Саха сиригэр 2024 сыл муус устар 23 күнүгэр үлэҕэ уһуйуу үгэһин сайыннарар сыалтан «СӨ Бочуоттаах уһуйааччыта» бэлиэ олохтонно.
Ытык бэлиэни эдэр үлэһиттэргэ тус уопутун, билиитин биэрбит уонна хас да көлүөнэ үлэһит дьону иитэн таһаарбыт аҕа үлэһиттэргэ сыл ахсын аныахтара. Ол курдук, «СӨ Бочуоттаах уһуйааччыта» бэлиэни эдэр исписэлиистэри өр кэмҥэ уһуйбут үтүөлээх дьоҥҥо туттарыахтара. Ол эбэтэр:
- эдэр исписэлиистэргэ идэлэригэр ирдэнэр билиини, үөрүйэҕи уонна сатабылы ситиһиилээхтик баһылыылларыгар, үлэһит быһыытынан сайдалларыгар көмөлөһүү иһин;
- эдэр исписэлиистэр идэлэринэн үлэҕэ уопутуралларын, бэлэмнээх буолан тахсалларын, үлэ хайысхаларын уонна ньымаларын тупсаран иһэллэрин көҕүлээһин иһин;
- эдэр исписэлиистэри иитиигэ, уопсастыбаҕа көхтөөх буолалларын ситиһиигэ үлэлэһии уонна да атын үтүөлэрин иһин.
Сонун төрдө: СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