Киир

Киир

Саха кулгааҕар дьиктитик иһиллэр ааттаах ыалдьыт кэлэн барда. Нууччалыы аата – Прасковья Бойтунова диэн. Омуга – чукча. Төрөөбүт тылларынан “чукча омук” диэни “луораветлан” (“дьиҥ киһи” диэн тылбаастанар) дэнэллэр. Бу омуктары кытары ыаллыы олоробут эрээри, кинилэр тустарынан билэрбит аҕыйах. Онон дьиҥнээх чукча омук кэпсээнин истиэххэ.

– “Тыҥэрультыҥэ” диэн туох суолталааҕый? Тоҕо итинник ааттаабыттарый?

– Чукча тылыттан “ойоҕостон үүммүт, туора үүммүт от” диэн үүнээйигэ сыһыаннаан этиллэр аат. Билбэтим, тоҕо итинник диэбиттэрин (күлэр). Баҕар, инники дьылҕам хайдах салалларын билгэлээн итинник ааты иҥэрбиттэрэ буолуо. “Туора үүммүт” диэбиттэрэ, чахчы даҕаны, дьоммун кытары дойдубар олорбокко, Саха сиригэр көһөн олордоҕум.

– Төрдүҥ-ууһуҥ хантан силистээҕий?

– Хамчаакы кыраайын Пенжинскэй оройуонун Айаанка сэлиэнньэтиттэн төрүттээхпин. Туундараҕа күн сирин көрбүтүм, туундараҕа улааппытым. Аҕам Леонид Вачакаевич Киттахин (“Кыттааһын” ол аата чукчаттан “бөҕө, кытаанах”), ийэм Ольга Кевевхеевна Омрина (“Омрына” диэн эмиэ “кытаанах”). “Омрына” диэн, дьиҥэ, аата. Ийэм кыратыгар доруобуйата мөлтөх буолан, күүстээх буола улааттын диэн ааттаабыттар. Бииргэ төрөөбүт үһүөбүт. Мин иннибинэ Зина диэн эдьиийдээҕим, 7 сыл улахан этэ, ыалдьан өлөөхтөөбүтэ. Айаанкаҕа чукчалар уонна эбээннэр бүөмнээн олороллор. “Айаа” эбээн тылыттан “кэрэ” диэн суолталаах, “анка” диэн чукчалыыттан туруору тылбаастаатахха, “манна баар кэрэ сир” диэн. Чахчы, кэрэ сир: хатыҥнар, лаглаҕар тииттэр, тирэх мастар, тула модун хайалар. Хара тыатыгар сир аһа, булт дэлэй. Сайын ярангаҕа олорон табаларбытын иитэрбит. Дьахталлар дьиэ ис-тас үлэтин дьаһайарбыт, эр дьон табаларын батыһан, көс баран хаалар этилэр. Биирдэ эмэ сорук-боллурдара ас ыла кэлэрэ. ¤уу, онно дьоллонорбут даҕаны, биир эмэ киһи кэлэн аастаҕына, сонунун кэпсээтэҕинэ, үчүгэй да буолара. Ийэм сарсыарда туруоран хайаан да көмөлөһүннэрэрэ. Күн устата үлэлээн букунаһар этибит. Иискэ, аска – барытыгар үөрэппитэ. Ол саҕана сүрэҕэлдьээн да биэрэрим, билигин онтум, хата, көмө буолар. Ийэм үлэҕэ такайбытыттан, төрүт култуурабыт тыынын иҥэрбититтэн билигин үөрэбин, махтанабын.

– Ханна үөрэммиккиний?

– Айаанкаҕа 3 кылаастаах алын үөрэх оскуолата баара. Салгыы Слаутное сэлиэнньэҕэ 8 кылаастаах оскуолаҕа үөрэммиппит. Интэринээккэ олорорбут, сынньалаҥҥа дьиэлиирбит. Онтон үрдүкү кылаастарга Каменское диэн оройуон киинигэр үөрэммиппит. Каменскайга кэлии дьон олороллор: украиналар, татаардар, нууччалар, кэрээктэр. Оскуолаҕа, биллэн турар, нуучча эрэ тылынан үөрэтэллэрэ. Сайын аайы ыстаадаҕа сылдьыһар буолан, чукча тылын билэбин. Дойдубут иһигэр “табуннар” уонна “үрүҥ дьон” диэҥҥэ арахсар этибит. Биһиги, “табуннар”, боростуой табаһыт ыал оҕолоробут. Онтон “үрүҥнэр” биир төрөппүттэрэ – табаһыт, ол эрээри хайалара эрэ оскуола, балыыһа, кулууп эҥин үлэһитэ. Табаһыт оҕолорун сэнииллэрэ. Биһиги “үрүҥ” ыал олоҕор ымсыырар аҕай этибит. Бу санаатахха, туох да уратыта суох буоллахпыт.

