Киир

Киир

Буолан ааспыт «Города и люди» кэмпириэнсийэҕэ Дьокуускайга биллиилээх айанньыт, блогер, фотограф, суруналыыс, уопсастыбанньык Илья Варламов кэлэ сырытта. Ыһыахха «Кыым» хаһыат түһүлгэтигэр куудара баттахтаах, ачыкылаах эдэр киһи, бэйэтинэн киирэн кэлэн, соһуталаата. Ыалдьыттаан ааспытын мүччү туппакка, кэпсэтэн хааллыбыт.

«Я ваш подписчик!»

Илья Варламов блогар таһаарар репортажтарын, бэлиэтээһиннэрин бэйэбит дойдубутугар эрэ буолбакка, аан дойдуга барытыгар көрөллөр, билэллэр. Арассыыйа сабыытыйаларын, олоҕун-дьаһаҕын, утарар аахсыйалары кини суруйууларынан билэ-көрө олороллор да диэтэххэ, сымыйа буолбат. Чэ, быһата, Аан дойдутааҕы ситимҥэ олорооччулартан Илья Варламов аатын билбэт, саатар, истибэтэх киһи ахсааннаах буолуохтаах.

Ону кэпсэтэ олордохпутуна, саас ортолоох биир саха киһитэ ааһан иһэн, тохтоон, кэлэн хаартыскаҕа түһэрбитэ, Ильялыын дорооболоһон баран: «Молодец! Я ваш подписчик!» – диэн илии тутуспута да кэрэһилииргэ дылы. Мин тохтотон ол киһиттэн: «Эн Ильяны туох иһин маладьыас диэн хайҕаатыҥ?» – диэн ыйыппыппар эппиэтэ бэрт судургу буолан биэрдэ. – Хорсунун уонна тутулуга суоҕун иһин!».

Онон мин Ильяттан, бастатан туран: «Чахчы, эйигин дьон бөҕө ааҕар, билэр. Тугу суруйар буолаҥҥын оннугуй?» –диэн ыйыттым. Онуоха кини: «Дьоҥҥо хайаан да бу тиэмэ интэриэһинэй диэн суруйбаппын. Мин бэйэбэр интэриэһинэйи суруйабын. Оттон ол дьоҥҥо эмиэ интэриэһинэй буолан тахсар», – диэтэ.

Айантан саҕалаан, ФСБга тиийэ

Суруйар тиэмэтэ, чахчы, араас. Айантан саҕалаан, социальнай тиэмэҕэ, бэлитиичэскэй аахсыйа туһунан суруйуон сөп – ол барыта ааҕааччылары тардар, умсугутар, тыыннаах, өйдөнүмтүө тылынан.

Холобур, Голландия кыра куората олоҕун-дьаһаҕын хайдах тэринэн олорорун, олохтоохторо дьоһуннаахтарын, эйгэлэрэ кырасыабайын көрдөрөр. Былыргыларын тугу даҕаны алдьаппаттарын, хас эмэ үйэтээҕи архитектураларын харыстаан, бүөбэйдээн илдьэ сылдьалларын уонна ол устуоруйаларын сыаналыылларын кэпсиир. «Биһиэхэ оннук тоҕо сатамматый? Тоҕо былыргы баар кэрэбитин үлтү барчалыыры, кумалыыры, алдьатары эрэ билэбитий?» – диэн ыйытар. Илья бэйэтэ архитектура институтун бүтэрбит буолан, «новодел» диэн тугун билэр буолан этэр...

Биирдэ кинини туох да төрүөтэ суох ФСБлар тута сылдьыбыттарын туһунан суруйбутун киһи биир тыынынан ааҕар. Боростуой «кыра киһи» биһиги дойдубутугар «силовой» дэнэр уорганнар иннилэригэр туох да бырааба, көмүскэлэ суох буолан хааларын бэйэтин холобуругар суруйар. «Биһиги силовой уорганнарбытыгар Төрүт сокуон эҥин барыта таах сурук эрэ», – диир... Чахчыта да, оннук. Ол биһиги уопсастыбанньыктарбытын да тутуталаан хаайталаабыттарыгар, сууттаабыттарыгар да көстүбүтэ.

