Мииринэйгэ Ойуунускай уулуссатын аттыгар турар Ботаническай саадпыт дьону угуйар, ыҥырар. Куорат, оройуон былаастара уонна “Кристина” сибэкки салона Ботаническай саады тэрийбиттэрэ аны икки сылынан сүүрбэ сылын туолуоҕа.
Мииринэйдээҕи Ботаническай саад аана сайын устата аһаҕас. Дьон сынньалаҥын биир саамай кэрэ-бэлиэ миэстэтэ.
Манна, 6.361 кв.м. иэннээх сиргэ, 35 араас, ол быыһыгар соҕурууттан төрүттээх, үүнээйи уонна мас баар. Тэриллиэҕиттэн ыла Мииринэйдээҕи Ботаническай саад үүнээйитэ үксүү, саҥаттан-саҥа көрүҥ баар буола турара үөрдэр.
Сирэм күөх саад дьикти-дьиибэ сибэккилэринэн, яблоняларынан, пихталарынан, акацияларынан «Кристина» салон уруккутун курдук ыкса дьарыктанар. Бу сибэккинэн дьарыктанар салоҥҥа, Ботаническай саад сыhыарыллыбыта аҥаардастыы туһалыы эрэ турар.
Күөх чээлэй саад дьикти-дьиибэ үүнээйилэринэн, Саха сиригэр көстүбэт мастарынан-отторунан үөрдэр, киһи дууһатын манньытар.
Манна, араҕас акация, пихта, Аян (Дьугдьуур) харыйата, яблоня, бэс, сарбынньах силигилээн үүнэ тураллар. Моонньоҕон, дөлүһүөн, ирга, калина, сарбынньах, жимолость – толорулар.
Саха сирин ханнык да муннугуттан Мииринэйгэ кэлээччилэр, бука диэн, биһиги Ботаническай саадпытыгар сылдьыҥ, ыалдьыттааҥ, сынньаныҥ. Куорат киинэ. Онон сатыы да сылдьыахха сөп.
Станислав Алексеев. Мииринэй куорат. Ааптар хаартыскалара.