Арааһа, Валентина Толкунова ырыаларын истэн уйадыйбатах оччотооҕу көлүөнэҕэ ким да суоҕа буолуо. Истибит эрэ кини дьикти кэрэ куолаһын умнубат. Оттон Юрий Саульскай “Черный кот” диэн ырыатын, ама, ким билбэт буолуой! Дьэ, бу сэбиэскэй эстрада чаҕылхай сулустарын хаһан эрэ улахан таптал холбуу сылдьыбытын билэргит эбитэ дуу?
Валечка – “тургеневтыы кыыс”...
“Мин хойутаан төрөөбүппүн, миэхэ ордук XIX үйэтээҕи вишня саадтара, хараҥа аллеялар устун күүлэйдиир, оччотооҕу арамаантыкалыы өй-санаа ордук чугас” диирэ кини. Таптыыр суруйааччыта Тургенев этэ, бэйэтэ да кини суруйар дворян кыргыттарыгар майгынныыра: эмиэ соннук кырасыабай, килбик, элбэх саҥата суох, тугу саныырын биллэрбэт, ыраас дууһалаах, күүстээх санаалаах...
Кини Армавир куоракка удьуор тимир суол үлэһиттэрин дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Эһэлэрэ, аҕата, ийэтэ – бары тимир суол үлэһиттэрэ этэ. Валя биир саастааҕар дьоно Москубаҕа көспүттэрэ. Дьоно муусуканы олус сөбүлүүллэрэ, Л.Утесов, К.Шульженко, Л. Русланова, о.д.а. биллиилээх ырыаһыттар толорууларыгар быластыыҥканы мунньаллара, ийэтэ гитаранан романстары, эбэтэ нуучча норуодунай ырыаларын толороро. Кыысчаан ону түһэрсэн иһэрэ. 10 саастааҕар куонкуруһу ааһан, тимир суол үлэһиттэрин оҕолорун хуоругар киирбитэ. Хуор салайааччыта аатырбыт композитор быраата Семен Осипович Дунаевскай этэ. Валя уонна хаһан да атын идэни талабын диэбэтэҕэ: кини ырыаһыт эрэ буолар баҕалааҕа. 1964 сыллаахха Валентина Москубатааҕы култуура судаарыстыбаннай институтун хуор-дирижёр салаатыгар үөрэнэ киирбитэ.
Юрий Саульскай
Юрий Саульскай сэбиэскэй эстрада номоххо киирбит новатор-композитора этэ. Кини суруйар муусуката бастакы аккордарыттан тута биллэрэ. Кини кыратыттан арҕааҥҥы джаз-муусукатын ордороро. Оччолорго джаз “омук дойдутун буортулаах сабыдыала” дэнэрэ. Сэрии саҕаламмытыгар, уолчаан Сибииргэ эвакуацияҕа байыаннай-мусукаалынай училищеҕа киирэн үөрэммитэ, 1945 сыллаахха Кыайыы параатыгар кыттыбыта: байыаннай аркыастырга валторнаҕа оонньообута. Джаз ити кэмнэргэ үүрүүгэ-үтүрүллүүгэ сылдьара. 1948 сыллаахха ССРСка джаһы толорор үгүс үстүрүмүөннэр, холобур, саксофон, бобуллубута.
Саульскай санаатын түһэрбэтэҕэ, кэргэннэммитэ, консерваторияҕа үөрэнэ киирбитэ, киэһэтигэр мусукааннаан, джаз толорон, дьиэ кэргэнин иитэр харчыны булунара. Консерватория учууталлара Саульскайы хайгыыллара, муусуканы чинчийэр учуонай буолуо дииллэрэ. Ол эрээри кини эстрадаҕа суолун булбута, таптыыр жанрыгар – джазка төннүбүтэ. Дьылҕата кинини джаз улуу мусукаана Эдди Рознеры кытта көрсүһүннэрбитэ. Рознер сэриини, лааҕырдары, джаһы бобууну барытын ааспыт киһи этэ. Кинини кытта бииргэ үлэлээбит сыллара Саульскайга саамай күндү кэм этэ. Кинилэр Эльдар Рязанов “Карнавальная ночь” диэн аатырбыт киинэтигэр бииргэ муусука суруйбуттара, киинэҕэ Рязанов Рознеры уһулбута баар.
***
1957 сыллаахха Москубаҕа ыытыллыбыт ыччат Аан дойдутааҕы бэстибээлэ Сэбиэскэй Сойууска улахан сабыытыйа этэ. Сэбиэскэй ыччат 130 араас дойдуттан мустубут үөлээннээхтэрин кытта көрсөн, алтыһан, көҥүл амтанын билбиттэрэ. Бэстибээл чэрчитинэн ыытыллыбыт джаз куонкуруһугар иккис миэстэни Юрий Саульскай аркыастыра ылбыта. Хомойуох иһин, ити кэм уһаабатаҕа. Аркыастыры арҕаа култуураны үтүктүүгэ буруйдаан, кириитикэлээн барбыттара, Саульскайы үлэтиттэн тохтоппуттара. Кини аранжировка суруйан, онон айаҕын ииттинэрэ. Арай 1960 сыллаахха үтүрүллүү тохтоон, Юрий Саульскай Москубатааҕы мюзик-холлу салайбыта, ССРС Композитордарын сойууһугар киирбитэ. Онтон “ВИО-66” диэн ансаамбылы тэрийэргэ көҥүллээбиттэрэ.