– Билигин ханна үлэлиигиний?

– Ийэм Хамчаакыга хаалан, төрүт дьарыкпытын тутуһуннаран хаалларыан баҕарара. Мин үөрэҕи талбытым. 1986 с. Санкт-Петербург куоракка А.И. Герцен аатынан университекка “Чукча тыла уонна литэрэтиирэтэ” диэн салааҕа үөрэммитим. Соҕотох этим. Атын устудьуоннар бааллара эрээри, хотугулуу-илиҥҥи аҕыйах ахсааннах норуоттар тылларын үөрэтэллэрэ. Учууталым Ида Владимировна Куликова этэ. Чукча тылыгар маҥнайгы учуонай. Бу соторутааҕыта Саха сиригэр кэлиэхтээҕэ, хомойуох иһин, Санкт-Петербург куоракка соһумардык суорума суолламмыта. Кэлэбин диэн, сөмөлүөт билиэтин номнуо ылаахтаабыта даҕаны...

Бэйэм билигин Дьокуускайдааҕы национальнай гимназияҕа нуучча тылын учууталабын. Кэргэним Тохман Афанасьевич Бойтунов худуоһунньук этэ. Бэйэбиттэн 9 сыл аҕа. Олохтон туораабыта номнуо 8 сыла буолла. Олус интэриэһинэй, дириҥ билиилээх киһи этэ. Хайа эмэ омукка сыһыаннааҕы уруһуйдуон иннинэ, ол омук култууратын дириҥник хасыһара, сыныйан үөрэтэрэ. Мин биир сиргэ түптээн олорбот киһибин, оттон кини чуумпуну сөбүлүүрэ. Тыаҕа дьиэ туттан баран, күөл аттыгар дьонтон тэйиччи айылҕаҕа олоруон баҕарара. Ол баҕа санаатын толорон Үөһээ Бүлүү Кэнтигиттэн 20 км. ыраах сиргэ дьиэ туттубута, онно ыйы-ыйдаан олорорбут.

– Ээ, Үөһээ Бүлүүгэ кэлэ-бара сырыттаххыт?

– Онно уһуннук олоро сылдьыбыппыт. Ыал буолан баран маҥнай Хамчаакыга көһөн тиийбиппит. Айаанкаҕа оскуолаҕа үлэлээн испитим. Уолбун хат сылдьар этим. Син бэркэ үлэлиэх киһини, Каменскайга мэтэдьиис үлэтигэр ыҥырбыттара. Мин, оҕолоноору сылдьар дьахтар, оҕобун санаан, үчүгэй усулуобуйалаах сиргэ төрөөрү кииҥҥэ таласпытым. Онно төрүт тыллар мэтэдьиистэрэ этим, былаан оҥостон, бэркэ үлэлээн испиппин сарбыйан кэбиспиттэрэ. Бүттэҕэ ол. Анараа үлэбин хаалларан, көһөн-тэринэн кэлбит киһиэхэ хомолтолоох этэ. Кыра норуоттар тылларыгар сыһыан ити курдук. Хантан да биллибэккэ, саҥата-иҥэтэ суох барытын быһааран, сарбыйан кэбиһэллэр. Ким да, туох да диэн айдаарбатаҕа. Арай манна Саха сиригэр оччотооҕу курдук быһыы үөскээбитэ буоллар, аймалҕан тахсыа этэ. Хамчаакы чукчалара наһаа да нэс омукпут... Онон Хамчаакыга олорорбут табыллыбатаҕа, кэргэним даҕаны дойдутун ахтыбыта. 1991 с. манна кэлэн, Үөһээ Бүлүү Кэнтигэр олорбуппут. 17 сыл олохтоох оскуолаҕа нуучча тылын учууталынан үлэлээбитим. Оччотооҕу сэбиэдиссэйгэ, Ксения Ивановна Алексееваҕа, ис сүрэхпиттэн махтанабын. Саха тылын, сахалары да үчүгэйдик билбэт киһи тиийдэҕим. Туох баар адаптацияны барарбар киһи быһыытынан көмөтө-өйөбүлэ элбэх.

