Манна ураты миэстэни А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй кэргэнэ Е.Н.Лыскова тутта сылдьыбыт мала-сала, кыра уол оҕолуун түспүт хаартыската болҕомто киинигэр турбута. Ону сэргэ быыстапкаҕа сылдьыбыттар, ол кэмнээҕи ити хаартыскаҕа маарынныыр, үүт-үкчү диэх да курдук, саха дьахтарын бууктаах соно, дьабака бэргэһэтэ бу саҥа тигиллибитинии баарын олус сонурҕаан, дьиктиргээн, сөҕөн-махтайан көрбүттэр.
Бу маллары биһиги дьоммут Саха сириттэн илдьэ барбыт буолбатахтар, Казаньҥа баарын туруорбуттар. Ити экспонаттары, А.Е.Кулаковскай Бодойбоҕо олоро сылдьыбыт кэмигэр, Аан дойду үрдүнэн киэҥник биллэр тюрколог-учуонай, Казаньнааҕы этнография музейын төрүттээччи Н.Ф Катановка 1916 с., анаан-минээн үс баһыылка гынан суулаан ыыппыт эбит. Быыстапканы тэрийээччилэр итинник экспонаты Кулаковскайтан Россия уһулуччулаах учуонайа, востоковед, полиглот, айанньыт, педагог, музеевед, сырдатааччы, Казаньнааҕы Императорскай университет профессора Н.Ф.Катанов бэйэтэ көрдөһөн ыыттарбытын сэрэйэллэр. Өксөкүлээх 1914 с. Санкт Петербурга бара сылдьар кэмигэр, Казаньҥа улуу учуонай Катановы кытта билсибит буолуон сөп. Өксөкүлээх Өлөксөй ыччаттара улуу өбүгэлэрин олоҕун, общественнай, научнай, этнографическай, литературнай үлэтин чинчийэллэр, үөрэтэллэр. Киниэхэ сыһыаннаах маннык соһуччу булумньу, атын чинчийээччилэр, учуонайдар иннилэригэр саҥа соруктары туруорар. Аны билигин Казаньнааҕы национальнай музейга баар саха дьахтарын сонун, ким тикпит буолуон сөбүй диэн билэ-көрө сатыыбыт. Онно сөп түбэһэр биир төрүөтү суруйааччы Прокопий Чуукаар, биһиэхэ анаан, 1989 с. муус устар 16 күнүгэр «Эдэр коммунист» хаһыакка суруйан хаалларбыт. Онтон көрдөххө, оччотооҕу Арҕаа Хаҥалас улууһун Мытаах нэһилиэгиттэн (билиҥҥинэн Солоҕон) төрүттээх Мария Яковлевна Дьячковскаяны (Андрееваны) кытта А.Е.Кулаковскайдаах Бодойбоҕо бииргэ олоро сылдьыбыттар. Мария кинилэргэ иистэнэр, астарын астыыр, дьиэлэрин сууйар-көрөр эбит. Олус бэркэ тапсан, өйөһөн-өйдөһөн, көмөлөсүһэн олорбуттар. Кулаковскайдаах Саха сиригэр баралларыгар, кэргэнэ Маарыйаҕа махталын бэлиэтин, көмөтүн, хардарыта истиҥник санаһан олорбуттарын үрдүктүк сыаналаан, бу массыынанан “айаххытын ииттээриҥ, биһигини өйдүү-саныы сылдьаарыҥ” диэн, иистэнэр “Зингер” массыынатын бэлэхтээбит. Ол саҕана олус күндү бэлэх буоллаҕа. Бодойбоҕо көмүс хостоноругар, араас омук хампаанньалара үлэлии сылдьыбыттара биллэр. Онон кинилэр дойдуларыттан араас малы-салы, тэриллэри аҕалан олохтоохторго атыылаатахтара, эргиннэхтэрэ, мэнэйдэстэхтэрэ дии. Маарыйа олоҕун унаардаах устатыгар хаһан да умнубат, уоһуттан түһэрбэт дьонунан Кулаковскайдар этэ диэн, Мария Яковлевна кыыһа уһун кэмҥэ холкуоска, сопхуоска ыанньыксытынан үлэлээбит Ирина Михайловна Дьячковская кэпсээбитин, Чуукаар хаһыакка сиһилии суруйбут. Ол «Зингер» массыынаны Өрүүнэ П.