Киир

Киир

Сарсын, ахсынньы 14 күнүгэр, МСК бириэмэтинэн күнүс 12.00 чааска РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сылы түмүктүүр быһа эпиирэ ыытыллыаҕа. Маны сэргэ суруналыыстары кытта пресс-кэмпириэнсийэ буолуоҕа.

Бүгүҥҥү туругунан, Арассыыйа олохтоохторо Бэрэсидьиэҥҥэ 8-800-200-40-40 нүөмэринэн мөлүйүөнтэн тахса ыйытыыны ыыттылар. 0-40-40 нүөмэргэ СМС уонна ММС нөҥүө 434 тыһыынча, «Москва-Путину.ру» сайт нөҥүө 105 тыһыынча ыйытыы киирдэ. «ВКонтакте» уонна «Одноклассники» социальнай ситимнэринэн эмиэ ыытыахха сөп эбит.

Ыйытыыгыт быһа эпииргэ иһиллибэтэҕинэ даҕаны, хайаан даҕаны хоруйдаах буолуо диэн эрэннэрэллэр.  Бэрэсидьиэн пресс-сэкирэтээрэ Дмитрий Песков иһитиннэрбитинэн, Владимир Владимирович билигин ыйытыыларга хоруйдуурга бэлэмнэнэр. Киниэхэ Бүтүн Арассыыйатааҕы норуодунай фронт эспиэрдэрэ көмөлөһөллөр.

Бэйэ кэр.   

Санааҕын суруй