Сойуом ылаары бааҥҥа сайаапка биэрбит дьон тус дааннайын туһанан, кэмиэрчэскэй баан 29 саастаах үлэһитэ 7 кирэдьиити ылан туһаммыт.
Силиэстийэ быһаарбытынан, хара санаалаах үлэһит, 2021 муус устар ыйыттан 2022 олунньутугар диэри командировкаларга сылдьан, Үөһээ Бүлүү, Уус Майа, Чурапчы, Томпо улуустарын уонна Дьокуускай куорат олохтоохторун ааттарынан сымыйа кирэдьиит дуогабардарын толорбут. Онтунан харчылаах каарталары ылаары, бэйэтин нүөмэрин биэрбит, ол кэннэ түспүт харчыны уһулан бэйэтэ туһаммыт. Албынынан ылыллыбыт кирэдьиит сууммата 2 мөлүйүөнтэн тахсыбыт.
Түөкүн сиэртибэлэрэ, кинилэр ааттарынан ким эрэ кирэдьиит ылбытын билэннэр, 2021 күһүнүттэн саҕалаан үҥсэн барбыттар. Онуоха Арассыыйа ИДьМ Саха сиринээҕи межмуниципальнай управлениетын Экономическай кутталы уонна коррупцияны сэрэтэр отделын үлэһиттэрэ үбү-харчыны уорууга баан менеджерэ сыһыаннааҕын быһаарбыттар. Онон, киниэхэ Холуобунай кодекс 159-с «Түөкүннээһин» ыстатыйатынан дьыала тэриллибит.
Силиэстийэ түмүктэнэн, Арассыыйа ИДьМ «Саха сиринээҕи» межмуниципальнай управлениетын силиэстийэлиир салаата дьыаланы суукка ыыппыт. Ол кэмҥэ буруйданааччы атын сиргэ барбат туһунан илии баттаан олорбут. Сотору хара санаалаах эдэр үлэһит суут ыскаамыйатыгар олоруо.
Сонун төрдө: CӨ ИДьМ пресс-сулууспата