А.Ойуунускай аатынан литературнай музейга бэлэхтээбитэ, билигин көрдөрүүгэ туран, сэдэх экспонат быһыытынан улахан сэҥээриини ылар. Музей научнай сотруднига, уһуннук биһигини кытта бииргэ үлэлэһэр, көмөлөһөр Е.С.Ноговицына үөрүүнү кытта хаартыскаҕы түһэрэн ыыппытын көрөҕүт. Таарыйа ахтан аастахха, Мария биһиги түөлбэттэн Силээнтэн төрүттээх. 2002 с. таһаарбыт “Горнайдар” кинигэбэр сурулларынан, Яков Михайлович Андреев-Түөрэх Дьаакып, кэргэнэ Акулина Петровна, лаппа кыанан олорбут ыаллар. Мария кинилэр кыыстара. 1897 с. ыытыллыбыт Бүтүн Россиятааҕы бастакы биэрэпискэ Иннокентий, Николай (Өппөөх), Екатерина, Евдокия, Мария (Хатат), Ефросинья, Мария диэн оҕолордоох. Бу кыра Мария олох оҕо эрдэҕиттэн, били былыргылар этэллэринии, «кыптыыйдаах төрөөбүт» иистэнньэҥ үһү.
Е.Е.Дьячковская уруһуйа.
Ирина Михайловна балта Полина Михайловнаны кытта.
Олус кэрэ дьүһүннээх, майгылаах үтүөтэ кыыс улаатан истэҕинэ, күтүөт бөҕө кэлэн кэргэн кэпсэтэ сатыыллар эбит. Биири да сөбүлээбэккэ сирэн ыыталыыр. Олор истэригэр Мытаах биир баай соҕус киһитэ Чулур уолун сирбит бадахтаах. Онно өстүйэн бу киһи хамначчытын маанытык таҥыннаран, Көлүөнньэ ойууну дуруускаһыт оҥорон, кыра Маарыйаны кэргэн кэпсэтиннэрэ ыыталыыр. Бу да сырыыга Маарыйа сүрэҕэ сөбүлээбэтэх. Кэргэн кэпсэтээччилэр сирэйдэрэ сөллөн, санаалара түһэн, төннөргө күһэллиэх курдук буолбуттар. Арай туран, ону сөбүлээбэккэ Көлүөнньэ ойуун кыыран ыһыллаҥнатан киирэн барар. Этэр тыла эҥсилгэлэнэн, иҥсэлэнэн-оботтонон, бу кыыс кэргэн тахсыбатаҕына, Түөрэхтэр олохторо түҥнэри төлкөлөнөр күнэ-ыйа тирээн кэлэн эрэрин, улахан ыал олоҕо алдьанар, төрүөҕэ төннөр, сүөһүтэ кэхтэр, быһата, ыал аатыттан ааһар дьылҕаламмыттарын киһи куйахата күүрүөх, өйө-санаата ыһыллыах курдук этэн-тыынан, үөһэ-аллараа дойдуларынан абааһыларын мунньан, муннук аайы саһыаран, уутугар-хаарыгар киирэн эрдэҕинэ, Дьаакыптаах нэһиилэ тохтотоллор... Ити үлүгэрдээҕи истибит кыыстарын ыҥыран, мөрөйдөөн олох олорор, оҕо төрөтөр элбэх бииргэ төрөөбүттэрин, күҥҥэ-ыйга тэҥнээн маанылаан ииппит күндү ийэлээх-аҕатын ойууҥҥа сиэппэккэ, аһынарыгар көрдөһөллөр-ааттаһаллар. Харахтарыттан уу-хаар баспыт тапталлаах эдьиийдэрин, убайдарын, кутталларыттан бу охтон түһүөх курдук буолбут кырдьаҕас төрөппүттэрэ барахсаттары аһынар, быыһыыр кини эрэ баар курдуга. Кыыс хайыыр да кыаҕа суох буолан, сөбүлэҥин биэрэр, Михаил Матвеевич