Киир

Киир

Бэс ыйын 16 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар уопсайа 46606 гаа иэннээх сиргэ алта ойуур баһаара күүдэпчилэнэр.

Бу туһунан эрэгийиэннээҕи ЫБММ управлениета иһитиннэрэр. 69,9 гаа иэннээх сиргэ уот улаханнык күүдэпчилэнэр. Суукка иһигэр 7 ойуур уота турбут, биирин умулларбыттар, баһаар иэнэ 2 197 гектаарынан кыччаабыт. Нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна экэниэмикэ эбийиэктэригэр ойуур уота суоһаабат. Баһаардар саҕаныахтарыттан, өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 126 ойуур уота турбут.

Санааҕын суруй