Джаз холбообута
Күһүн саҥа тэриллибит ансаамбылга Гнесин институтун устудьуона, эдэркээн Валентина Толкунова кэлбитэ. Билигин ахталларынан, ансаамбыл салайааччыта Саульскай Валентина дьикти кэрэ куолаһын истээт да, тута бу сэдэх куоластаах, сулус буолуох ырыаһыт кэлбитин таайбыта. Кини Варяны тута бэлиэтээн, эр киһилии болҕомтотун ууран барбыта. Кинилэр иккиэн элбэхтик дьарыктанар, кэпсэтэр, күүлэйдиир, бириэмэлэрин бииргэ атаарар буолбуттара. Саульскай Валентинаны элбэххэ үөрэппитэ. Айар үлэ умсулҕаныгар ылларбыт, муусукаҕа абылаппыт Пигмалион уонна кини үөрэнээччитин икки ардыгар таптал кыыма саҕыллыбыта. Валентинаны Саульскай киниттэн 20-чэ сыл аҕата да, кэргэннээҕэ-оҕолооҕо да тохтоппотоҕо. Ол курдук кини учууталыгар абылаппыта.
Оччотооҕу хаартыска баар: Валентина муодунай баҕайы кылгас хара былаачыйалаах, үрдүк бүрүчүөскэлээх джаз ыллыы турара. Валя итиннэ 19 саастаах. Саульскай – 37. Арааһа, эдэркээн нарын кыыс аттыгар Юрий олоҕу олорбут, уопуттаах арамаан дьоруойун курдук сананнаҕа буолуо? Туох билиэй? Биир сылынан кинилэр холбоспуттара. Валентина дьоллонон, чахчы, соҕотох тапталын – талааннаах, чаҕылхай, ураты киһини булбут курдук санаммыта. Кинилиин олохпут бүтүөр диэри бииргэ олоруохпут диэн эрэммитэ. Валя олох хайдах курдук охсууну оҥоруон сөбүн билэ илик килбик кыысчаан буоллаҕа...
Соҕотох кини дии санаабыта...
Юрий Сергеевич, чахчы, ураты киһи этэ. Кини эниэргийэтэ этэргэ дылы, “тыга” сылдьара. Ханнык-ханнык жанрга, кимиэхэ-кимиэхэ муусука суруйбатаҕай! Ол барыта талааннаах, ураты чаҕылхай, кимиэхэ да майгыннаабат истииллээх буолара. Кини элбэх аатырбыт киинэ муусукатын, ырыатын ааптара, ону таһынан, аркыастыры салайара, бэйэтэ дирижёрдуура, эдэр джазменнарга уонна рок-кэлэктииптэргэ көмөлөһөрө. Билигин ону “продюсердыыр” диэн ааттыыллар. Оттон оччолорго кини кэлин аар-саарга аатырбыт “Машина времени” уонна “Арсенал” ансаамбыллары өйөөбүтэ. Кинини киһи кыайан сырсыбат да этэ.
Валя кэргэнэ тугу этэриттэн, тугу саныырыттан, тугу айарыттан барытыттан сөҕөрө, кининэн киэн туттара, кинини өрө тутара. Ол эрээри эдэркээн кыыс саастаах, олох олорбут доҕоругар тэҥнээх паара этэ дуо? Валентина Саульскайы маҥнайгы таптала, бастакы эр киһитэ этэ. Сааһынан элбэх сыл балыс эдэркээн кыыс олоҕу билбит, уопуттаах, талааннаах учууталыгар сүгүрүйүүтүн кэргэннии олоххо эмиэ “көһөрбүтэ”. Валентина Саульскай өйүнэн-санаатынан, кини эппитинэн олороро, эрэ тугу эппитэ киниэхэ суруллубат сокуон этэ – кини ону үөрүүнэн ылынара. Биллэн турар, эр киһи бастаан ону сөбүлүө. Онтон... хал буолуо дуу?