– Сахалыы билбэт киһи Кэнтиккэ тиийэн туох эрэйи көрсүбүккүнүй?

– “Сахалыы билбэт” диэн, баҕар, сирэй-харах анньыа эбиттэрэ буолуо, ол эрээри олус эйэҕэстэр, ыалдьытымсахтар этэ. Билигин олорон, оччотооҕу кэмнэрбин олус истиҥник саныыбын. Ол саҕана сэрии бэтэрээннэрэ элбэхтэрэ, кинилэрдиин алтыспыппынан киэн туттабын. Сарсыарда ынахтарын үүрэ сылдьар эмээхситтэр дорооболоһо тураллара харахпар субу баар... Онно олорон сахалыы өйдүүр буолбутум, саха майгытын-сигилитин, култууратын үчүгэйдик билбитим. Саха дэриэбинэтигэр дьон олус сытыы уонна баай тыллаах. Дьон күннээҕи олоҕор араас сомоҕо домоһу, өс хоһоонун туттара.

– Сахалары биллим диэтиҥ. Чукча уонна саха уратыта элбэх буолуо. Эн санааҕар?

– Дьэ, тус-туһунан. Саха сирин олоҕун туһунан этэр буоллахха, манна бэйэҕит каадырдааххыт, дьон дойдутун кэскилин туһунан саныыр, ыралыыр, ол туһугар үлэлиир. Хамчаакыга нэһилиэнньэ нэс-дааргы. Баҕар, балаһыанньа уларыйбыта буолуо эрээри... Хамчаакыга омук арааһа баар. Олортон былаас эйгэтигэр “галочка” эрэ туһугар олордоллор. “Кыра норуоту өйүүбүт” дэттэрээри. Онно нэһилиэнньэ туһугар, омук инникитин туһугар киирсэр киһи олорбот. Ити – мин көрүүм... Холобур, чукчалартан былааска олорбут киһи туох эрэ ырыаһыт дуу, артыыс дуу курдук сананар, наҕараада ылар, ол-бу мунньахтарга сылдьар... Онтон нэһилиэнньэ олоҕо, дьиҥ кыһалҕа умнуллар. Чукчалар кэнэммит, оҕо курдук итэҕэйимтиэ майгылаахпыт. Саха киһитэ ураты диэн санаалаахпын. Ким эмэ ситиһиилэннэ даҕаны, норуотун туһугар тугу эмэ туһалааҕы оҥордорбун дии саныыр киһи элбэх. Хамчаакыттан манна кэлэн уопут ылыа этилэр – суох. Саҥата суох олороллор, оннук уостар куттал баар. Олохторугар тугу эмэ уларытыахтарын баҕараллара буоллар, хамсаныа эбиттэрэ буолуо. Мин чукча тылын биллэрбин даҕаны, кэпсэтэр киһим суох, арай дьиэбэр эрийдэхпинэ эрэ.

Майгы да өттүнэн уратыгыт: төрүт үгэскэ харыстабыллаах сыһыаннааххыт, кырдьаҕастары ытыктыыгыт. Аны үрдүк үөрэххэ, үчүгэй олоххо талаһыыгыт күүстээх. Дэриэбинэҕэ оҕобут үөрэхтээх буоллун диэн сүөһүлэрин да өлөрүөхтэрэ.

Boytunova1 2

– Оҕолоруҥ ханнык тылы билэллэрий?