Дьячковскай диэн ол кэлбит уолга кэргэн тахсан айанныыр... Уолҕамчы санаатыгар бэйэтин атаҕастаппыт курдук санаан, хомойон-хоргутан, “аны эһиги дьиэҕитигэр хаһан да атаҕым үктэниэ суоҕа” диэн тыл ыһыктан, алгыһынан атаарар буруйдаах ийэтэ санныгар уурбут илиитин киэр садьыйан, баай сахалыы киэргэллээх атын миинэн, хараҕын уута тохтообокко тохторун сотто-сотто, кэннин да хайыспакка айанныыр. Арай бу түгэҥҥэ кинини аһынан суол кытыытыгар сэлэлии үүммүт, оҕо эрдэҕиттэн таптаабыт баай хатыҥнара санаарҕабыллаахтык сэбирдэхтэринэн хараҕын уутун имэрийэ сотон, хойуу лабааларынан кууһан-уураан, кытаанах санааланарыгар алгыы хаалбыттара. Оттон кинини кытта тэҥҥэ үүммүт чэчирдэр, кыыс нарын илиитин имэрийэн, оҕолуу “биһиэхэ син биир төннөн кэлээр, өссө да оонньуохпут-көрүлүөхпүт” дии-дии атаарар, санаатын көтөҕө сатыыр курдуктара. Ыраас халлаана луҥкуран, эдэр кыыска ыар күннэр тирээбиттэринэн, уһуннук, санаарҕабыллаахтык ардаан, ааспыт олоҕун сууйан, симэлитэн испиттэрэ... Анараа тиийбитэ кэргэнэ ханнык да баай киһитэ буолбатах, хара хамначчыта эбит. Ол баай киһи, кийиит Маарыйа көрөн турдаҕына, кэргэнин бэлбиэт ыстаанын, хомуһуол сонун уһултарбыт, тарбыйах ыстаанын, нэк сонун кыыс сирэйигэр быраҕан биэрбит, үөҕүү, сэнэбил былаастаах кырыктаах тылларынан ыһыахтаммыт. Маарыйа олоҕо төһө да итинник саҕаламмытын иһин, ыһыктынан кэбиспэккэ, хорсун санааны ылынан, сайын уу-хаар тардыыта кэргэнин баайтан арааран, Дьокуускайга илдьэ барар. Кини өссө оҕо сылдьан. чугас ыалларыгар олоро сылдьыбыт сыылынайтан нууччалыы кэпсэтэргэ-ипсэтэргэ, кыра наадатын быһаарсарга үөрэммит буолан, иннин-кэннин сырдатынан көрөрө. Баай баттабылыгар олордоҕуна, ол дьэбэрэттэн хаһан да оронор кыахтара суоҕун сэрэйэрэ. Куоракка киирэн араас быстах үлэҕэ сылдьан иһэн, Манньыаттаах уола Бодойболотор оҕустарын көрөргө кэпсэтэн Тайҕаҕа түһэллэр. Дьэ, ол онно тиийэн, Өксөкүлээҕи кытта ыкса билсиилэрэ саҕаланар, дьон кэккэтигэр тахсаллар... Маарыйалаах Мэхээлэ дьоһуннаах олоҕу олорбуттара. Бодойботтон кэлэн дойдуларыгар саҥа олоҕу тутууга, күүрээннээх үлэҕэ күүскэ ылсыбыттара. Холкуос чулуу үлэһиттэрэ этилэр. Дьон кэпсииринэн, Маарыйа Маай эргиннээҕи ыаллар эрэ таҥастарын-саптарын буолбакка, ыйыталаһан, истиһэн анаан-минээн ыраах сиртэн кытта кэлэн тиктэрэллэр эбит. Онон иистэнньэҥ быһыытынан киэҥник сураҕырбыт. Кэргэнэ Мэхээлэ эмиэ чулуу үлэһит. Кини оройуонугар бастыҥ булчут буолан, араас куоталаһыыларга кыайыылаах аатын ылбыта, Саха сирин хаһыаттарыгар, архыыпка баалларын көрөн аһарар этим. Кинилэр 15-тэ оҕоломмуттарыттан аҕыһа тыыннаах хаалан, оҕо-уруу тэниппиттэр.
