Айсен Николаев быыбардааччы 71,41% куолаһын ылан, Ил Дархан аатын сүктэ. Ол туһунан СӨ Киин быыбардыыр хамыһыйата биллэрэр.
Саамай элбэх куолаһы Үөһээ Бүлүү, Таатта, Амма, Горнай уонна Уус Алдан улуустара биэрдилэр. Үөһээ Бүлүү - 95,23%, Дьокуускай - 66,05% куолаһы биэрдилэр. Оттон Айсен Николаевка саамай аҕыйах куолаһы Алдан (49,33%), Миирнэй (39,29%) уонна Нерюнгри оройуоннара биэрдилэр.