермолаев, Анатолий Габышев, Николай Алексеев, Иннокентий Халдеев уо.д.а. кыттыбыттара. Ити күрэхтэһиигэ Валерий Ивановы аан бастаан көрбүтүм уонна  миигин соһуппут биир түгэни өйдөөн хаалбытым. Ол саҕана Сэбиэскэй Сойуус оҕолорго уонна ыччаттарга чемпиона Семен Морфунов аатыра аҕай сылдьара. Арай, сыгынньахтанар хоско олордохпуна, биир ачыкылаах, иһиттэн хайдах эрэ сырдаан көстөр, наһаа интеллигентнэй мөссүөннээх уолга Семен чугаһаан кэллэ уонна: «Валера, тэҥнэһиэххэ эрэ, син биир бастаабат буоллуҥ, миигин кыайдаххына,  Исидорович бастыан сөп», - диэтэ. Валерата ыарыах курдук буолан баран сөбүлэстэ. Мин олус соһуйбутум, бу Семен Морфунов курдук уһулуччулаах тустуук тэҥнэһии көрдүүр туох алдьархайдаах уолай диэн. Тута дьонтон ыйыталаспыппын, Валерий Иванов диэн Таатта тустууга, сүрдээх киһи диэн быһаарбыттара.

Онтон мин Харьковка юридическай институкка үөрэнэ киирэммин, 1975 с. бүтэрэн, Тааттаҕа силиэдэбэтэлинэн ананан тиийбитим. Онно Валерий Кыйыга аатырбыт ньирэй көрөөччү буола сылдьара. Түптээн дьарыктаммакка сылдьан, оруйуон, илин эҥэрдээҕи зона күрэхтэһиилэригэр холкутук бастыыра. Ол эрэн, тоҕо эрэ зонаҕа 4 төгүлүн бастаан баран, республикаҕа биирдэ да кыттыбатаҕа. Зонаҕа кыайталаабыт тустууктара өрөспүүбүлүкэ чемпионаттарыгар кыттан бастыыр, эбэтэр бириистээх миэстэҕэ тиксэр буолаллара.

Кэнники сыыйа Валера хапсаҕайга көспүтэ, онно да олох уһулуччу этэ. Ураты айылҕалаах киһи буолан, тас көстүүтэ, тустар таҥаһа-саба да ураты буолара. Баттаҕын килэччи кырыйтаран, өссө бириэйдэнэн баран, үөһэ уоһун үрдүнэн тор курдук бытыктаах, курданарыгар диэри сыгынньах, кыһыл атлас шаровардаах, атах сыгынньах туста тахсара эмиэ умнуллубат көстүү этэ, онно эбии быһыыта-тутуута чочуллубут курдуга, сэбэрэтэ кэрэтэ дьону-сэргэни умсугутар буолара. Улууһугар олох тулуталаабата, ыйааһыныгар эрэ буолбакка, абсолютнайга кытта бастыыра. Кэргэним тустууну сэргиир, тыла суох Кэнчээри диэн убайдаах этэ, кини Валераны көрө-көрө таптыыра, ытыһынан төбөтүн имэринэн баттаҕа суоҕун көрдөрө-көрдөрө, үөр да үөр буолара. Валераны, Дэбдиргэттэн төрүттээх буолан, Кэнчээри олус уруургуура.

  «Дьоҕурдаах киһи барытыгар дьоҕурдаах буолар» дииллэринии, Валера үлэтигэр эмиэ уһулуччу үрдүк ситиһиилэрдээҕэ. Ол курдук, бороон көрөөччүлэр ортолоругар чемпион буолан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биллэн-көстөн путевканан наҕараадаланан, ол саҕана киһи санаата да тиийбэт сиригэр - Японияҕа, сынньана бара сылдьыбыта. Икки киһи көрөр борооннорун соҕотоҕун көрөрө-харайара, атын үлэһиттэр иккилии биэдэрэнэн уу таһан борооннорун уулатар буоллахтарына,  кини иккилии  40-нуу лиитирэлээх бидоннарынан уутун таһара. Көр, оннук ураты кыахтаах, сүрэхтээх үлэһит киһи этэ.

Валера дьиҥнээх тапталын төрөөбүт Тааттатыгар булан, кэргэнин Наталья Дмитриевна Иванованы кытта үйэлэрин тухары бииргэ олордулар, икки оҕо тапталлаах ийэлэрэ-аҕалара, элбэх оҕо эһэлэрэ-эбэлэрэ буолан кинилэр тапталларынан угуттанан, уһуннук бииргэ олордулар.

Наталья Дмитриевна биллиилээх эмчит, көрбүөччү быһыытынан норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа тахсыбыта, саха омук дьонугар-сэргэтигэр күүс-көмө, дурда-хахха буолара, санаалара самныбыттарга, эрэйгэ түбэспиттэргэ эрэли эбэр, санааны күүһүрдэр бастыҥ киһибит буолбута. Наталья Дмитриевна ураты айдарыытын сахалар эрэ буолбакка, араас дойду омугун дьонноро кытта билинэллэрэ, ол иһин Натальялаах Валера сүрдээх элбэх араас дойдуларга сырыттылар. Кини ити ситиһиилэригэр куруук аттыгар баар эрэллээх доҕоро, тапталлаах кэргэнэ, биһиги доҕорбут - Валерий Иванович кылаата улахан. Ыарахан ыарыы биһиги ытык киһибитин Наталья Дмитриевнаны күн сириттэн күрэтэн илдьэ барда.

Доҕорбутун Валерий Ивановиһы 73 сааһын туолбут күнүнэн  ис-сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит! Күндү киһитин сүтэрбит ыар күннэрин оҕолорун, сиэннэрин тапталларын күүһүгэр өйөнөн, этэҥҥэ тулуйарыгар, доҕорун кэриэстээн, кини баҕа санаатын толорон, чугас дьоҥҥор күүс-көмө буолан, өссө да уһуннук этэҥҥэ олороругар баҕарабыт!

Светлана Алексеевна уонна Игорь Игнатьевич Николаевтар

 Хаартыскаҕа: Наталья Дмитриевна Арассыыйа хоккейга сборнайыгар парапсихологынан үлэлии сылдьыбыта. Бу Прагаҕа Хоккейга аан дойду чемпионатыгар түспүт хаартыскалара.

Санааҕын суруй