***
Иккиэн мусукааннар, иккиэн талааннаахтар: барыта орун оннугар. Ситиһии да, аат-суол да, баай-дуол да баара. Саатар, эрэ үлэлиэ-айыа, олоруо этилэр буоллаҕа. Ол эрээри, арааһа, киһи олоҕо хаһан даҕаны эриэ-дэхси буолбат аналлаах. Кэргэн тахсарыгар Валя “Соҕотох тапталбын буллум” дии санаабыта баара, Саульскай атын дьахтары таптаабыта эрэлин үлтүрүппүтэ. Ол дьахтар аата эмиэ Валентина диэн, эмиэ кырасаабысса этэ. Арай ол Валентина атын тардар уохтааҕа, атын кистэлэҥнээҕэ – Саульскай харааччы иирэн хаалбыта. Бииргэ суоҕу атыҥҥа буллаҕа буолуо?
***
Саульскай бэйэтэ да сүрдээх “үлүһүйүмтүө” киһи этэ, ол барыта 5 кэргэннэнэ сылдьыбыттан да көстөр. Кини таптаата да, урукку кэргэнин хаалларан, саҥа дьахтары кэргэн ылара. “Тоҕо таптаабат киһибин кытта бииргэ олоруохтаахпыный?”—диэн бириинсиптээҕэ. “Мин кими да албынныахпын, кистээн көссүүлэһиэхпин баҕарбаппын”, – диирэ. Эмиэ да сөп курдук. Ойоҕу дуу, эри дуу албынныы-албынныы, “оҕо туһугар” эбэтэр “дьон үөҕүө” диэн сөбүлээбэт киһигин кытта бииргэ олороруҥ накаас буоллаҕа.
Киһи эрэ барыта кини курдук буолбатах: тахсан барарыгар ойохторугар уонна оҕолоругар кыбартыыраларын, туох баайдааҕын барытын хаалларан тахсара, дьонугар мэлдьи көмөлөһө турара. Валентина эрин тута, тохтото сатаабатаҕа, ытаабатаҕа, туох да диэн үөхпэтэҕэ-таныйбатаҕа – икки интэлигиэн дьон курдук, айдаана суох арахсыбыттара. Валентина даачатыгар тахсан соҕотоҕун икки нэдиэлэ сыппыта. Туох баар аһыытын-абатын, хомолтотун кистээн, атын, күүстээх, дьиппиэн киһи буолан төннүбүтэ.
Иосиф Кобзон этэрэ: “Валечка көрдөххө эрэ нарын дууһа, оттон дьиҥэ кини – ыстаал”.
“Мин кинини буруйдаабаппын...”
Кэлин киниттэн ыйыппыттарыгар: “Мин кинини туох да диэн буруйдаабаппын. Билигин эрэ өйдүүбүн: кини дьахтары буолбакка, муусукатын таптыыра, киниэхэ сулууспалыыра. Ону өйдөөбүтүм кэннэ, мин тута чэпчээбитим”, – диэбитэ. Ырыаһыт төбөтүн оройунан үлэтигэр түспүтэ. Гостуруол бөҕө, кэнсиэр бөҕө. 23 төгүл кини Бүтүн Сойуустааҕы “Сыл ырыата” (Песня года “) биэрии лауреата буолбута, Арассыыйа, Сэбиэскэй Сойуус куораттарын кэрийэ сылдьан, көрөөччүлэри кытта көрсүһүүлэри ыытара. Кини ырыатын истэн хас биирдии дьахтар, “Мин туспунан ыллыыр” диэн сөбө. Ол курдук, дууһа кылын таарыйар, сүрэҕи хамсатар дьикти иэйиилээх буолара кини толоруута. Оттон Саульскайы кытта үлэтинэн алтыһара, Юрий киниэхэ ырыа суруйан биэрэрэ, сүбэлиирэ, хаһан эрэ бэйэтэ арыйбыт талааныгар уруккулуу сүгүрүйэрэ. Бэйэтэ бэһис кэргэнин, суруналыыс Татьяна Кареваны кытта 24 сыл дьоллоохтук олорон өлбүтэ.
Валентина Толкунова, 30 сааһын ааһан баран, атын киһини көрсөн, кэргэннэммитэ, ол кэргэниттэн уолламмыта эрээри, кинилэр бииргэ олорботохторо. Кэргэнэ дипломат буолан, Соҕуруу Эмиэрикэ дойдутугар баран олорбута, онон кэргэниниин олохторо сатамматаҕа. Валентина күнэ-ыйа соҕотох уолларыттан тахсара эрээри, ырыаһыт үлэтиттэн ордон оҕотугар болҕомто уурбатаҕа, уола ийэтин өйдөөбөт буола улааппыта. Валентина Толкунова 2010 сыллаахха ыалдьан өлбүтэ. Норуот тапталлаах ырыаһытын аһыйыан аһыйбыта.
Оттон кини үлтүрүйбүт тапталын туһунан этэр буоллахха: өскө Валентина Толкунова сүрэҕэр Юрий Саульскай оспот бааһы хаалларбатаҕа буоллар, ырыаһыт таптал, дьахтар дьылҕатын туһунан дьикти иэйиилээх ырыаларын өйдүү-саныы сылдьыахпыт этэ дуо?
Инна ЕФРЕМОВА.