Киир

Киир

Сахапарламент.ру портал телеграм туонатыгар «Голос Якутии» диэн инфобот арыйбытын туһунан иһитиннэрдэ. Манна киирэн элбэх туһалаах информацияны ылыахха сөп эбит. Аадырыһа https://t.me/SMKexpertbot.

Инфобот хамаандаларын туһанан, дьокутаат туһунан билиэххэ, киниэхэ ыйытыы биэриэххэ, ону сэргэ, саҥа сокуоннары, сонуннары, чахчылары, сүбэлэри уонна онтон да атыны булуохха сөп диэбиттэр.

Инфобот үлэтигэр этиилээх буоллаххытына, Этот адрес электронной почты защищён от спам-ботов. У вас должен быть включен JavaScript для просмотра. аадырыска «инфобот» диэн бэлиэлээх сурукта суруйуҥ эбэтэр «Обратная связь» диэн хамаанда көмөтүнэн суруйуҥ диэн Сахапарламент.ру портал сүбэлиир.

 Инфобот диэн тугуй? Судургутук быһаардахха, бу робот көмөтүнэн дьоҥҥо информация биэрэр өҥө буолар.

Сонун төрдө: “Ил Түмэн” бэчээт дьиэтэ

Санааҕын суруй