Киир

Киир

Саха сиринээҕи гидро-метео сулууспа салалта иһитиннэрэринэн, бүгүн сарсыарда салгын температурата Тээнэҕэ -8°, Өлөөҥҥө -6°, Покровскайга, Сунтаарга, Ньурбаҕа, Эйиккэ, Баатаҕай Алыытыгар -4°, Нагорнайга -3°. Маны сэргэ, Зырянкаҕа эмиэ тымныйда, манна термометр +3° көрдөрдө, оттон Өймөкөөҥҥө, Депутатскайга, Сылаас Күлүүскэ +2°, Чокурдаахха, Орто Халымаҕа, Үөһээ Дьааҥыга +1° буолла.

Өрөспүүбүлүкэ илин, хотугулуу-илин, арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр улахана суохтук уонна сөбүгэр соҕустук ардыа. Оттон соҕуруулуу-илин сорох сиринэн күүскэ түһүөҕэ.

Тыал орто күүстээх, киин оройуоннарга сорох сирдэринэн 9-14 м/с диэри дохсун тыаллаах, соҕуруулуу-илин 17-22 м/с диэри күүстээх тыаллаах буолуоҕа. Түүн температура -2,+3°, халлаан дьэҥкэрдэҕинэ хотугулуу-арҕаа -3 -8° тымныы, соҕуруулуу-арҕаа уонна Халымаҕа +7 +12°, оттон хоту уонна соҕуруулуу-илин +1 +6° буолара күүтүллэр.

Уус Майда, Алдан, Нерюнгри оройуоннарыгар сорох сирдэринэн 17-22 м/с диэри дохсун тыал түһүө, Уус Майдаҕа 11 мм уонна онтон үрдүктээх ардах уонна инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр.

Киин куораппытыгар улахан сөҥүү түһэрэ күүтүллүбэт, тыал хотугулуу-арҕааттан 3-8 м/с, күүһэ 8-13 м/ диэри тиийиэҕэ, күнүс салгын температурата+5 +7° буолуоҕа.

Санааҕын суруй