Борис Немцовка –пааматынньыгы

«Биллиилээх бэлиитик, террористар илиилэриттэн ытыллан өлбүт Борис Немцовка үс сыл буолла даҕаны, тоҕо пааматынньык суоҕуй, тоҕо кини аатынан уулуссалар ааттамматтарый?» – диэн блогар ыйытан суруйбута баар. «Киниэхэ пааматынньык туруоран, биһиги кини аатын эрэ үйэтиппэппит, онон биһиги атын санаалаахтары кыдыйыыны, хараҥа күүстэргэ бэриммэппит диэн утары санаабытын биллэрэбит», – диэн саамай сөпкө этэр. Оннук, Илья Варламов курдук, элбэх киһи саныыр буолуохтаах. Кырдьыгы уот харахха этэр буолан, дьон сөбүлээн ааҕар диэххэ сөп.

«Уничтожить гадину!»

Варламов сороҕор бэрт кытаанахтык тыллаһан туруон сөп. Биир фото-эрэпэртээһигэр Варламов «Арассыыйа өстөөхтөрө кимнээҕий?» диэн ыйытыы туруорар. Онно Москуба киин уулуссаларыгар тротуардары кимнээх уонна хайдах өрөмүөннүү сылдьалларын хаартысканан көрдөрөр. Хартыскалар баар чахчыны барытын ырылхайдык туоһулууллар. Туора-маары барбыт бордюрдар, ууруллаат да хайа барбыт билииккэлэр, алдьаммыт «саҥа» лүүктэр...

«Бу туох үлүгэрэй?» диир блогер. Кини тротуарга билииккэ уура сылдьар гастарбайтердары: «Балар буруйдаахтар дуо? Суох. Кинилэр үлэлэрин туппут бэдэрээтчит, сакаас биэрбит, үлэтин туппут, харчыны ылбыт уонна сиэбит чунуобунньуктар буруйдаахтар», – диэбит. Бүтэһигэр «Найти и уничтожить гадину!» диэннээх. Хомойуох иһин, Арассыыйа ханнык баҕарар куоратыгар ити курдук фото-эрэпэртээһи суруйуохха сөп...

с девушками

Соруйан дуо?

Варламов былааһы утарар аахсыйалары эмиэ сырдатар. Соторутааҕыта Путин инаугурациятын иннинэ буолбут утарар аахсыйалар тустарынан суруйбута. Хантан кэлбитэ биллибэт хаһаактар дьону нагаайкалаах үлтү кырбыы, ОМОНнар түүрэйдии сылдьар хаартыскалара аан дойдуга тарҕаммытын, путбуолга аан дойду чөмпүйэнээтин иннинэ соруйан «Арассыыйаҕа маннык дьаабы» диэн кимнээх эрэ балаһыанньаны сытыырхата сатыыллар диирэ интэриэһинэй.

«Так жить нельзя!»

Маннык ааттаах бырайыага эмиэ болҕомтону тардар. Онно Арассыыйаҕа да, атын дойдуларга да олорор дьиэлэри таһаарар. «Элитнэй» дэнэр килэйбит-халайбыт, туох да этэргэ дылы, миэрэ, истиил, «вкус» диэни билиммэккэ тутуллубут уонна оҥоһуллубут Арассыыйа «саҥа баайдарын» дыбарыастыҥы дьиэлэрин күлүү-элэк гынан хаартыскалаабыт буолар. Сорохторо 11 мөл. дуоллардаах дьиэлэри сэргэ ыт уйатын саҕа, 8 кыбадыраат миэтэрэлээх кыбартыыралары ис-тас көстүүлэрин ырытан суруйбута көрөргө-ааҕарга олус сэргэх, интэриэһинэй.

«Хааччаҕы сөбүлээбэппин»

Илья Варламовтан «эн блогергын, онон...» диэн ыйытан истэхпинэ, «миигин биир араамканан хааччахтыылларын ылыммаппын. Суох, мин блогербын дэммэппин. Мин ол көмөтүнэн бэйэм контеннарбын дьоҥҥо тиэрдэбин эрэ» диэтэ. Оттон «хайдах гынан элбэх киһини тардар гына үлэлиигин, тугу гынаҕын?» диэбиккэ кини: «Мин кистэлэҥнэрбин арыйан биэриэхпин баҕарбаппын», – диэтэ.

