Киир

Киир

Бэс Күөлүгэр алдьархайдаах баһаардартан эмсэҕэлээбиттэргэ, дьиэлэрин былдьаппыт дьоҥҥо туох-ханнык көмө оҥоһуллуоҕай?

Социальнай ситимнэринэн Бэс Күөлүгэр сир-халлаан икки ардыгар туран хаалбыт дьоҥҥо 30 эрэ тыһ. солк. биэрэллэрин туһунан суруйаллар. Онуоха Суһал ыстаап иһитиннэрэринэн, көмө хас биирдии дьиэ кэргэн чилиэнигэр 30 тыһ. солк. көмөннөн эрэ муҥурдамматын тоһоҕолоон этэр.

  • Баайдарын-дуолларын сүтэрбит дьоҥҥо кэмпэнсээссийэ бэриллиэҕэ;
  • Дьиэлэрин былдьаппыт дьоҥҥо өрөспүүбүлүкэ босхо дьиэ тутан биэриэҕэ;
  • Билиҥҥитэ быстах кэмҥэ эвакопууҥҥа олорор дьону суһал табаарынан, аһынан-үөлүнэн хааччыйаллар;
  • Эмсэҕэлээбит ыал оҕолоро сынньалаҥ лааҕырдарыгар барыахтара;
  • ТХМ кэтэх уонна тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга кэмпэнсээссийэни көрүөҕэ;
  • Отторун уонна сүөһүлэрин былдьаппыт дьоҥҥо көмө оҥоһуллуоҕа;
  • Урбаанньыттарга урбааны өйүүр пуонда нөҥүө көмө оҥоһуллуоҕа.

 

Санааҕын суруй