Киир

Киир

Уус Алдан улууһугар дьаһалта үлэһиттэрэ уонна олохтоох ыччат “Георгиевскай лиэнтэ” аахсыйанан 4000 тахса киһиэхэ лиэнтэлэри түҥэттилэр.

Бу аахсыйа улууска сыл аайы ыытыллар. Георгиевскай лиэнтэ Улуу Кыайыы бэлиэтэ буолар. Ону дьоҥҥо хайдах иилинэри быһааран туран түҥэттилэр. Бу күн олохтоох ГИБДД үлэһиттэрэ массыыналары тохтотон суоппардарга уонна пассажирдарга лиэнтэлэри бэлэхтээтилэр.

Санааҕын суруй