Быһата, Илья Варламов соҕотох бэйэтэ СМИ оруолун толоро сылдьар: кини бу биһигини тулалыыр олохпутугар баар сытыы репортажтары оҥорор, ыстатыйалары суруйар, санааларын үллэстэр, устар, хаартыскаҕа түһэрэр, кэпсиир, бэйэтэ эрэдээксийэлиир, версткалыыр уонна туруорар. Соторутааҕыта бэйэтин саайтын оҥостубут. «Онно бэйэбэр чугас санаалаах атын да ааптардары туруоруом», – диир.

Биллэн турар, бары кинини ылыналлар диир уустук. Сорох-сорохтору кини суруйуулара, этэргэ дылы, «таарыйаллар». Оннук буолуохтаах даҕаны, кэмпиэт курдук барыларыгар минньигэс буолуо дуо?! Ол эрээри блогар Набережнай Челны «спальнай оройуон-куорат» диэн суруйбутун ааҕан баран Татарстан бэрэсидьиэнэ Рустам Минниханов «ону уларытарга үлэ ыытыахпыт» диэбитэ да элбэҕи этэр... Итэҕэһи-быһаҕаһы ыйан кырдьыктаах суруйуулара олоҕу уларытарга төһүү буолаллара – чахчы, дьиҥнээх ситиһии.

ФормАт өлөр

Суруналыыстыка туһунан ахтан аһарар буоллахха, суруналыыс Владимир Степанов Ильяҕа «эһиги кумааҕы хаһыаттары көмөн эрэҕит дии» диэбитигэр биирэ: «Суруналыыстыка өлбөт. Кини формАттара суох буолуохтарын сөп. Дьыала формАкка буолбатах. Дьыала суруналыыска – кини интэриэһинэй буоллаҕына, хаһыат да, блог да, саайт да – барыта интэриэһинэй буолуо. Суруналыыс диэн «штучнай табаар»», – диэтэ.

Ити санааны салҕаан, Ильялыын кэпсэтэбит. Кини: «Итини хаһан эрэ таһаҕаһы да, дьону да атынан тиэйэр извозчиктар баалларын, ону билигин массыыналар, атын тырааныспар солбуйбутун кытта тэҥниэххэ сөп. «Суруналыыстыка наадата суох буолла» диэн боппуруос турбат. Суруналыыстыка хаһан баҕарар НААДА. Боппуруос атыҥҥа: эһиги бэйэҕит контеҥҥытын (контент – ол аата, тиэкис, матырыйаал, файл, о.д.а. – ис хоһооно) туһанааччыга (потребитель) хайдах тиксэрэргитигэр.

Итиннэ бэйэлэрин эрэ формАттарын уларыйбакка тутуһан олорооччулар хаһан эрэ онтуларын кытта син биир тимирэллэр. Онон эһиги «хаһыаппытын эрэ тутан олоруохпут уонна бүттэ» диир буоллаххытына, кырдьык, бүтэҕит. Онтон «контеҥҥытын» араас ньыманан ааҕааччыга тиэрдэ сатыыр буоллаххытына, эһиги тыыннаах хаалыаххыт, баар буолуоххут.

– Оттон хаһыат суруналыыстара...

– Оо, «хаһыат суруналыыстыката», «хаһыат суруналыыстара» диэн тылы умнуоххутун наада! ФормАттан тахсыбат буоллаххытына – инникигит суох. Онон эһиги соруккут – «контеҥҥытын» көрдүөххүтүн наада. Аныгы технологиялары кытта сайдаҕыт дии, син биир оннук. Барыта уларыйа турар, ол быһыытынан, формАкка хаайтарыа суохтааххыт.

