Соторутааҕыта Алдаҥҥа, Өрөспүүбүлүкэ күнэ бэлиэтэниэн аҕыйах күн иннинэ, Антонина Бочкарева диэн урбаанньыт, киинэ саалатын бүтүннүү атыылаһан, баҕалаах дьоҥҥо «Айта» киинэни сахалыы көрдөрдө диэн сонун Арассыыйа ситимнэригэр тиийэ тарҕанна. Ол иһин кини кимин-тугун уонна тоҕо итинник хардыыга барбытын үчүгэйдик билсэргэ сананныбыт.
- Антонина, үтүө киэһэ! Дьэ, элбэх киһини соһуттуҥ, үөртүҥ уонна толкуйга киллэрдиҥ. «Айта» киинэни сахалыы көрөөрү миэстэни барытын атыылаһан ылбытыҥ чахчы дуо?
- Чахчы оннук буолбута. Киинэ туһунан элбэҕи истэммин, көрүөхпүн олус баҕарбытым. Биһиэхэ кэлбэтэ буолуо диэммин, Дьокуускайга тиийэн көрөөрү сылдьыбытым. Онтум, хата, Алдаҥҥа кэлбит этэ, ол эрээри рекламаҕа көстөр трейлера нууччалыы буолан, тута Култуура дьиэтигэр эрийэн ыйыппытым. Сахалыы көрүөн баҕалаах аҕыйах, саала туоларын кэтэс диэбиттэрэ. Мин көрө охсор баҕам тулуппатаҕа. Билэр дьоммор эрийэн ыйыталаспытым, үгүстэрэ нууччалыытын көрөн олороллор этэ. Оттон мин сахалыы уһуллубут киинэ нууччалыы тииллэммитин кыайан ылыммат эбиппин. Холобура, инники «Ыт» диэн киинэни нууччалыы көрөн баран сөбүлээбэтэҕим. Ол иһин бэйэбэр уонна дьоҥҥо бэлэх оҥорон, билиэттэри атыылаһан ыларга быһаарыммытым. Социальнай ситиммэр биллэрии таһаарбытым уонна саха киинэтин тоҕо сахалыы көрөр ордугун быһаарбытым. Аҕыйах күн иһигэр киинэни сахалыы көрүөн баҕалаах элбэх киһи, устудьуон дьон хомуллубуттара. Олор истэригэр сахалыы билбэт дьон эмиэ бааллар этэ. Онон, буолар күнүгэр сүүстэн тахса киһи босхо киирбитэ. Баппакка, эбии олоппостору уурталаан көрдөрбүппүт. Уопсайынан, дьону үөрдэрбин сөбүлүүбүн. Өрөспүүбүлүкэ күнэ буолаары турдаҕына бу ордук тоҕоостоох этэ.
- Өрөспүүбүлүкэ күнүн иннигэр наһаа үчүгэй бэлэх дии. Ол эрээри пабликтарга тахсыбыт сонуннар комментарийдарын аахтахха, сорох дьон эн бэлэҕиҥ ис хоһоонун сыыһа өйдөөбүттэр дуу, тугуй?
- Төһө дьон баар да, оччо санаа баар. Ким эрэ Култуура дьиэтин үлэһиттэрин хаарыйар, ким эрэ харчыбын ааҕар, ким эрэ пиар диэн сыаналыыр. Дьиҥэр, киинэ көрдөрөр үлэһиттэри өйдүөххэ сөп, баҕалаах суох диэн толкуйдаан олордохторо, сааланы толорор кыһалҕалаах буоллахтара. Оттон харчыбын ааҕар уонна пиар туһунан этэр дьоҥҥо туох диэхпиний... Дьоҥҥо үтүөнү, тулалыыр эйгэҕэ туһалааҕы оҥорор баҕа киһиэхэ барытыгар баар буолбат. Ол иитииттэн уонна олоҕу билииттэн тутулуктаах. Үппүн төһө баҕарар атыҥҥа туттуохпун сөп этэ. Ол эрээри оннук таһымтан тахсыбытым ыраатта. Уһуну-киэҥи, үйэлээҕи толкуйдуу сатыыбын.
- Оттон Култуура дьиэтин үлэһиттэрэ итиннэ хайдах сыһыаннастылар?
- Аныгыскыга, сахалыы киинэни көрдөрөр буоллахпытына, рекламатын эйигинэн тарҕатыахпыт, өссө сахалыы киинэ нэдиэлэтин тэрийиэхпит диэн этиилээх эрийэ сылдьыбыттара.
- Бэйэҥ тускунан кэпсии түс эрэ. Ханна төрөөбүккүнүй, туох идэлээххиний? Кэргэннээххин, оҕолооххун дуо?
