Бэс ыйын 20-21 күннэригэр Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар таҥара табатын курдук мааны, киэргэллээх, симэхтээх сахалыы таҥастаах дьон-сэргэ олус элбэх этэ. Чуолаан, ыал дьон кып-кыра оҕолорун кытары киһи хараҕа халтарыйар, кэрэхсиир гына сахалыы таҥыннарбыттар. Көрүөххэ олус астык.
Сахам мандар таҥаһын-сабын кэппит дьону-сэргэни, дьиэ кэргэни "Кыым" хаһыат суруналыыһа Туйаара Сиккиэр хаартыскаҕа түһэртээбит. Көрүҥ-сэргээҥ.