Гаврил Иванов дэгиттэр талааннаах мас ууһа. Араас быһыылаах, оһуордаах-мандардаах дьиэ тэрилин, миэбэли оҥорор. Кини Уус Алдан улууһун бастакы Өспөх нэһилиэгиттэн төрүттээх. Дьокуускайдааҕы 16-с №-дээх ПТУ-га ювелир идэтин баһылаабыт. Ол эрэн идэтинэн улаханнык үлэлээбэтэх. Сымнаҕас миэбэли оҥорор тэрилтэҕэ уонна хачыгаарынан үлэлии сылдьыбыт. Кэлин уонтан тахса сыл маһынан уһанар.
Г.И.: Уһанарбын олус сөбүлүүбүн. Мастарыскыайбар таҕыстым эрэ олох сүтэн хаалабын. Аһыырбын да умнан туран үлэлиэхпин сөп. Уһамматахпына тугум эрэ тиийбэт курдук буолааччы.
Гаврил аан бастакы оҥоһугун оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан уһаммыт. Ол остуола билигин да бэйэтигэр баар. Аҕата кини дьоҕурдааҕын көрөн Гаврил Шадрин диэн уус киһиэхэ үөрэттэрбит. Киниэхэ маһы хайдах кыһарга, ханнык инструменнары туттарга уо.д.а. элбэххэ үөрэммит.
Г.И.: Миэбэли бэһинэн оҥоробун. Матырыйаалбын үксүн “Строительнай” ырыынактан атыылаһабын. Ыллым да уһанан киирэн барбаппын, бастаан дьиэҕэ ый курдук куурдабын. Дьон ордук “Буфет” ыскаабы, остуоллары, олоппостору хамаҕатык үлэһэллэр. Уонна сахалыы истииллээх оҥотторо сатыыллар. Сорохтор ааттарын-суолларын кыстаран “именной” оҥоттороллор.
Оһуору-мандары барытын бэйэтэ айан, толкуйдаан оҥорор. Соҕуруу үүнэр мастарга холоотоххо биһиги бэспит “этин-сиинин” тутула, ойуута мөлтөх буолан, сөпкө кырааскалыыры ирдиир диэн этэр. Үксүн маска аналлаах уонна акрил кырааскалары туттар. Хатырык уутун үчүгэйдик оргуттахха бэртээхэй кырааска буолар диэн кэпсиир.
Г.И.: Хас биирдии оҥоһугум ураты, хатыламмат буоларыгар кыһаллабын. Онон, ойуутун-бичигин толкуйдуурга бириэмэ бөҕөтө барар. Аны хаппырыыс дьон киэнэ сүгүн-саҕын табыллааччыта суох ээ. Хаста эмэ оҥорбут остуолбун сатаабакка эрэй бөҕөтүн көрөөччүбүн. Үгүс дьон “гарантиялааххын дуо?” диэн ыйытааччылар. Үлэспит дьонтон күн бүгүнүгэр диэри ким да ыһылынна-тоҕулунна диэн этэ илик (күлэр). Алдьанар түгэнигэр “абырахтаан” биэрэбин.
Гаврил уус киһи барытын сатыахтаах диэн санаалаах. Ол курдук, кыһар быһахтарын эҥин бэйэтэ оҥорор эбит. Ону таһынан, мууһунан кыһар. Гаврил түөрт оҕолоох: икки уол, икки кыыс. Уолаттарын кыралаан уһанарга үөрэтэр. Дьиэ ис-тас үлэтигэр көмө буолан абырыыллар диэн үөрэ кэпсиир.
Г.И.: Оҥоһукпун бүтэрэн баран 100% астыммаппын. Туох эмит итэҕэһи булан ылабын. Үлэһээччим сөбүлээтэҕинэ эрэ табыллыбыт диэн түмүккэ кэлэбин.
Гаврил инники былаана киэҥ. Ол курдук, мастарыскыайын улаатыннарыан баҕарар. Ону таһынан, маһынан уһаныы туһунан документальнай киинэ устар ыра санаалаах. Гаврил уһаммыт оҥоһуктара үйэлээх буоллуннар.
Венера Охлопкова