- Кэргэммин кытта Новосибирскай куоракка «Сибирский государственный университет путей сообщения» диэн үөрэх кыһатыгар тимир суол исписэлииһигэр үөрэнэ сылдьан билсэн холбоспуппут, бастакы оҕобутугар күн сирин көрдөрбүппүт. Бэйэм Муома улууһун Хонуу сэлиэнньэтиттэн төрүттээхпин. Төрөппүттэрим онно олороллор. Кэргэним Мэҥэ-Хаҥалас Павловскайтыттан төрүттээх. 2008 с. Саха сирин каадырдары бэлэмниир департаменын нөҥүө үөрэммит устудьуоннар элбэх буоламмыт Алдаҥҥа ананан тиийбиппит. «Железные дороги Якутии» тэрилтэҕэ суол инженеринэн үлэлээн бараммын, Аллараа Бэстээххэ диэри тимир суолу тутар тэрилтэҕэ сүрүн исписэлииһинэн киирбитим. Онтон иккис оҕобунан уоппускаҕа олорбутум. Ол кэмҥэ тэрилтэбит сабыллан хаалбыта, онон салгыы тугу гынарбын толкуйдаан барбытым. Оччолорго Алдаҥҥа фотостудия диэн суох этэ. Оттон мин, эмиэ атын ийэлэр курдук, оҕо кэтэһэр кэммин кэрэ көстүүлээх хаартыскаҕа хатыахпын олус баҕарар этим. Ол иһин бэйэм тэрийииһибин диэн санааҕа кэлбитим уонна оҕолонон баран Хабаровскайга биир ыйдаах кууруска үөрэнэн кэлбитим. Кэргэммэр уонна кэргэним дьонугар ол кэмҥэ ити баҕа санаабын өйөөбүттэрин иһин олус махтанабын.
- Тоҕо бэрдэй! Санаатыҥ да толорор эбиккин ээ! Ол эрээри хайа баҕарар саҥа дьыала уустуктары көрсөр уонна уһуннук атаҕар турар диэччилэр дии. Хайдах этэй?
- Эппитим курдук, оччолорго фотограф суох буолан, дьыалам олус түргэнник табыллан барбыта, сакаас киирэ турара. Дьарыктаммытым этэҥҥэ аҕыс сыл буолбут эбит. Билигин устуудьуйалаахпын, тугу баҕарар түһэрэбин. Тэрилтэлэр, оскуолалар сөбүлээн ыҥыраллар. Ону сэргэ, бырааһынньык буолар уораҕайын киэргэтиинэн дьарыктанабын. Онтубар мэдиссиинэ училищетыгар үөрэнэр саха кыргыттара үлэлэһэллэр. Кинилэр олус үлэһиттэр, түргэн туттуулаахтар, дьоҕурдаахтар диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын.
- Фотографтыырыҥ таһынан «Миссис Алдан» куоҥкуруһу тэрийэргин истибитим. Ону сырдат эрэ.
- Ити куоҥкуруска 2020 сыллаахха бэйэм кыттан кыайыылаах буолбутум. Салгыы Москубаҕа тиийэн кыттыбытым. Онтон кэлбитим кэннэ куоҥкурус тэрийээччитэ атын сиргэ көһөн барар буолбута. Онон кини дьыалатын кыайыылаах быһыытынан бэйэм тутан хаалбытым. Ити кэмтэн ыла сыл ахсын тэрийэбин. Быйыл үсүһүн тэрийэн ыыттым. Куоҥкурус туһунан кэпсиирим элбэх. Бастатан туран, кыайбыт кыргыттарым Москубаҕа тиийэн ситиһиилэнэн кэлбиттэринэн киэн туттуубун үллэстиэхпин баҕарабын. Холобура, 2021 с. Алдаҥҥа кыайбыт Марина Иванова «1-я Вице-Миссис России Мира - 2021» буолбута. Онон, кинини кытта Эстонияҕа сылдьан кэлбиппит. Ааспыт сылга кыайбыт эбэҥки хааннаах Дарья Мельник «Народная Миссис-Россия Мира - 2022» титулу ылан кэлбитэ. Мантан олус үөрэбин.
Өссө биир киэн туттуум диэн, куоҥкуруска кыттар кыргыттары кытта хайаан да туох эрэ үтүөнү, кэрэни толкуйдаан оҥорорбут буолар. Ол курдук, ааспыт сылга Алдан оройоуннааҕы киин балыыһатын төрүүр салаатыгар анаан олус кэрэ фотозона оҥорбуппут. Илиибитинэн роза кырыйан биир эркини симээбиппит. Онон, ийэлэр оҕолонон тахсалларыгар онно хаартыскаҕа түһэн үөрэллэр-көтөллөр, дьоллоноллор. Оттон быйылгы куоҥкурус чэрчитинэн, Алдан куораппыт төрүттэммитэ 100 сылыгар анаан, кыттар кыргыттардыын харчы хомуйан сайыҥҥы сибэкки сиэмэтин ыспыппыт. Онтубутун дьуһуурустуба олохтоон көрө-харайа сылдьабыт. Сибэккибитин Оҕо көмүскэлин күнүгэр анаммыт сиригэр илдьэн олордуохтаахпыт.
- Иккис дойдуҥ буолбут Алдан оройуонун наһаа сөбүлүүр эбиккин дии. Ол туһунан аҕыйах тылы этиэҥ?
- Олорбутум 15 сыл буолла. Алдан чахчы интернациональнай оройуон. Олохтоох дьиэ кэргэттэргэ барыларыгар кэриэтэ эбэҥки, саха, нуучча аймахтаахтар. Бэйэбин манна хаһан да күөмчүлэнэр эҥин курдук санамматаҕым. Ол да иһин тус дьыалаланан, арааһы дьарыктанан, толкуйдарбын олоххо киллэрэн кэллэҕим. Кэргэним идэтинэн тимир суолугар ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Улахан кыыспыт хайыы-үйэ оскуоланы бүтэриэхтээх. Кыра кыыспыт тоҕус саастаах. Куораппытын олус сөбүлүүбүт.
- Дьэ, Антонина, энтузиаст бэрдэ эбиккин. Бүтүн оройуон, куорат олоҕун тупсара, сайыннара сылдьарыҥ олус кэрэхсэбиллээх. Тус дьарыгыҥ санааҥ хоту баран истин, ситиһиилэр кэлэ турдуннар.
Кэпсэттэ Күндэли.