Судургутук маннык да этиэххэ сөп: эн астаабыт бэчиэнньэҕин атыылыахтааххын. Оттон ону хайдах ньыманан элбэх киһиэхэ атыылыаххын сөбүй, ону толкуйдуугун. Дьоҥҥо саамай табыгастаах, чэпчэки ханнык ньыма баарый билигин – ону булуоххун наада.

Онон формАттар өлөллөр – идэ өлбөт. Ол эбэтэр, бу киһи идэтин биир формАтынан эрэ хааччахтаан кэбиспит, онтон тахсыбат буоллаҕына, бу киһи ол формАтын кытта тимирэригэр тиийэр...

Саха сирин тоҕо билбэттэрий?

Ильялыын өссө биир тиэмэҕэ кэпсэттибит. Кини «сахалар биһиги туспутунан аан дойдуга бары билэллэр дии саныыллар. Ону баара, Бэл, Москубаҕа даҕаны Саха сирин туһунан үчүгэйдик билбэттэр эбээт, туох даҕаны өйдөбүллэрэ суоҕун кэриэтэ. Эгэ, тас дойдуларга билиэхтэрэ дуо?! Холобур, Красноярскай туруук хайаларын туһунан бары билэр эбит буоллахтарына (хомойуох иһин, мин ону билбэт эбиппин – НГ), Өлүөнэ туруук хайаларын ким да билбэт», – диэтэ.

– Баҕар, билиэхтэрин баҕарбаттара буолуо, — диэн сөбүлэспэппин.

– Суох, эһиги бэйэҕитин кыайан көрдөрбөккүт. «Атыыланыаххытын» наада. Холобур, кыламана муус буолан хаалбыт кыысчаан хаартыската аан дойдуну тилийэ көтөн, төһөлөөх киһи болҕомтотун тарта?! Ити курдук соһутан-өмүрдэн.

Туристар туох эрэ уратыны, дьиктини көрдөөн, хастыы да мөлүйүөнү ууран туран, онно-манна тиийэллэр. Эһиэхэ, этэргэ дылы, «атаххыт анныгар» кэһиллэ сытар баай баар – оттон ону сатаан дьоҥҥо тиэрдибэккит... Манна туристар арыый чэпчэки сыанаҕа бэртээхэй туурдары булуохтарын сөп этэ. Арай онон ким да дьарыктаммат курдук. Бэл, Москубаҕа билбэттэр!

Билигин путбуол чөмпүйэнээтинэн сибээстээн, тутуу барбыт куораттарынан туристар ааһар буоллулар уонна «оо, бу манна саҥа порт баар буолбут эбит! Манна гостиница тутуллубут эбит! Уулуссаҕа дьикти бөҕө баар эбит!» – диэн сөҕөллөр. Ол уонна чөмпүйэнээт эрэ кэмигэр буолуо суоҕа буоллаҕа. Туризм – харчы, сайдыы, инфраструктура... Туризм – ол аата, эһигини ордук билиэхтэрэ.

Быһата, эһиги бэйэҕитин сатаан кэпсэммэккит. Тугу эрэ таппаккыт, сатаабаккыт, – диэн буолла.

***

Биллиилээх айанньыт-блогер, арааһа, «мин ылыстахпына, Саха сирэ туризм Мекката буолуо» диирэ дуу, билбит суох. Биир өттүнэн, сөпкө этэр. Биһиги баар уратыбытын сонуннук, дьону тардар гына кыайан тиэрдибэппит баар суол. Бэйэбит эрэ ааҕар, сонургуур гына суруйар-оҥорор итэҕэс. Эбэтэр, биһиги дойдубутугар туристар кэлиэхтэрин баҕарбаппыт дуу?

Ити курдук, Илья Варламов, бэрт сонун, сэргэх көрүүлээх саҥа көлүөнэ киһитэ эбит. Кинини «аан дойду киһитэ» диэн ааттыахха сөп: киэҥ ыырдаах, билиилээх-көрүүлээх, сырыылаах. Ону сэргэ Арассыыйаҕа олох-дьаһах тупсарын туһугар ыалдьар уонна ону уларытарга тугу эрэ бэйэтин кыаҕынан оҥоро сатыыр киһи.

Нина ГЕРАСИМОВА.

Санааҕын суруй