Киир

Киир

Саха сирэ Арассыыйаҕа биир киһиэхэ (экономически активный гражданин) тиксэринэн саамай элбэх кирэдьииттээх үс эрэгийиэн иһигэр киирбит. Ити чахчыны “РИА Новости” бэйэтэ чинчийэн быһаарбыт.

Ааҕыныстыба үлэһиттэрэ “Саха сирин хас биирдии олохтооҕо бааннарга уопсайа 513 тыһ. солк. иэстээх” диэн быһаарбыттар. Ити – иэһи нэһилиэнньэ уопсай ахсааныгар таһаардахха.

Эмиэ биирдии киһиэхэ тиксэринэн, бастакы миэстэҕэ Ямал-Ненец автономиялаах уокуругун олохтоохторо тахсыбыттара – 611,8 тыһ. солкуобай. Ити кэннэ Югра кэлэр – 567,5 тыһ. Онтон Саха сирэ – 513,1 тыһ. солк.

“Бэрт кыра иэстээхтэр” диэҥҥэ, сүрүннээн, соҕурууҥҥу эрэгийиэннэр киирбитэр. Холобур, Ингушетия көрдөрүүтэ 36 000 солк. тэҥнэспит. Ити кэннэ Чечня уонна Дагестан кэлэллэр – 70,9 уонна 74,8 тыһ. солк.

Москуба бэйэтэ 13-с миэстэҕэ сылдьар. Онно биир киһи бааннарга, ортотунан, 390,5 тыһ. солк. иэстээх.

Санааҕын суруй