Олороллор, хаҥастан уҥа: Николай, Полина, Михаил, тураллар, Степан, Захар.
Прокопий Михайлович Аҕа дойду улуу сэриитигэр геройдуу охтубут. Оттон биир уола Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, «Хорсунун иһин» мэтээл кавалера Михаил Михайлович Дьячковскай, билигин 100 сааһын ааһан, Солоҕон нэһилиэгэр этэҥҥэ олорор. Ийэтин утумнаабыт Полина Михайловна Уус Алдаҥҥа быткомбинакка сэбиэдиссэйдии сылдьан, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин депутатынан быыбарданан, чулуу үлэһит быһыытынан биллибитэ. Маарыйа биир сиэнэ, Өктөмҥө олохсуйбут уолун Ньукулай кыыһа Татьяна Николаевна Шишигина улахан иистэнньэҥ, 2022 с. бүтүүтэ РФ норуодунай маастара буолбута. Полина Михайловна уола Альберт Иванович Васильев РФ үтүөлээх бырааһа, трансплантолог хирург, СӨ национальнай медицинскэй киинин клиническэй киинин дириэктэрэ, Ирина Михайловна уола Владимир Николаевич Степанов “Ситим” медиабөлөх генеральнай дириэктэрэ, В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатынан СӨ суруналыыстыкаҕа государственнай бириэмийэтин лауреата. Соторутааҕыта миэхэ Улуу Кулаковскай сиэнэ Россия уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ.
Уһун кэмҥэ Суоттутааҕы «Доҕордоһуу» түмэл-заповеднигы салайан үлэлэппит Раиса Реасовна Кулаковская сурук ыытта:
"Василий Ильич дорообо! Чуукаар суруйбут ыстатыйатын аахтым. Улаханнык сэҥээрдим, үөрдүм. Аан дойдуга биллибит улахан учуонай, тюрколог Катанов төрүттээбит Казаннаҕы государственнай музейыгар саха дьахтарын таҥаһа баар. 1916 с. Бодойботтон Алексей Елисеевич Кулаковскай ыыппыт эбит. Кинилэр өр сылларга суруйсан доҕордоспуттар. Бу биир төрүттээх омук быһыытынан элбэхтик сибээһи тутуспуттар. Бу таҥаһы оччотооҕуга Бодойбоҕо дьукаах олорбут Дьячковская диэн иистэнньэҥ, асчыт дьахтар тикпит буолуон сөп. Кулаковскайдар бэркэ сөбүлэһэн олорон, Бодойботтон баралларыгар “Зингер” массыынаны бэлэх биэрбиттэр эбит. Оттон бу бэртээхэй Саха дьахтарын кыһыҥҥы таҥаһын толору набора, төһө да 100-тэн тахса сыл буоллар, билигин да кэрэ сэбэрэтин ыһыктыбатах, алдьамматах, кээһэммэтэх дииллэр көрбүт дьон. Онон эн бу иистэнньэҥ туһунан тугу билэргин, истибиккин суруйуоҥ, ыйыталаһыаҥ дуо? Биһиги эһэбит туһунан салгыы үөрэтэрбитигэр, билэрбитигэр көмө буолуо этэ. Катанов Казанҥа баар архивын көрөн, норуоттар доҕордоһууларын туоһута буолбут, матырыйааллары чинчийэр үлэ барыан наада.
Эрэли кытта Раиса Реасовна Кулаковская. 3/III-21 с."
Раиса Реасовна баҕа санаата туоларыгар, бу соһуччу көстүбүт экспонаттар кимнээхтэн ылыллан, тигиллэн барбыттарын быһаарыы үлэтигэр, болҕомто ууруллуоҕар баҕарабыт. Ким тугу эмэ билэр, истибит-көрбүт сиһилии суруйуоххутун сөп.
Василий Алексеев.
Ылыллыбыт: https://xn----7sbbprs1bdnl.xn--p1ai/article/46173