– Оҕолорум – нуучча уонна саха тылын. Аҕаларын батан, сахалыы иитиилээхтэр, дэриэбинэҕэ улааппыттара. Күннэй уонна Эллэй диэн ааттаабыппыт. Хамчаакыга илдьэ сылдьыбытым, дойдуларын суохтаабыттара аҕай. Чукча эр дьоно – олус дьээбэлээх-хооболоох норуот. Уолум онно тиийбитигэр чукча уолаттара дьээбэлиир этилэр. Маҥнай тулуйбута-тулуйбута... Кэлин ол үөннүрэллэриттэн сылайан, олох охсуһуон баҕарталаабыта, үөһээ бүлүүлүү кытаанах майгылаах буоллаҕа (күлэр). Кини эмиэ кыра дьээбэлээх да буоллар, саха сиэринэн боччумнаах.

– Чукчалыы кэпсэтэр киһим суох диэтиҥ. Оттон чукчалар ассоциациялара баар дии, билсэҕин дуо?

– Урут, Галина Кемлиль салайар эрдэҕинэ, сылдьар этим. Үлэ бөҕөтүн ыытара, уопсай тыл булан үлэлэһэн испиппит. Биир күн уурайбытын истэн соһуйбутум. Билигиҥҥи салайааччы эмиэ киириилээх-тахсыылаах, амбициялаах үчүгэй үлэһит. Эмиэ элбэҕи үлэлиир, ол эрээри биир тылга киирбэтибит. Соторутааҕыта “Эргырон” диэн чукча-эскимос ансаамбыла кэлэн барбыта. Бу кэмҥэ ассоциация салайааччыта миэхэ “чукча тылын куурустара буола тураллар, баран үөрэтиэҥ дуо?” диэбитин сөбүлэспитим, бараары сылдьыбытым. Арай аймахтарым бассаабыгар “Эргырон” кэлбит, чукчалар ассоциациялара көрүстэ” диэн сонун кэлбитэ. Мин ону ааҕан баран, сирэйбэр уунан ыстарбыттыы соһуйбутум, миэхэ ким да эппэтэҕэ. Ассоциация бэрэссэдээтэлин кытары алтыһар этибит, уруок ыытаар диэн көрдөспүтэ даҕаны, бу тэрээһин туһунан, саатар, сэрэтиэ, этиэ эбит... Ол кэннэ уруок ыыппаппын, “миигин туһанан бүтүҥ” диэн аһаҕастык эппитим. Ол-бу көрсүһүү, тэрээһин буоллаҕына ыҥырбат эбиттэр, онтон дьиҥ сүүрүү буоллаҕына эрэ “чэ, кини ону гыныаҕа” диэн халы-мааргы сыһыаннаһалларын сөбүлээбэтэҕим. Миигин өһүргэнэр-кыыһырар диэхтэрэ эрээри, отой оннук буолбатах. Киһилии сыһыаны эрэйэбин. Итинник эппитим кэннэ, бука, мындыр киһи ылыныа этэ, сыһыанын уларытыа эбитэ буолуо...

Анадыртан биир сытыы-хотуу, туйгун үөрэхтээх Мария Торыт диэн кыыс чукча тылын үөрэтэр сыаллаах Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка кэлбитэ. Миэхэ чаас анаан, 4 сыл үлэлии сылдьыбытым. Эбээн тылын учуонайа Антонина Васильеваны кытары тута тапсыбытым. Айаанкаҕа эбээннэрдиин олорбут буолан буолуо. Билигин да алтыһабыт. Биир күн кинини көрсүбүппэр “бырабыыталыстаба дьиэтигэр чукча тылын билээччилэрдиин көрсүһүү буоларын билэр инигин?” диэн соһуппута, ассоциациялартан эмиэ туох да сурах кэлбэтэҕэ. “Дьупулуомнаах исписэлиис эн эрэ, тоҕо ыҥырбатахтарай?” диэн, соһуйан эрэ хаалбыта. Чэ, этэҥҥэ үлэлии сылдьаллар, мин туох да диэбэппин. Бэйэм даҕаны оннук амбициялаах, онно-манна кытта, көстө-биллэ сатыыр киһи буолбатахпын. Ол эрээри көрдөстөхтөрүнэ, хаһан да аккаастааччым суох. Киһилии сыһыан, ытыктабыл диэн баар буолуохтаах. Уопсайынан, тэйэн хаалбыппын быһыылаах. Омугунан араарбакка, дьону быдан майгытынан көрөн сыаналыыбын.

Сардаҥа БОРИСОВА.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар